Салгыы
Пушкин хоһоонноро ыччаты үрдүккэ көтүттүннэр

Пушкин хоһоонноро ыччаты үрдүккэ көтүттүннэр

06.06.2024, 11:45
Хаартыска: ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Биһиги, Сэбиэскэй кэм үөрэнээччилэрэ,  тапталлаах бэйиэппит, улуу  Александр Пушкин хоһооннорунан улааппыппыт. Барытын өйтөн үөрэтэн, түгэн түбэстэр эрэ ааҕар буоларбыт.

Кэнники саха тылын учуутала буолан, аны сахалыы тылбаастарын умсугуйан ааҕабын.  Ол курдук, саамай сөбүлүүр хоһооннорбун «Кыһыҥҥы киэһэ» «Кыһыҥҥы суол» Күннүк Уурастыырап тылбаастаабытын 9 кылаастарга үөрэтэрбэр үөрэнээччилиин, учууталлыын иэйиибит киирэн олус долгуйан туран, нууччалыытын, сахалыытын ньиргиччи ааҕабыт. Онтон тэҥнээн көрөн, ырытар идэлээхпит. Мин  Дьуон Дьаҥылы «Сергей Есенини» тылбаастаабытын олус сөбүлээн ааҕар идэлээхпин.

Онтон билигин  Сайа Пушкины тылбаастыырын кэрэхсээн ааҕабын.

Улуу суруйааччыбыт хоһоонноро үүнэр көлүөнэ ыччаты үрдүккэ көтүттүн!

Валентина КРИВОШАПКИНА

 

+1
2
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 80% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: