Салгыы
Пушкин хоһооннорун өйүттэн ааҕан субурутар ытык кырдьаҕас

Пушкин хоһооннорун өйүттэн ааҕан субурутар ытык кырдьаҕас

31.01.2024, 21:01
Бөлөххө киир:

«Бассаапка» тарҕаммыт видеоҕа тыс этэрбэс тигэ олорон, Пушкин хоһооннорун өйүттэн ааҕан субурутар кырдьаҕаһы киһи бары сэргээтэ. Барахсан, бу өйө-санаата тобуллаҕаһын, тарбаҕа имигэһин, сүрэҕин-бэлэһин  көрүҥ! Дьэ, кини кимий?

Хаартыска: С.М. Кириллина тиксэриитэ

89 саастаах Михаил Петрович Николаев — тыыл бэтэрээнэ, «Учууталлар учууталлара», Ньурба улууһун Малдьаҕарыгар олорор. Ити видеону устубут кини кыыһа Сардаана Михайловнаны кытта төлөпүөнүнэн кэпсэттибит.

Сардаана Михайловна Кириллина бэйэтэ сааһын тухары акушерканан үлэлээн, биэнсийэҕэ тахсан баран, күн аайы туорт астаан атыылыыр, түүлээҕи имитэр буолбут. Атын хоско аҕата оронугар олорон, таба, тайах тыһыттан этэрбэс тигэн, дьоҥҥо уллаттаран, атыылыыр эбит. Тыһы бэйэтэ имитэр даҕаны. Ол олорон, өйүттэн хоһоон ааҕан добдугуратар. «Онон икки бизнесменнэр сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэ бөҕөбүт», — диэн кыыһа күлэр.

Эһээ тикпит этэрбэстэрэ.

Михаил Петрович тыс этэрбэстэри тигэн, сиэннэрэ дьиэлэнэллэригэр көмөлөһөр. Бу ылбычча киһи кыайбат үлэтэ эбээт! Харах кыраҕытык көрөрө, тарбах күүһэ, сатабыл ирдэнэр. Кини этэрбэстэрин хоту улуустарга, Эдьигээҥҥэ тиийэ, Саха сирин бары муннуктарыттан хамаҕатык атыылаһаллар.  Онон эһээлэрэ итинник дьарыктаах буолан, «бырыһыана суох кирэдьиит» биэрэн, 4 сиэнин дьиэлээбит. Дьэ, бу хайдаҕый? Ити курдук сиэннэрин үөрэттэрэн, үлэһит оҥортоон, билигин да көрө-истэ, бэрийтэлии олорор.

Былырыын оҕолоро төрөөбүт-улааппыт, ийэлээх аҕалара үйэлэрин тухары олорбут эргэ  дьиэлэрэ умайан хаалбыта. Ол дьиэ бэйэтэ мусуой курдук этэ — Николаевтар үйэлэрин тухары муспут маллара, баай бибилэтиэкэлэрэ, таҥастара-саптара, ону тэҥэ, элбэх тыс, тигиллибит этэрбэс умайан хаалбыта. Ол иһин кыыһа быйыл аҕатын бэйэтин дьиэтигэр көһөрөн киллэрэн, кыстатар.

Михаил Петрович, дьиҥэ, 1934 сыллаахха төрөөбүт эрээри, дьоно оскуолаҕа биэрэллэригэр биир сылы хойутаан суруйтарбыттар. Онон, дьиҥэ, 90-с хаарын санныгар уулларан эрдэҕэ. 1959 сыллаахха Саха госуниверситетын бүтэрэн баран, биир сыл «райкомолга» үлэлээбитэ. 1960 сылтан Малдьаҕарга «Лесной» оскуолаҕа саха тылын, литературатын учууталынан үлэлээн саҕалаабыта.

Учуутал тиийбэт буолан, физкультура учууталынан үлэлээбитэ, оҕолору хайыһарга дьарыктаабыта. Кини пединститут, кэлин СГУ хайыһарга хамаандатын бастыҥ хайыһардьыта этэ. Кэлин Ньурба оройуонугар чулуу хайыһардьыттары бэлэмнээн таһаарбыт улахан өҥөлөөх. Оройуон бастыҥ хайыһардьыт оҕолоро киниэхэ анаан дьарыктана кэлэллэрэ.

Үйэтин тухары саха тылын, история, физкультура учууталынан, саабыһынан, дириэктэринэн үлэлээбитэ, өссө да үлэлиэх киһи, 1989 сыллаахха атаҕын эчэтэн, тохтообута. Аты айааһыы сылдьан, акка состорон, атаҕын силгэтэ быстан, эпэрээссийэлэнэн, инбэлиит буолан, үлэтиттэн тохтообута, ол эрээри, хаһан да таах олорботоҕо. Учууталлаабыт ыстааһа — 45 сыл.

Бу оскуолаҕа химия, биология учууталынан үлэлиир Елена Степановнаны кытта ыал буолан, 5 оҕону төрөтөн, улаатыннарбыттара, үйэ аҥаарын кэриҥэ бииргэ иллээхтик, дьоллоохтук олорбуттара. Елена Степановна оскуолаҕа сибэкки бөҕөтүн үүннэрэрэ. Кэргэнэ киниэхэ көмөлөһөн, сибэкки иһиттэрин оҥороро, буор таһара. Оскуола көрүдүөрэ, кылаастар, тиэргэнэ бүтүннүү сибэккинэн симэнэллэрэ. «Ханна да суох сиэдэрэй, дьиҥнээх оскуола-саад!» диэн Гавриил Чиряев кэлэ сылдьан, сөҕөн, биирдэ саҥа аллайбыттаах…

Михаил Петрович учуутал буолан, хоһооннору өйүттэн ааҕар дьоҕурун сүтэрбэт. Олус элбэх хоһоону нойосуус ааҕар. Урут кинигэни «ынырыктык» ааҕара үһү. Ньурба лиирик бэйиэтэ Николай Чуору кытта доҕордоһоро. Билигин да Чуор үгүс хоһооннорун өйүттэн ааҕан биэрэр. Ордук Пушкин, Лермонтов хоһооннорун сөбүлээн ааҕар. Төһөлөөх да уһун хоһоону бүтүөр диэри өйүгэр тута сылдьара сөхтөрөр. Арааһа, билигин эдэр дьон биир-икки хоһоону толору  ааҕаллара саарбах…

Кириллиннэр "Арыыга" бырайыакка кыайбыт уолаттарын кытта

Өссө биир интэриэһинэйэ диэн, Сардаана Михайловна икки уола  саха тэлэбиидэнньэтигэр ыытыллыбыт «Арыыга» бырайыакка кыттан, кыайбыттар. Бастаан улахан уола, Ньурба тыйаатырыгар артыыһынан үлэлээбит Александр кыайбыта. Александр Семеновиһы эдэрин көрүмэҥ, улууска тарбахха баттанар оһуохайдьыт, ырыаһыт. Билигин аҕатын батыһан, Накыыҥҥа үлэлээн эрэр.

Онтон кини быраата Артем: «Мин да убайбын батыһан, бэйэбин холонон көрүөм этэ» диэн баран, былырыын бырайыакка кыттан, кыайбыта. Артем Семенович билигин Малдьаҕар оскуолатын дириэктэринэн үлэлээн эрэр.

Онон Михаил Петрович сиэннэрэ эһээлэрин удьуордаан, үгүстэрэ учууталлар, спортсменнар, артыыстар…

Бу ураты ыал туһунан сиһилии «Саха сирэ» хаһыакка ааҕаарыҥ.

+1
23
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: