«Пушкин каартатын» туһаныыга Опера, балет тыйаатыра бастаата

Share

«Пушкин каартатын» көмөтүнэн, тыһыынчанан оҕо култуура тэрилтэлэригэр сылдьар, кэрэҕэ кыттыһар кыахтаннылар. 

«Пушкин каартата» култуура, дьиэ кэргэн сыаннастарын иҥэрэргэ, духуобунай-патриотическай, сиэр-майгы иитиитигэр улахан кылаатын киллэрэр. Учууталларга эмиэ көмөлөөх — бүтүн кылааһы уруокка сыһыаннаах испэктээкилгэ, быыстапкаҕа сырытыннарыахтарын сөп.

Опера, балет тыйаатырыгар «Пушкин каартатынан» тыйаатыр кэтэх өттүгэр киирэн, экскурсиялыахха сөп. Онон оҕолор тыйаатырга интэриэстэрэ күүһүрэр.

Чуолаан Д.К. Сицев-Суорун Омоллоон аатынан Опера, балет тыйаатыра «Пушкин каартатын» туһаныыга лиидэр буолла диэн култуура министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

2024 сылга тыйаатыр 4,1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 5382 билиэти биэрбит. 2022 сылтан барыта 14,1 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 22 тыһыынча билиэти оҕолорго биэрбиттэр.

Бу кэнниттэн Саха тыйаатыра иһэр — ааспыт сылга 3,5 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 4506 билиэти биэрбиттэр. Кэнники үс сылга — 13,4 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 16 924 билиэти биэрбит.

Үһүс миэстэҕэ Пушкин аатынан Нуучча драматическай тыйаатыра таҕыста — ааспыт сылга 1,9 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 3645 билиэти биэрбит, 3 сыл иһигэр 5,9 мөлүйүөн солкуобай суумалаах 13 100 билиэти биэрбит.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

11 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

43 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

1 час ago