Пушкины ааҕабыт
Куонкуруска кыттыҥ.
А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ нуучча улуу бэйиэтэ А.С.Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар уонна Арассыыйаҕа Пушкин күнүнэн «Народы читают Пушкина» куонкуруска кыттаргытыгар ыҥырар.
Күөн күрэс кулун тутартан ыам ыйыгар диэри ыытыллар.
Уус-уран айар кэлэктииптэри, уһуйааннары, оскуолалары, орто анал үөрэх тэрилтэлэрин, үрдүк үөрэх кыһаларын, тэрилтэлэр уус-уран кэлэктииптэрин, дьиэ кэргэттэри кыттарга ыҥыраллар.
Ыраах улуустар бэрэстэбиитэллэрэ куйаар ситиминэн (видеонан) кыттыахтарын сөп.
Күрэс А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин көстүүнэйигэр ыытыллар.
Тэрээһин сыала-соруга А.С.Пушкин литературнай нэһилиэстибэтин киэҥ далааһынныырга үлэлэһии.
Күөн күрэскэ кыттааччылар саастарынан бөлөхтөргө арахсаллар:
I бөлөх: уһуйаан оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорун бөлөҕө, алын сүһүөх, 1-4 кылаастар.
II бөлөх: 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ.
III бөлөх: орто анал үөрэх, үрдүк үөрэх устудьуоннара, 25-гэр диэри уонна онтон үөһэ саастаахтар.
Куонкуруска хоһоону өйтөн ааҕаллар: 5 мүн. диэри биирдиилээн толоруу, литературнай-музыкальнай композиция, А.С.Пушкин айымньытынан 10 мүн. диэри инсценировка.
Сайаапканы уонна видеонан устууну электроннай почтаҕа ыытаҕыт: soldatolga60@gmail.ru
I бөлөх – кулун тутар 29 күнүгэр диэри.
II бөлөх – муус устар 26 күнүгэр диэри.
III бөлөх – ыам ыйын 25 күнүгэр диэри.
Тэрийэр кэмитиэт:
677000, Дьокуускай, Поярков уул. 4; А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ, II мэндиэмэн, 1 №-дээх хос.
Тэрийээччилэр төлөпүөннэрэ:
Солдатова Ольга Робертовна 89243665011
Павлова Марина Юрьевна 89243665662
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: