«Пути великих свершений» эспэдииссийэ кыттыылаахтара Өлүөхүмэ түмэлигэр сырыттылар
Тохсунньу 4 күнүгэр «Пути великих свершений» эспэдииссийэ кыттыылаахтара Өлүөхүмэҕэ тиийбиттэр.
Бастатан туран кинилэр Өлүөхүмэтээҕи кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сырыттылар. Ол туһунан «Олекма» хаһыат суруйар. Түмэл дириэктэрэ Ирина Никифорова Өлүөхүмэ 390 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиирин туһунан кэпсээтэ. Оройуоҥҥа көмүһү хостооһун устуоруйатын кэпсииригэр Ирина Никифорова 1957 сыллааҕы Бодайбо приискаларын хаартыскалардаах альбомун ыалдьыттарга көрдөрдө. Эспэдииссийэ чилиэттэрэ 1912 сыллаахха Өлүөхүмэ уонна Витим уокуруктарыгар Иркутскай губерниятын хайа бырамыысыланнаһын бородууксуйатын атыылыырга анаан тэриллибит Өлүөхүмэтээҕи АУо кыһыл көмүс бырамыысыланнаһын Устаабын олус интэриэһиргээн көрдүлэр.
Оройуон устуоруйатыгар биир улахан бэлиэ түгэнинэн Иркутскай-Якутскай дьаамсыктар тыраагын үлэлэтии буолар. Түмэлгэ дьаамсыктар тэриллэрэ уо.д.а. эспэнээттэр олус элбэх. Дириэктэр араас буоста ыстаансыйаларын чуорааннарын кэллиэксийэтин көрдөрдө — оройуоҥҥа барыта 28 чуораан баар эбит. Өлүөхүмэ уокуругар 13 таҥара дьиэтэ баар эбит, олортон саамай сүрүнэ 1870 сыллааҕы тутуу — Спасскай собор буолар. Ыалдьыттар интэриэстэрин саллааттар хорсун быһыыларын устуоруйатын кэпсиир Албан аат саалата тарта. Манна Аҕа дойду Улуу сэриитин уонна анал байыаннай дьайыы фроннарын эспэнээттэрэ туруоруллубуттар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: