Салгыы
Путин: «Арассыыйа байыаннайдарыгар сэбилэниилээх өрө турууну самнарарга сорудах бэрилиннэ»

Путин: «Арассыыйа байыаннайдарыгар сэбилэниилээх өрө турууну самнарарга сорудах бэрилиннэ»

Ааптар:
24.06.2023, 19:15
ТАСС
Бөлөххө киир:

Бэс ыйын 24 күнүгэр Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа гражданнарыгар, Сэбилэниилээх күүстэригэр уонна бэрээдэги харыстыыр уорганнарга туһаайан этии оҥордо.

Бу этиитигэр Арассыыйа байыаннайдарыгар сэбилэниилээх өрө туруу тэрийээччилэрин самнарарга сорудах бэриллибитин туһунан биллэрдэ. Ону кытта куттаан уонна албыннаан ыар буруйу оҥорууга кучуллубут өрө туруу кыттааччыларыгар туһаайан норуот дьылҕата быһаарыллар кэмигэр биир сомоҕо буолууну алдьатар дьайыы суох буолуохтааҕын эттэ.

“Бу бэйэ норуоту, бойобуой табаарыстары утары барыы буолар. Дойдуга, норуокка көхсүттэн киирэн охсуу буолар. Бу маннык хатыламматын курдук дьаһаныахха, норуоппутун, судаарыстыбыннаспытын ханнык баҕарар кутталтан көмүскүөҕүҥ”, — диэн бэрэсидьиэн эттэ.

Путин этэринэн, таҥнарыы суолугар үктэммит дьон сөптөөх дьүүллээһиҥҥэ тардыллыахтара. Москваҕа, Москва уобалаһыгар уонна кэккэ эрэгийиэнннэргэ террору утары миэрэлэр ылыннылар. Ростов-на-Дону куоракка балаһыанньаны тосту көннөрөр туһугар кытаанах дьаһаллар ылылыныахтара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 сентября
  • 4°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 87% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: