Путин Дьокуускайга «Килбиэннээх үлэ куората» ааты иҥэрэр ыйаахха илии баттаата

Путин Дьокуускайга «Килбиэннээх үлэ куората» ааты иҥэрэр ыйаахха илии баттаата

Ааптар:
15.11.2022, 23:28
Бөлөххө киир:

Владимир Путин сэтинньи 15 күнүнээҕи ыйааҕынан Дьокуускайга «Килбиэннээх үлэ куората» үрдүк ааты иҥэрдэ.

Ил Дархан Айсен Николаев телеграмм-каналыгар ити үтүө сонуну үллэһиннэ. «Саха сиригэр икки куорат — Дьокуускай уонна Алдан — ити үрдүк ааты сүгэринэн киэн туттабыт», — диэтэ кини. Алдаҥҥа былырыын балаҕан ыйыгар РФ Бэрэсидьиэнин Ыйааҕынан итинник ааты иҥэрбиттэрэ.

Видеосибээс нөҥүө Ново-Огаревоҕа Владимир Путин ыыппыт «Победа» тэрийэр кэмитиэт мунньаҕар үрдүк ааты иҥэрэр туһунан кэпсэттилэр. Арассыыйа наукаларын академията иһитиннэрбитинэн, быйыл 11 сайаапка киирбит.

РНА бэрэсидьиэнэ Геннадий Красников: «Тэрилтэлэрэ Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыт Дьокуускай ураты миэстэни ылар. Дьокуускай оборуона бырамыысалыннаһын базата буолбута. Сэрии кэмигэр манна 40 тонна кыһыл көмүс, дойду сүлүүдэтин аҥаарыттан ордуга хостоммута. Бу кыһыллыҥы өҥнөөх сүлүүдэ  электроприбордар изоляциятыгар туһаммыттара», —  диэтэ.

Дьокуускайы сэргэ үрдүк ааты Астрахаҥҥа, Вологдаҕа, Горловкаҕа, Златоустка, Каспийскайга, Луганскайга, Норильскайга, Орскайга иҥэрдилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: