Путин Этиитэ: Бүтүн аан дойду улахан болҕомтото туһаайылынна

Share

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2023 сыл олунньу 21 күнүгэр Москуба бириэмэтинэн 12:00 чааска дойду Федеральнай Мунньаҕар Этиитигэр бүтүн аан дойду улахан болҕомтото туһаайылынна.

Бэрэсидьиэн Этиитин Кириэмил Гостинай дворугар дьокутааттары, сенатордары таһынан байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтара иһиттилэр. Судаарыстыба Аҕа баһылыгын Этиитин үс федеральнай ханаал – «Бастакы ханаал», «Россия 1» уонна НТВ сырдатан иһитиннэрдилэр. Санатан эттэххэ, Владимир Путин саамай уһун Этиитинэн 2018 сыл олунньу 1 күнүгэр 1 чаас 55 мүнүүтэ устатыгар салҕанан барбыт Этиитэ буолар.
Лоп курдук, биир сыл анаар өттүгэр бу күн, 2022 сыл олунньу 21 күнүгэр, РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ Федеральнай Мунньаҕар ЛНӨ уонна ДНӨ сүбэрэнитиэттэрин билиниигэ этии киллэрбитэ уонна Владимир Путин уонна ЛНӨ салайааччыта Леонид Пасечник икки судаарыстыба өттүттэн доҕордоһуу, бииргэ үлэлээһин уонна хардарыта көмөлөһүү тустарынан дуогабарга илии баттаабыттара. Онон аан дойду каартатыгар ДНӨ уонна ЛНӨ диэн саҥа эрэгийиэннэр баар буолбуттара. Дойду Бэрэсидьиэнин Этиитэ бу даатаҕа сөп түбэһиитэ мээнэҕэ буолбата.
Дойду Бэрэсидьиэнэ бэйэтин Этиитигэр Арассыыйа Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэтигэр, экэниэмикэҕэ, социальнай эйгэҕэ ордук улахан болҕомтону туһаайда. Бастатан туран, В.В.Путин бу Этиитин Арассыыйаҕа олус уустук, тыҥааһыннаах, аан дойдуга тосту уларыйыылаах кэмҥэ иһитиннэрэрин бэлиэтээтэ. Итиэннэ тута байыаннай эпэрээссийэ суолтатыгар тохтоон, бу боппуруоска «судаарыстыба иннигэр турар соруктары бииртэн биир утумнаахтык быһаарыахпыт» диэн бигэтик эттэ.
Владимир Путин арҕаа дойдулар Украинаны бэйэлэрин уодаһыннаах былааннарын ситиһэр, улахан сэриини тардар сыалга соруйан туһаналларын бэйэлэрэ билинэллэрин, онуоха Украина норуота сиэртибэтэ буолбутун ыйда. Салгыы кини арҕаа дойдулар бары эрэннэриилэрэ үктэтиилээх сымыйа буолара көстөн тахсыбытын, Донбасс боппуруоһун эйэлээх суолунан быһаарар туһугар Арассыыйа тулуурдаахтык туруорсуута соруйан аахайыллыбатаҕын, Украина өттүттэн террористыы дьайыылар, итэҕэллээх дьону атаҕастааһын, бэлитиичэскэй сыалынан өлөрүү курдук, ынырыктаах дьайыылары көрбөтөҕө-билбэтэҕэ буола олороллорун эттэ.

“Биһиги бэйэбит дьиэбитин уонна дьоммут олоҕун көмүскүүбүт, арҕаалар сыаллара – тугунан да хааччахтаммат былаастаныы”, — диэтэ кини. Дойду Бэрэсидьиэнэ байыаннайдарга барыларыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, медиктэргэ, тимир суол үлэһиттэригэр, тутааччыларга, оборуона собуоттарыгар үлэлиир инженердэригэр, волонтердарга, Арассыыйа норуотугар бүттүүнүгэр улахан махталын биллэрдэ уонна Донбасска өлбүттэри биир мүнүүтэ чуумпуран кэриэстииргэ көрдөстө.
Маны сэргэ Бэрэсидьиэн байыаннайдарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл миэрэлэрин күүһүрдэр соругу туруорда. Хас биирдии байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр сыһыарыллыбыт социальнай үлэһит ананыахтааҕын, дьиэ кэргэттэргэ уонна байыаннай эпэрээссийэ бэтэрээннэригэр көмө, өйөбүл оҥорууга Анал пуонда тэриллиэхтээҕин, ол эрээри олохтоох былаастар бу пуондаҕа сигэнэн найыламматтарыгар кытаанахтык эттэ.
Арассыыйа аармыйатын уонна флотун сайыннарыыга бойобуой уопут улахан сыаналааҕын бэлиэтээн туран, маны сайыннарыы былааныгар дойдуну араҥаччылыыр ядернай күүстэр саамай аныгы көрүҥнэринэн хааччыллыы таһыма 91,3%-ҥа тиийбитин бэлиэтээн туран, Сэбилэниилээх Күүстэр бары көрүҥнэрин маннык таһымҥа таһаарар соругу туруорда.
Владимир Путин Арассыыйаҕа өстөөх арҕааҥҥы дойдулар биһиги судаарыстыбабытын иһиттэн куорҕаллаан суулларарга суоттаныылара тохтубутун бэлиэтээтэ. Итини этэн туран, Бэрэсидьиэн дойду экэниэмикэтин сайдыыта саҥалыы таһымҥа тахсан эрэрин, үгүс хайысхаларга күүстээх хамсааһын тахсар кыахтааҕын ыйда. Арассыыйа инникитин бэйэтин ис кыаҕын арыйан, арҕаа дойдулартан харчы, кирэдьиит көрдөөбөккө, иэскэ-күүскэ киирбэккэ, бэйэтин күүһүнэн, сатабылынан, төрүт үгэстэригэр тирэҕирэн салгыы сайдыаҕар улахан эрэллээҕин биллэрдэ. “Тас эргиэҥҥэ аахсыыга солкуобай өлүүскэтэ билигин икки бүк улаатта», — диэтэ Владимир Путин.

Мантан салгыы дойду салайааччыта култуура, доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин, социальнай эйгэ хайысхаларынан туох соруктар туралларыгар тохтоон, Федеральнай Мунньахха туһаайан, Этиигэ киирбит суолталаах боппуруостар олоххо киириилэрин туһааннаах сокуоннарынан хааччыйарга эттэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Оҕону ытырбыт ыты туттулар

Дьокуускай куорат Сайсары уокуругун  быраабата телеграмҥа ханаалыгар суруйбутунан, бүгүн, тохсунньу 8 күнүгэр, 15:20  чааска 03…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Алта массыына кыттыылаах суол быһылаана таҕыста

Бүгүн, тохсунньу  8 күнүгэр, Намныыр суол  14 км хас да массыына харсыспыт. Бу туһунан куораттааҕы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Доруобуйаҕа туһалаах сүбэлэр

Үрдүк категориялаах норуот эмчитэ, терапевт-быраас, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Анна Васильевна Дохунаева “Сааһырбыт дьоҥҥо сүбэлэр”…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Е” эбилик диэн тугуй?

Билигин “Е” диэн эбилигэ суох ас суоҕун кэриэтэ. Доруобуйаҕа буортулаах уонна кыра буортулаах диэҥҥэ арахсаллар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Долганнар түөлбэлээн олорор сирдэригэр талааннаах ыалы сэргээтим

Кылтасов Дмитрий Николаевич  төрөппүттэригэр  ахсыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Төрөппүттэрэ  удьуор туундара дьоно этилэр. Дмитрий…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кириэс мас сэтэ, «Хаһан даҕаны таҥхалаама!»…

Кириэс мас сэтэ Бу түбэлтэ ааспыт үйэ 50-с сылларыгар буолбут. Эргэ Саҥа дьыл бырааһынньыгар оскуола…

6 часов ago