Путин Саха сиригэр чугастааҕы кэмҥэ кэлэрин туһунан эттэ
Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин кулун тутар 12 күнүгэр «Лидеры России» куонкурус кыайыылаахтарын кытта көрүстэ.
Көрсүһүүгэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев кытынна. Көрсүһүүнү «Россия24» телеханаалга быһа эпииргэ көрдөрдүлэр.
Владимир Путин куонкурус бэһис түһүмэҕин кыайыылаахтарын кытары көрсөн кэпсэттэ, санаа атастаста.
Евгений Григорьев дойду Аҕа баһылыгар Уһук Илини уонна Дьокуускай куораты сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурарыгар махтанна. “Эһиги куораппыт сайдыытын маастар-былаанын бигэргэттигит. Бу биһиэхэ, 400-кэ тыһыынча нэһилиэнньэлээх куорат олохтоохторугар, сүрүн сомоҕолуур идиэйэ буолар. Оҕолортон саҕалаан аҕам саастаахтарга тиийэ. Кыра оҕолор биһиэхэ аквапаарка тутуллар диэтэхпитинэ, олус үөрэллэр. Биһиги маастар-былааммыт 2030 сылга диэри олоххо киириэхтээх. Бу биһиэхэ дьоһун суолталаах бырайыактарынан – Өлүөнэ муостата, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү итиэннэ да атын бырайыактар буолаллар. Онон 2032 сылга куораппыт 400 сыллаах үбүлүөйүн саҥалыы тыыннаммыт, аныгы куоратынан көрсүөхпүт», — диэн Евгений Григорьев иһитиннэрии оҥордо.
— Урут кэпсэппиппит курдук, чугастааҕы кэмҥэ Саха сиригэр эбэһээт тиийиэҕим, — диэтэ Евгений Григорьев этиитин кэннэ.
Санатан эттэххэ, “Саха сириттэн «Арассыыйа лидердэрэ» күрэххэ сыл аайы биир дойдулаахтарбыт ситиһиилэхтик кытталлар. Владимир Владимирович Путин көҕүлээһининэн номнуо тыһыынчаттан тахса эдэр исписэлиис идэтийбит хайысхатыгар өрө тахсар кыаҕы ылан туһаннылар
http://www.kremlin.ru/events/president/news/73646
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: