Путин Саха сиригэр чугастааҕы кэмҥэ кэлэрин туһунан эттэ

Share

Дойду Аҕа баһылыга  Владимир Путин кулун тутар 12 күнүгэр   «Лидеры России» куонкурус кыайыылаахтарын кытта көрүстэ.

Көрсүһүүгэ Дьокуускай куорат баһылыга  Евгений Григорьев кытынна. Көрсүһүүнү «Россия24» телеханаалга быһа эпииргэ көрдөрдүлэр.

Владимир Путин куонкурус бэһис түһүмэҕин кыайыылаахтарын кытары көрсөн кэпсэттэ, санаа атастаста.

Евгений Григорьев дойду Аҕа баһылыгар  Уһук Илини уонна Дьокуускай куораты сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурарыгар махтанна. “Эһиги куораппыт сайдыытын маастар-былаанын бигэргэттигит. Бу биһиэхэ, 400-кэ тыһыынча нэһилиэнньэлээх куорат олохтоохторугар, сүрүн сомоҕолуур  идиэйэ буолар. Оҕолортон саҕалаан аҕам саастаахтарга тиийэ. Кыра оҕолор биһиэхэ аквапаарка тутуллар диэтэхпитинэ, олус үөрэллэр. Биһиги маастар-былааммыт  2030 сылга диэри олоххо киириэхтээх. Бу биһиэхэ дьоһун суолталаах  бырайыактарынан – Өлүөнэ муостата, хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү итиэннэ да атын бырайыактар  буолаллар. Онон 2032 сылга куораппыт 400 сыллаах үбүлүөйүн саҥалыы тыыннаммыт, аныгы куоратынан көрсүөхпүт», — диэн Евгений Григорьев иһитиннэрии оҥордо.

Урут кэпсэппиппит курдук, чугастааҕы кэмҥэ Саха сиригэр эбэһээт тиийиэҕим, — диэтэ Евгений Григорьев этиитин кэннэ.

Санатан эттэххэ, “Саха сириттэн «Арассыыйа лидердэрэ» күрэххэ сыл аайы биир дойдулаахтарбыт ситиһиилэхтик кытталлар. Владимир Владимирович Путин көҕүлээһининэн номнуо тыһыынчаттан тахса эдэр исписэлиис идэтийбит хайысхатыгар өрө тахсар кыаҕы ылан туһаннылар

http://www.kremlin.ru/events/president/news/73646

What’s your Reaction?
+1
5
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
3
+1
2

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын кирэдьииккэ киирбит иэстэрэ сотуллуон сөп

ТАСС суруйарынан, дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кэргэттэрэ 10 мөл. солк.…

39 минут ago
  • Интервью
  • Сонуннар

Ырыа Мэҥкээр сиэнэ

I I Бишкектээҕи норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр  Гран-при ылбыт «Хаар куйаар номохторо» («Легенды вечных…

59 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Суруйааччы бэйэтин кэмигэр куруутун махтаныахтаах

Быйыл, сэтинньи бүтүүтэ, биһиги Саха сирин суруйааччыларын айар сойуустарын 90 сылын бэлиэтиэхпит. Бу 90 сылтан…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

3 часа ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

4 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

5 часов ago