Путин «Уһук Илиҥҥи ипотека» усулуобуйатын кэҥэтии туһунан сорудахтаата
15.11.2023, 11:13
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин «Уһук Илиҥҥи ипотека» бырагырааматын кэҥэтэр туһунан сорудаҕы РФ Бырабыыталыстыбатыгар биэрдэ.
Владимир Путин Уһук Илин федеральнай уокурукка олорор дьиэни атыылаһыыга чэпчэтиилээх кирэдьиит муҥутуур улахан кээмэйин 6 мөл. солкуобайтан 9 мөл. солкуобайга диэри үрдэтэр туһунан сорудахтаата. Ол гынан баран саҥа кыбартыыра иэнэ 60 кв м улахан эрэ буоллаҕына, кирэдьиит суумата 9 мөл. солк. диэри улаатар.
+1
1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: