Салгыы
Путин «Уһук Илиҥҥи ипотеканан» байыаннай дьайыы кыттыылаахтара эмиэ туһаныахтаахтарын туһунан эттэ

Путин «Уһук Илиҥҥи ипотеканан» байыаннай дьайыы кыттыылаахтара эмиэ туһаныахтаахтарын туһунан эттэ

Ааптар:
06.02.2024, 08:36
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Дойду Аҕа баһылыга  Владимир Путин  Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотеканан байыаннай дьайыы кыттыылаахтара эмиэ туһаналларыгар кыах бэриллиэхтээҕин туһунан эттэ. РФ бырабыыталыстыбатыгар  кулун тутар  1 күнүгэр диэри ипотека усулуобуйатыгар уларытыылары киллэрэн бэлэмнииллэригэр сорудахтаата. 

Онон, чэпчэтиилээх усулуобуйанан байыаннай дьайыы кыттыылаахтара сааһынан, дьиэ кэргэн балаһыанньатынан  хааччахтааһына суох туһаналларыгар кыах бэриллиэҕэ. Бырагырааманан байыаннай дьайыыга сылдьан өлбүт дьон дьиэ кэргэттэрэ эмиэ туһаныахтара. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев телеграмҥа суруйда.

Маны таһынан Уһук Илиҥҥи ипотеканан туһаналларыгар педагогтарга уонна миэдиктэргэ үлэлэрин ыстааһа ирдэммэт  буолуоҕа.

Уһук Илиҥҥи уонна арктическай ипотекаҕа өссө биир уларыйыы киирдэ. Ол курдук,  РФ арктическай зонатыгар  квадратнай миэтэрэ сыаната  ырыынак дьиҥ  сыанатынан олохтонуоҕа.

+1
6
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -40°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: