Путин уонна Жапаров байыаннай эйгэҕэ бииргэ үлэлэһиини күүһүрдүөхтэрэ
Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин бэҕэһээ Москваҕа Кыргызстан бэрэсидьиэнин Садыр Жапаровы кытары көрүстэ. Икки дойду лидердэрэ көрсүһүүлэрин түмүгэр бииргэ үлэлэһиини күүһүрдэргэ иһитиннэрии оҥордулар.
Икки дойду экэниэмикэни, атыыны-тутууну, бырамыысыланнаһы, энергетиканы, тыа хаһаайыстыбатын, култуураны, үөрэҕи, науканы, тырааныспар, суол-иис, о.д.а. эйгэлэри таһынан байыаннай дьыалаҕа бииргэ үлэлэһиини күүһүрдэргэ эттилэр.
“Киин Азия эрэгийиэннэригэр куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруостарын ырытан баран, икки дойду бэрэсидьиэннэрэ тастан киирэр кутталы бохсууга байыаннай уонна байыаннай-техническэй үлэни күүһүрдэргэ сөбүлэстилэр. Ол иһигэр Арассыыйа уонна Киргизия Өрөспүүбүлүкэтэ 2012 уонна 2017 сыллардаахха түһэрсибит дуогабардарын чэрчитинэн, байыаннай базалары, байыаннай-техническэй үлэни күүһүрдэргэ”, — диэн этиллэр докумуоҥҥа.
Ону сэргэ терроризмы утары охсуһууга, дойдулар информационнай хонууга харыстабыллаах буолууларыгар икки дойду күүстэрин холбоон салгыы да үлэлиэхтэрин туһунан кэпсэттилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: