Путин Дьокуускайга толору цикллээх киинэ павильонун тэрийэргэ сорудахтаата

Share

Владимир Путин Дьокуускайга элбэх хайысхалаах киинэ павильонун тутуутун хааччыйалларыгар дойду Бырабыыталыстыбатыгар уонна Саха сирин былааһыгар сорудахтаата. Сорудах ыам ыйыгар “Арассыыйаҕа креативнай экэниэмикэни сайыннарыы” быыстапкаҕа сылдьыытын түмүгүнэн бэрилиннэ. Манна дойду бэрэсидьиэнигэр киинэ павильонун бырайыагын билиһиннэрбиттэрэ.

“Саха Өрөспүүбүлүкэтин толорор былааһын уорганын кытта РФ Бырабыыталыстыбата Дьокуускай куорат куораттааҕы уокурукка толору цикллээх киинэ павильонун тутуутун хааччыйарга”, — диэн Кремль саайтыгар тахсыбыт сорудахтар испииһэктэригэр этиллэр. Ураты бырайыакка киинэни устар тыас-уус устуудьуйата, таҥыы, уотун-күөһүн көннөрүү, тас көстүүтүн тупсарыы уо.д.а. киирэллэр. Ону тэҥэ, бырайыагынан Арассыыйаҕа саамай улахан киинэ виртуальнай павильона көрүллэр. Элбэх хайысхалаах киинэ павильона Уһук Илиҥҥэ толору цикллээх киинэ технологиятын соҕотох киининэн буолуоҕа. Киинэни сылы эргиччи устар кыахтаныахтара.

Санатан эттэххэ, бу күннэргэ Саха сирэ дойдуга киинэ индустриятын өрө таһаарыыга бастыҥ эрэгийиэн быһыытынан бириэмийэни туппута. Бу туһунан СИА суруйар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago