Рационализатор Иннокентий Лонгинов от кэбиһэр кыраана дьон-сэргэ биһирэбилин ылла

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин олохтооҕо Иннокентий Лонгинов сопхуос кэмигэр Дьабыыл отделениетыгар наладчигынан, оробуочайынан үлэлээбитэ. Кини улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, үлэ бэтэрээнэ, чекист Н.В. Петров аатынан бириэмийэ лауреата, Дьабыыл нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо диэн биллэрэр «Эркээйи» хаhыат.

Иннокентий Иннокентьевич туһатыттан тахсыбыт тиэхиньикэни саҥардан, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах туттар тэриллэри оҥорбута тыа сиригэр үлэ дьонун сэҥээриитин ылыан ылар. Бастакытын 80-с сылларга Өтөх сайылыкка уокка холбонор үүт сойутары оҥорбута. Кэлин кэбиһиилээх оту тиэйэн аҕалан сүөкүүр, о.д.а. элбэх тиэхиньикэни оҥорон туһаҕа таһаарбыта. Быраҕыллыбыт “Владимировец” тыраахтар көхсүн булан аҕалан мини-тыраахтар оҥорбута, “Пионер” кырааҥҥа майгыннатан көтөҕөр кырааны оҥорбутун атыылаһан барбыттара. Дьиэтин таһыгар массыына киирэр аанын икки өттүгэр педаллары олордубут. Онто таһыттан киирэригэр массыына үктээтэҕинэ бэйэтэ арыллар, иһиттэн тахсарыгар биир оннук.

Анна, Иннокентий Лонгиновтар күтүөттэрэ Игорь Васильевич Дягилев Өймөкөөн улууһун Сордоҥноох нэһилиэгиттэн төрүттээх. Ийэтэ Марта Тимофеевна уонна ииппит аҕата Михаил Прокопьевич сайынын оҕолорго аналлаах “Быйаҥ” диэн үлэ уонна сынньалаҥ лааҕырын тэрийэн үлэлэппиттэрэ 10 сылтан лаппа тахсыбыт. Лааҕырга сүнньүнэн от оттууллар, күрүө туталлар. Манна элбэх оҕо сөбүлээн өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан сылдьар, үлэҕэ-хамнаска уһуйуллар. Михаил Прокопьевич үлэ сатабылларыгар: сиргэ-уокка хайдах сылдьарга, сиэргэ-туомҥа, мас хайытарга, от охсорго, тиэхиньикэни өрөмүөннүүргэ үөрэтэр. Марта Тимофеевна минньигэс бэйэ аһынан хааччыйар. “Быйаҥнар” сынньалаҥнарын эмиэ көхтөөхтүк, бэһиэлэйдик атаараллар. Араас элбэх күрэхтэр, ол иһигэр мээчик оонньуулара, остуол оонньуулара ыытыллаллар. Оҕолор төрөөбүт күннэрин бэлиэтииллэр, балыктыыллар, булт ньымаларыгар үөрэнэллэр.

Быйыл сайын Дягилевтар аҕа кылыннара, рационализатор Иннокентий Иннокентьевич Лонгинов Нуораҕанаттан тиийэн көһөрүллэ сылдьар от кэбиһэр анал кыраан оҥорон биэрбит. Сүнньэ тимир итиэннэ маһынан оҥоһуллубут ыһыллар-хомуллар олохтоох, 360 кыраадыс эргийэр, туормастаах, торуостаах кырааны үрдүк сиргэ көһөрөн туруора сылдьан быйыл илистибэккэ оттоооннор, Сордоҥноохтор махталлара улахан. Бу тэрил үлэтин устуу социальнай ситимнэргэ тарҕаммытын дьон-сэргэ киэҥник биһирээтэ.

Манна даҕатан эттэххэ, кини Майа олохтооҕо, дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаах элбэх тэриллэри оҥорор рационализатор Константин Лонгинов бииргэ төрөөбүт быраата буолар. Ини-бии Лонгиновтар бу курдук тыа сирин дьонун ыарахан үлэтин чэпчэтэр сыаллаах көдьүүстээх дьыалалара салҕана турарыгар баҕарабыт.

Марелла Баишева

What’s your Reaction?
+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

46 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago