Салгыы
Радомир Александров: «Кырачааннар чэгиэн доруобуйалаах күн сирин көрдүннэр»

Радомир Александров: «Кырачааннар чэгиэн доруобуйалаах күн сирин көрдүннэр»

16.10.2022, 15:30
Бөлөххө киир:

Быйыл 70 сааһын бэлиэтиир Радомир Иванович эмчит буоларга өссө оскуола сылларыгар быһаарыммыта. Кини Үөһээ Бүлүү оройуонугар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Бу дьиэ кэргэҥҥэ кинини сэргэ өссө алта уол уонна икки кыыс бааллара. Аҕалара Иван Егорович Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа этэ, олоҕун тухары холкуоска үлэлээбитэ. Иэримэ дьиэлэрин иччилээччи ийэлэрэ Харитина Ивановна оҕолорун, дьиэтин-уотун, хаһаайыстыбатын көрөрө.

– Биһиги ийэбит сотору-сотору ыалдьара. Оттон биһиги, оҕолор, киниэхэ хайдах да көмөлөһөр кыахпыт суоҕа. Тоҕус оҕо, тыа сирин ыарахан үлэтэ – бу барыта, биллэн турар, кини до­­руобуйатын айгыраппыта. Аҕабыт олоҕун кэнники сылларыгар эмиэ ыараханнык ыалдьыбыта. Дьэ, мин онуоха эмчит буоларга быһаарыммытым, – диэн Радомир Александров кэпсиир.
1972 сыллаахха эдэр киһи Томскайдааҕы мэдиссиинэ институтугар педиатрия факультетыгар туттарсаары барбыта. Оччолорго мэдиссиинэ институттарыгар, үгэс курдук, улахан куонкурустааҕа. Ол да буоллар, ыраах Саха сириттэн сылдьар уол дойду кырдьаҕас мэдиссиинискэй институттарыттан биирдэстэригэр, 1898 сыллаахха саха норуотун бастакы бырааһа, аатырбыт Прокопий Нестерович Сокольников үөрэнэн бүтэрбит институтугар киирбитэ.
1978 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн баран, эдэр быраас Амма уонна Орджоникидзевскай оройуоннарыгар үлэлээбитэ. Ол кэмнэргэ чуолаан педиатрдар олох тиийбэт этилэр, Радомир Александров Амма улууһугар соҕотох педиатр этэ.
– Тииҥ көлүөһэҕэ эргийэрин курдук үлэлээбиппин өйдүүбүн. Сарсыардаттан Оҕо төрүүр дьиэтигэр ыксыырым, онтон оҕо отделениетыгар барарым, эбиэт кэнниттэн поликлиникаҕа кыра­чааннар доруобуйаларын көрөрүм, онтон ыҥырыыларга, патронажка барарым. Элбэхтик үлэ кэнниттэн түүн ыҥырыыларга тии­йэрим. Чуолаан оро­йуон ыраах сытар учаастактарыттан суһал ыҥырыылар кии­рэллэрэ, онно 2-3 чаас айаннаан тиийэн, тута миэстэтигэр мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорбут. Орджоникидзевскай оройуонугар эмиэ итинник үлэлиирбит. Ол гынан баран, онно өрүс хаайар кэмигэр суһал ыҥырыыларга бөртөлүөтүнэн көтөрүм. Оҕолору быыһыахха наада этэ буоллаҕа.

Неонатолог-быраас, сэбиэдиссэй…

1982 сыллаахха Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ Радомир Ивановиһы Ленинградка килиниичэскэй ординатураҕа ыыппыта. Манна Радомир Александров бэрэпиэс­сэр, академик Н.П. Шабалов салайыытынан неонатологияҕа – саҥа төрөөбүт оҕолорго мэдиссиинискэй көмөнү оҥорорго анаан үөрэммитэ. Ординатураны бүтэрэн баран саҥа төрөөбүт кырачааннары көрөр-истэр неонатолог-быраас буолбута.
1984 сыллаахха ординатураны бүтэрбит эдэр неонатологы Дьокуускайга саҥардыы аһыллыбыт биэс этээстээх Оҕо төрүүр дьиэтигэр кырачааннар отделениеларын сэбиэдиссэ­йинэн анаа­быттара. Ол кэмнэргэ кырачаан оҕо өлүүтэ 19 промиллеҕа тэҥнэһэрэ, бу олус улахан көрдөрүү этэ. Ол иһин, сүрүн үлэ, болҕомто барыта кырачааннар өлүүлэрин аҕыйатыыга ууруллубута.
Радомир Александров дьахтар төрүүр кэмигэр, ордук оҕону быһа ылар эпэрээссийэҕэ, неонатологтар (урут микропедиатрдар диэн ааттаналлара) сүүс бырыһыан кытталларын ситиспитэ. Онон микропедиатрдар кырачааннары реанимация­ҕа көрөр буолуохтарыттан ыла кырачааннар өлүүлэрэ аччаан барбыта.
Ону таһынан отделение саҥа сэбиэдиссэйэ неонатологтар суукканы быһа дьуһуурустубалааһыннарын киллэрбитэ, кырачааннары көрөргө-истэргэ реанимация тэрилин атыылаһары ситиспитэ – Венгрия хас даҕаны инкубаторын атыыласпыттара. Онон, Оҕо төрүүр дьиэтигэр кыра ыйааһыннаах үс игирэлэри эмиэ бүөбэйдиир буолбуттара. Бу түмүгэр биэс-алта сыл иһигэр кырачааннар өлүүлэрин 4 төгүл аҕыйатар кыах баар буолбута.
Аныгы перинатальнай технологиялар киллэриллэннэр, куойка пуондатын көрдөрүүлэрэ тупсубута, кырачааннары эмтээһин уонна көрүү-истии хаачыстыбата тупсубута. Бу, бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ неонатальнай сулууспатын көхтөөх үлэтин түмүгэ этэ.

Перинатальнай киин тутуллуутун
сүрүннээччи

1990 сыллаахха Р.И. Алек­сандров доруобуйа харыстабылын миниистирин ийэ уонна оҕо аймах харыстабылын боппуруостарыгар солбуйааччынан анаммыта. Ити кэмҥэ Килиниикэ-диагностика киинин тутуу кэнниттэн Саха сирин бастакы бэрэ­сидьиэнэ Михаил Николаев Ийэ уонна оҕо аймах харыстабылын дьиэтин тутуу тиэхиньии­чэскэй сорудаҕын бэлэмнииргэ министиэристибэҕэ сорудахтаабыта. Киин биэс сылга тутуллар кэмигэр Радомир Иванович тутуу былаһааккатыттан тахсыбакка, Швейцария «Мабетекс» фирмата ыытар тутуутун бары түһү­мэхтэрин тус бэйэтинэн сүрүннээбитэ. Бу кииҥҥэ Саха сирин педиатрия­ҕа сулууспатын бары подразделениета олохсуйуох­тааҕа.
– Өссө тутуу ыытыллар кэмигэр биһиги Ийэ уонна оҕо аймах киинигэр поликлиника сулуус­патын бэлэмнээһиҥҥэ үлэлээн барбыппыт. Ол иһин, «узкай» исписэлиистэри бэлэмнииргэ Оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи полик­линикатын сулууспатын тэри­йэр туһунан бирикээс таһаарбыппыт. Сулууспаны Александра Дмитриевна Кычкина салайбыта. Ол курдук, исписэлиистэри эрдэттэн бэлэмнээн, Киин аһылларыгар поликлиника сулууспата хайыы үйэ толору бэлэм буолбута, – диэн Радомир Александров кэпсиир.
Ону таһынан Кииҥҥэ омук аныгы тэриллэрин атыыласпыттара.


Киин тутуутугар «бастакы» диэн тылы элбэхтик этиэххэ сөп. Ол курдук, Перинатальнай киин неонатальнай блогар кэмин иннинэ төрөөбүт итэҕэс кырачааннары бүөбэйдээн үтүөрдэр отделение олохтоохтук аһыллыбыта. Маны сэргэ өрөспүүбүлүкэ доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар кырачааннар сыстыганнаах ыарыыларын отделениета уонна реанимация отделениета бастакынан аһыллыбыттара. Ол түмүгэр кырачаан­нар ортолоругар сыстыган­наах ыарыы өрө турара суох буолбута. Киини тутууга вентиляция систиэмэлэрэ, икки үктэллээх гаас оһоҕо аан бастаан көрүллүбүттэрэ. Онон, мэдиссиинискэй тобохтору уонна биологическай матырыйааллары көдьүүскэ та­­һаарыы кыһалҕата быһаарыллыбыта, кырачааннар сымнаҕас инвентардарын сууйуу уонна стерилизациялааһын туспа линията баар буолбута.
Манна даҕатан эттэххэ, Радомир Иванович Перина­тальнай киин дириэктэрин неонатологияҕа солбуйааччынан үлэлии сылдьан, 20 сыл устата санитарнай авиациянан ыҥырыыларга бэйэтэ көтөрө – араас улуустарга 1,5 тыһыынча төгүл көтүһэн, орто дойдуга саҥа кэлбит кырачааннары быыһыыра, эмтиирэ, тыыннаах хаалалларын ситиһэрэ.
Өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар биир идэлээхтэрин кытары ыкса ситимнээх үлэ олохтоммута. Перинатальнай киин неонатолог-быраастара уонна реаниматологтара улуустааҕы балыыһалар быраастарыгар төлөпүөнүнэн уонна теле-мэдиссиинэ көмөтүнэн суукканы быһа сүбэлиир-амалыыр быраактыканы киллэрбиттэрэ.

* * *

Радомир Иванович Алексан­дров билигин 2017 сыллаахха Перинатальнай кииҥҥэ аһыллыбыт катамнез отделениетын салайар.
– Биһиги отделениебыт кэмин иннинэ төрөөбүт уонна өр кэмҥэ реанимация отделениетыгар бүөбэйдэнэр кырачааннарга ананар. Маннык оҕолор тахсан да баран ураты көрүүгэ-истиигэ наадыйаллар. Итинник кырачааннары 3 сыл устата биһиги кэтээн көрөбүт.
Уопсайынан, мин идэбин сөпкө талан неонатолог-быраа­һынан үлэлиирбинэн дьоллоохпун. Неонатологияҕа туох баар билиибин, күүспүн-уохпун саҥа төрөөбүт кырачааннарга биэрдим. Мин биир идэлээхтэрбэр, биир санаалаахтарбар олус махтанабын уонна үчүгэй исписэ­лиистэри кытары үлэлии сылдьарбыттан олус үөрэбин. Кинилэрэ суох мин тугу да ситиһиэм суох этэ. Акушер-гинекология сулуус­патын инники кыахтара ХХ үйэ саҥатыгар ким да санаан да көрбөтөҕүн курдук таһымҥа тии­йиэҕэ. Мин быраас быһыытынан баҕа са­­наам – кэмин иннинэ төрүүр иринньэх оҕолор суох буоллуннар, кыра­чааннар бары чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах күн сирин көрдүннэр», – диэн баҕа санаа­лаах өрөспүүбүлүкэ кырачааннарын «аҕалаатар аҕалара» Радомир Иванович Александров.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: