Радоница күн туох көҥүллэммэтий?

Радоница күн туох көҥүллэммэтий?

25.04.2023, 14:15
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Муус устар 25 күнүгэр православнай итэҕэллээхтэр Радоницаны – өлбүттэри кэриэстээһин күнүн бэлиэтииллэр.

Бу күн Дьокуускайга Маҕан, Бүлүүлүүр аартык, Птицефабрика кылабыыһалара сарсыарда 9 чаастан киэһэ 7-ҕэ диэри ааннарын аһыахтара. Полиция уонна мэдиссиинэ сулууспата дьуһуурунайдыахтара. Автовокзалтан 119-с №-дээх оптуобус чаас аҥаарын аайы Маҕан кылабыыһатыгар тиийэ айанныаҕа.

Радоница Пасха кэнниттэн 9 күн буолан баран, оптуорунньукка ыытыллар. Бу күн туох да бырааһынньык буолбат, таҥара дьиэтигэр бэргэһэлээһин (венчание) буолбат. Православнай христианнар өлбүт чугас дьоннорун ааттарын саппыыскаҕа суруйан хааллараллар, ону аҕабыт сарсыардааҥҥы литургияҕа ааҕар.

Таҥара дьиэтигэр сулууспаҕа сылдьан баран, кылабыыһаҕа бараллар. Пааматынньыгы сууйаллар, киһи уҥуоҕун хомуйаллар, аҕыраадатын кырааскалыыллар, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уураллар. Таҥара дьиэтиттэн чүмэчи илдьэн, үҥэллэр-сүктэллэр, көрдөһөллөр.

Дьиэлэригэр кэлэн баран, аһыыллар. Түннүккэ ыстакаан ууну уонна бурдук аһы уураллар. Аһыыр кэмҥэ остуолга үс кураанах тэриэлкэни уураллар.

Быраабыла быһыытынан, киһи уҥуоҕар аһы хаалларыллыбат. Ол оннугар умнаһыттарга, кыамматтарга ас биэрэллэр. Бу күн оҕуруокка үлэлиир, сири хаһар көҥүллэммэт. Дьиэттэн бөҕү таһаарар эмиэ табыллыбат – дьиэҕэ баар эйэлээх олоҕу, этэҥҥэ буолууну таһаараҕын диэн ааттыыллар. Этиһэр, мөҕүттэр көҥүллэммэт.

Сахалар киһи өлбүтүн кэннэ үс сыл буолан баран, уҥуоҕар сылдьыбаттар. Бу киһи кута үс сыл иһигэр иккистээн төрүүр диэн итэҕэлтэн тахсыбыт. Олус аһыйар, ытыыр-соҥуур буоллахха, өлбүт киһи кута сиртэн арахпакка, эрэйдэнэр диэн буолар.

Онон бу күн кылабыыһаҕа барбакка да эрэ,  чүмэчи уматан, “барбыт” дьону чуумпутук ахтан-санаан, махтанан, Таҥараҕа үҥэн ылыахха сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: