Сэтинньи 19-23 күннэригэр Москваҕа П.И.Чайковскай аатынан консерваторияҕа эдэр пианистарга норуоттар икки ардыларынааҕы II куонкурус үрдүк таһымнаах буолан ааста. Сэтинньи 19 күнүгэр куонкуруһу аһыы долгутуулаах, үөрүүлээх түгэнэ Н.Я.Мясковскай аатынан саалаҕа ыытылынна. Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары Москватааҕы консерватория ректора, РФ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, искусствоведение доктора, профессор Александр Сергеевич Соколов эҕэрдэлээбитэ куонкурус үрдүк таһымнанан эрэрин толору туоһулуур.
Москва консерваториятын ректора Александр Соколов эҕэрдэлииригэр бу куонкурус ыытылларыттан олус үөрэрин, Саха сирин уонна Бүлүү улууһун кытары үтүө үгэс салҕанарын бэлиэтиир. «Марк Жирков аатынан куонкурус биһигини түмэр уонна бииргэ үлэлиирбитигэр ыҥырар, угуйар, — диир кини. — Бу куонкуруска кыайтарбыт диэн суох, хас биирдии кыттааччы бэйэтин көрдөрөр кыахтанар уонна олус туһалаах, наадалаах уопуту ылар», — диэн этэр.
Иккис төгүлүн ыытыллар үтүөкэннээх тэрээһин түмүгүн таһаарар дьоро киэһэ бэҕэһээ, сэтинньи 23 күнүгэр, П.И.Чайковскай аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай консерватория аатырар-сураҕырар Рахманинов саалатыгар буолла.
Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар Чайковскай аатынан консерватория фортепианаҕа факультетын декана Андрей Писарев (дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ), Ангаратааҕы муусука университетын профессора Гехан Айбулус, Чайковскай аатынан консерватория доцена, Гнесиннар ааттарынан РАМ профессора Денис Чефанов, Дьокуускайдааҕы В. Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолатын доцена Ольга Гаврильева, Дьокуускайдааҕы В. Босиков аатынан Муусука үрдүкү оскуолатын преподавателэ Елена Михеева уонна Чайковскай аатынан Москватааҕы консерватория, Гнесиннар ааттарынан муусука училищетын преподавателэ Иван Кощеев бааллар.
Наҕараадалары туттарыах иннинэ куонкуруһу тэрийиигэ быһаччы кыттыбыт дьон эҕэрдэ тылларын, санааларын эттилэр. Ол курдук, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Чайковскай аатынан судаарыстыбаннай консерватория фортепианаҕа факультетын декана Андрей Писарев: “Үс күн устата оҕолор пианиноҕа толорууларын иһиттибит. Бастакы куонкуруһу кытта тэҥнээтэххэ, кыттааччылар таһымнара, маастарыстыбалара үрдээбит. Биллэн турар, бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаабаттык, уратытык оонньоотулар. Бу буолар муусука сүрүн уратыта. Биһиги талааннары көрдүбүт-иһиттибит. Куонкурус аата куонкурус, кимнээх эрэ кыайан аһыллан оонньооботулар. Кинилэргэ анаан сүбэ-ама биэрдибит. Инники өттүгэр өссө улахан ситиһиилэри баҕарабын. Манан эрэ тохтоон хаалбакка, инникигит диэки кимиилээхтик хардыылаан иһиҥ, оччоҕо барыта сатаныа”, — диэн куонкурус үрдүк таһымнаахтык ааспытын бэлиэтээн эттэ.
Салгыы эҕэрдэ тылы РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлин солбуйааччы Александр Сафронов: “Бу куонкурус Арассыыйатааҕы муусука уопсастыбатын билиниитин ылбыта элбэҕи туоһулуур, олус үчүгэй. Улуу композитор Марк Жирков саха муусукатын Прометея буоларын өссө төгүл итэҕэйдибит, киэн тутуннубут. Муусука, култуура туохтан да тутулуктаммакка, барыбытын сомоҕолуур, ситимниир олус сүдү күүстээх.
Санатан этэр буоллахха, биһиги Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев муусука оруола улаханын өрүү бэлиэтиирэ. Ол этэрин туоһулаан, Дьокуускайга Муусука үрдүкү оскуолатын туттаран үлэҕэ киллэрбитэ. Билигин бу оскуола бары өттүнэн таһаарыылаахтык үлэлиир. Марк Жирков аатынан үһүс куонкурус ыытыллар буолбутуттан бары үөрдүбүт. Барыгытыгар өссө төгүл ситиһиини баҕарабын ”, — диэн эҕэрдэлээтэ.
Бу үтүө тэрээһини көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ, Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров: “Дьэ, иккис улахан күрэхтэһии түмүктэннэ. Бастатан турар, Чайковскай аатынан судаарыстыбаннай консерватория салалтатыгар бу тэрээһин үрдүк таһымнаахтык барарыгар бара өттүнэн көмөлөһөн өйөөбүккүтүгэр ис сүрэхпиттэн махтанабын. Эһиги быһаччы өйөөбүккүт түмүгэр, иккиһин ыытылынна уонна икки сылынан үсүһүн ыытыллыа диэн эрэбин. Бу күннэргэ ити туһунан кэпсэтиигэ Чайковскай аатынан консерватория салайааччыта Александр Сергеевич Соколов икки сылынан бары бииргэ бу куонкуруһу тэрийиэхпит диэн эппитэ. Түгэнинэн туһанан, куонкуруһу ыытыыга көмөлөспүт, өйөөбүт “Роскосмос” корпорацияҕа, АЛРОСА хампаанньаҕа, ЯТЭК хампаанньаҕа, Якутгазпроекка тэрийээччилэр ааттарыттан махталбын тиэрдэбин.
Ханнык баҕарар музыкальнай айымньы үтүөнү, кэрэни эрэ түстүүр, саҕар ураты күүстээх. Билигин аан дойду үрдүнэн балаһыанньа сытыырхайан турар кэмигэр, муусука барыбытын дьолунан, үөрүүнэн, кэрэ эйгэтинэн толорор. Ураты күүһү, кыаҕы биэрэр. Муусука аан дойду тылынан буолар. Аан дойду дьоно бары муусука көмөтүнэн алтыһыылара күүһүрэр. Дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ этэллэринэн, кыттааччылар маастарыстыбалары олус үрдээбит, бу биһигини барыбытын үөрдэр, дьоллуур.
Түгэнинэн туһанан, өссө төгүл куонкуруска кыттыбыт мусукааннары, ыраахтан-чугастан анаан-минээн кэлбит ыалдьыттарга, төрөппүттэргэ итии-истиҥ эҕэрдэбин, махталбын тиэрдэбин», — диэн Сергей Николаеич эттэ. Ону тэҥэ, кини кэлэр сылга улуу композитор Петр Ильич Чайковскай төрөөбүтэ 125 сылыгар улахан үбүлүөйэ уонна Петр Чайковскай бүтүн национальнай дастайаанньанан, аан дойду таһымнаах улуу композитора буоларын этэн туран, онон сибээстээн улуус дьаһалтата АЛРОСА хампаанньаҕа алмааска Петр Ильич Чайковскай аатын иҥэрэргэ этии киллэрбитин ылыммыттарын туһунан олус үчүгэй сонуну иһитиннэрдэ. Итиэннэ АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычевка этиилэрин ылыммытыгар ис сүрэҕиттэн махтанна. Бу күннэргэ Петр Ильич Чайковскай аата тустаах алмааска иҥэриллибин туһунан эттэ уонна ол күндү таас куопуйатын консерватория мусуойугар анаан туттарда, бу бэртээхэй сонун, ураты чиэс, бочуот буоларын өрө хабыллан иһиллибит ытыс тыаһа бигэтик бигэргэттэ.
Дойдубут тэбэр сүрэҕэр ыытылллыбыт куонкуруска кимнээх лауреаттар буоллулар? Үс таһымынан сыаналаннылар. Кыра оҕолорго (7-14 саастаахтарга) I бириэмийэни Николай Колесов (Дьокуускай) уонна Петр Кличановскай (Москва) үллэһиннилэр. II бириэмийэни Марта Исаева (Елец) уонна Юрий Дренин (Саратов) ыллылар. III бочуоттаах бириэмийэнэн Мария Григорьева (Москва), Софья Стручкова (Бүлүү), Карина Брёхова (Калининград), Алиса Гончарова (Москва) наҕараадаланнылар. Көрөрбүт курдук, үһүс бириэмийэни түөрт мусукаан үллэһиннэ.
Орто саастаах оҕолорго (15-18 саастаахтарга) I бириэмийэни Кытай мусукаана Сюй Цзысун (Китай) ылла, онтон II бириэмийэни үс кыттааччы — Анастасия Пайдютова (Арассыыйа), Егор Арзамаскин (Москва), Рустем Акияков (Казань) ыллылар. III бочуоттаах бириэмийэ Арина Герасимовоҕа (Казань), Иван Добророднойга (Екатеринбург), Анжела Тыринаҕа (Дьокуускай) уонна Павел Куприяновка (Дьокуускай) тигистэ.
Улахаттарга (19 саастарыттан үөһээ) I бириэмийэни Яна Максимчук (Москва) уонна Владимир Вишневскай (Москва), онтон II бириэмийэни Ольга Лазуренко (Москва) ыллылар. III бириэмийэни үс кытааччы — Ма Лянчунь (Кытай), Тимофей Симоненко (Дьокуускай) уонна Рёта Мацухаси (Япония) үллэһиннилэр.
Гран-при хаһаайына. Муҥутуур кыайыылааҕынан мусукаан Владимир Вишневскай буолла, ону тэҥэ, киниэхэ улуу композитор Марк Жирков сиэн балта Лариса Владимировна Белоусова аймахтар ааттарыттан «Доверие молодым» диэн анал бирииһи туттарда. Маны тэҥэ, СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин анал бирииһэ Марк Жирков айымньыларын бастыҥ толоруу иһин Анастасия Пайдютова (Арассыыйа) уонна РФ Бэрэсидьиэнигэр СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтиттэн анал наҕарааданы Петр Кличановскай (Москва) ылан, үөрүүлэрэ муҥура суох.
Дьоро киэһэ, үтүө тэрээһин кыттааччылар гала-кэнсиэртэринэн түмүктэннэ. Ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттар, классическай муусуканы сэҥээрээччилэр тылынан кыайан ойууламмат, этиллибэт сэттэ кустук өҥөнүн оонньуур муусука дорҕоонун ураты алыбыгар куустаран, этэргэ дылы, атын сиргэ, ырыых-ыраах остуоруйа дойдутугар тиийэн ыллылар диэтэххэ, арааһа, омун буолбата буолуо. Муусука барыбытын сомоҕолуур, ситимниир сүдү күүс.
Санаа
Бастаан олус долгуйбутум
Софья Стручкова, Марк Жирков аатынан Бүлүүтээҕи оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччитэ (кини III бочуоттаах бириэмийэ лауреата уонна Роскосмос корпорация анал бирииһин хаһаайына):
—Марк Жирков аатынан Бүлүүтээҕи оҕо искусствотын оскуолатыгар 5-с кылааска үөрэнэбин. Биллэн турар, дойдубут тэбэр сүрэҕэр кэлэн кыттыы олус долгутуулаах эбит. Ол курдук, пианиноҕа Николай Михеев “Северный” уонна Роберт Шумен “Фантастический танец” диэн айымньыларын толорон иһитиннэрдим. Бары кыахпын, дьоҕурбун туһанан оонньоотум. Пианино уруогар алта сааспыттан дьарыктанабын. Салайааччым Анастасия Александровна Николаева буолар. Киниэхэ ис сүрэхпиттэн махтанабын.
Хаартыскалары Диана Новгородова, Александра Яковлева, Клара Гаврильева түһэриилэрэ, тиксэриилэрэ.
Манна даҕатан эттэххэ
Куонкурус тэрийэр кэмитиэтигэр 45 сайаапка киирбит. Олор сааһынан үс бөлөххө араарыллыбыттар: 7-14 саастаахтар бөлөхтөрө, 15-18 саастаахтар уонна 19 саастарыттан үөһээ диэн. Кыттааччылар ортолоругар Москваттан, Дьокуускайтан, Екатеринбуртан, Казаньтан, ону таһынан Кытайтан, Японияттан, Ливантан, Великобританияттан бааллар.
Сэтинньи 22 күнүгэр Дьокуускай куоракка биир дойдулаахпыт, киэн туттар киһибит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыатын хос…
Сэтинньи 23 күнүгэр Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан икки киһи сүппүтүн туһунан суһал иһитиннэрии…
Аммалар күндү күтүөттэрэ, Бөтүҥ нэһилиэгин олохтооҕо, тимир ууһа Георгий Олесов-Дьулус Уус сөбүлүүр дьарыга киниэхэ аҕатын…
Соторутааҕыта «Айар Кут сойуус» уонна Нам улууһун «Отуу уота» суруйааччыларын, хоһоонньуттарын түмсүүлэрин чилиэнэ, үлэ бэтэрээнэ…
Былыр-былыргыттан сахалар оҕо төрөөн киһи-хара буолуор диэри оҕолорун олохторун ырыҥалыыллара. Саастарын ситтилэр даҕаны ыал оҥортуурга…
Сунтаар Хаданыттан Роман Попов уонна Геннадий Пустоляков атырдьах ыйын 15 күнүгэр ыҥыыр атынан Монголияҕа диэри…