Рамис Латипов: «Тыл – норуот тэбэр сүрэҕэ…»
Бары билэрбит курдук, быйылгы Туймаада ыһыаҕар Татарстан бэрэсидьиэнэ Рустам Минниханов салайааччылаах 300-чэ киһилээх анал дэлэгээссийэ кэлэн ыалдьыттаан барбыта. Кинилэр ыһыахпытыгар хас эмэ тыһыынчанан киһи сахалыы национальнай таҥаһы кэтэн кыттарын көрөн олус сөхпүттэрэ. Ити көрсүһүү кэнниттэн Татарстаны кытта араас хайысхаҕа уопут атастаһыыта бара турар.
Соторутааҕыта «Татар-информ” татаардыы тылынан таһаарыытын эрэдээктэрэ Рамис Латипов Дьокуускайга кэлэн нэдиэлэ устата үлэлээтэ, Нам уонна Хаҥалас улуустарыгар тахса сырытта. Кинилиин “Сэмсэ тыл” биэриигэ “Саха сирэ” хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ, политолог Чокуур Гаврильев билиҥҥи кэмҥэ сурунааллар, хаһыаттар, саайтар туох оруоллаахтарыттан саҕалаан биһиги ыһыахпыт, татаардар сабантуйдарын тустарынан атах-тэпсэн олорон кэпсэппитэ интэриэһи тардыаҕа диэн эрэнэбит.
“Татмедиа” туһунан кылгастык
– Кэлиҥҥи кэмҥэ Татарстантан дьон Саха сиригэр ыалдьыттыы кэлиитэ элбээтэ. Эһиги Саха сиригэр туох сыаллаах-соруктаах кэллигит?
– Мин сүрүн сыалым-соругум уопут атастаһа диэн кэллим, “Татмедиа” уонна “Сахамедиа” билсибиттэрэ ыраатта, бэйэ-бэйэбитин кытта уопут атастаһыыта бара турар. Ол курдук, соторутааҕыта эһиги икки үлэһиккит Казаньҥа тиийэн, Татарстан олоҕун-дьаһаҕын, татаардар култуураларын кытта ыкса билистилэр. Мин “Татмедиа”-тан бэрэстэбиитэл быһыытынан кэлэ сылдьабын. Дойдубар тиийэн баран, Саха сирин туһунан элбэх ыстатыйалары таһаарыаҕым. Биһиги тыйаатырдарбыт, суруйааччыларбыт бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн уопут атастаһар буоллахтарына, тоҕо суруналыыстар оннук суолу тутуһуо суохтаахпытый?
– “Татмедиа” туһунан сиһилии билиһиннэр эрэ. “Сахамедиа” курдук эрээри, улахана биллэр. Эһиэхэ оройуон хаһыаттара киирэллэр.
– «Татмедиа» судаарыстыбаннай хампаанньа буолар, муниципальнай хаһыаттары, сурунааллары уонна тэлэбиидэнньэлэри түмэр. Барыта 98 хаһыаттаах, 17 сурунааллаах, 19 телеханааллаах, 14 араадьыйалаах, 81 саайтаах уонна “Татар-инфо” диэн информационнай ааҕыныстыбалаах. Хас биирдии таһаарыы социальнай ситимнэригэр
3 мөлүйүөҥҥэ тиийэр киһи киирэн көрөр. Интэриниэт-хаһыаппыт Татарстан үрдүнэн саамай биллэр-көстөр, татаар тылынан тахсар саайтынан буолар. Ааспыт сылга 1 мөл. 120 тыһыынчата киирэн көрбүттэр, аахпыттар этэ. Уон сыллааҕыта 18 тыһ. эрэ тэҥнэһэрэ. Аҥаардас көрүү (просмотр) 29 мөлүйүөн кэриҥэ. Оттон «Татар-информ» саайты 318 тыһыынча киһи куруук киирэн көрөр. Күн аайы, ортотунан, 12 тыһыынчаттан саҕалаан 17 тыһыынчаҕа тиийэ киһи киирэн көрөллөр, ааҕаллар. Бу саайтпыт татаардыы эрэ тылынан тахсар. Наадалаах, көдьүүстээх ыстатыйалар диэбиппитин нууччалыы тылынан атын саайтпытыгар тылбаастаан таһаараллар. Биһиги мультимедийнай хампаанньабыт, ол эбэтэр ыстатыйалартан саҕалаан видеолары, хаартыскалары барытын оҥорон угабыт. Ютуб ханаалбыт олус сайынна, билиннэ, 54 тыһыынчаҕа тиийэр киһи киирэн көрөр-истэр. Ютубка видео-устуу сүрүн оруолу ылара биллэр суол. “Вконтакте” эмиэ баарбыт. “Тик-токка” баар ханаалбытын, билиҥҥи туругунан, 180 тыһыынча киһи көрөр-ааҕар.
Тыл суолтата
– Саха сиригэр уонна Татарстаҥҥа икки тылы тэҥҥэ баһылаабыт дьон элбэх. Төрүт тылынан ааҕыы туһунан маннык ыйытыы баар: нууччалыы тылынан иһитиннэриини бастаан аахпыт киһи татардыы тылынан ону иккистээн ааҕар дуо?
– Ыстатыйаны нууччалыы аахпыт киһи ол ыстатыйаны татаардыытын ааҕыан суоҕун сөп эрээри, интэриэһинэй матырыйаал уонна биллэр-көстөр суруналыыс суруйуута буоллаҕына, биллэн турар, ааҕара чуолкай. Татаардыы тылынан ыстатыйалары биһиги уратытык, үчүгэйдик суруйарга кыһаллабыт-мүһэллэбит. Биһиги сүрүн сыалбытынан-сорукпутунан матырыйаалларбыт ураты (эксклюзивнай) буолуохтаахтар, ол туһугар хас биирдии суруналыыспыт кыһаллар-мүһэллэр, ураты иһитиннэриилээх матырыйааллары булан суруйарга дьулуһар.
Үчүгэйдик суруллубут ураты матырыйааллары татаардыы мөлтөхтүк да билэр дьон ааҕаллар. Ыстатыйа киһини угуйар, интэриэһинэй аатын ааҕан син өйдөөн баран, ону гугл көмөтүнэн тылбаастатан ааҕар түгэннэрэ элбэх. Аны туран, иһитиннэрии мультимедийнэй буолуохтаах, тоҕо диэтэххэ, элбэх татаар төрөөбүт тылынан мөлтөхтүк, олуттаҕастык ааҕара эмиэ баар. Холобур, бу Москваҕа олорор татаардар буолаллар. Онон кинилэр видео-устууну ордук сэргээн көрөллөр-истэллэр.
– Биһиэхэ 2010 сыллар эргин күн сирин көрбүт оҕолорбут билиҥҥи тэтимнээх сыыппара кэмигэр сабырыйтаран төрөөбүт тылларын билбэт буолан эрэллэр. Ити эйгэҕэ сахалыы тахсар матырыйааллар, иһитиннэриилэр аҕыйахтара эмиэ дьайара буолуо. Сыыппара, интэриниэт эйгэтигэр улааппыт оҕолор, биллэн турар, нууччалыы тылга ордук охтоллор. Эһиэхэ маннык баар дуо, хайдаҕый?
– Биир бэйэм элбэх национальнай эрэгийиэннэргэ сылдьыбытым. Эн эппит кыһалҕаҥ Арассыыйаҕа барытыгар баар. Биһиги көлүөнэ оҕо сылдьан, таһырдьа тэлгэһэҕэ оонньуурбутугар бары кэриэтэ татаардыы тылынан кэпсэтэрбит. Билигин, хомойуох иһин, оннук буолбатах, Татарстан оройуоннарыгар кытары билигин оҕолор үксүлэрэ нууччалыы тылынан ордук кэпсэтэллэр-ипсэтэллэр. Мин санаабар, тыл эйгэтэ баар буолуохтаах, биһиги ону ситэ тэрийбэппит. Аҥаардас төрөөбүт тылынан суруллар ыстатыйаларынан эрэ муҥурданан сөптөөх интэриэһи хайдах да тардар кыаллыбат. Ол гынан баран, биллэн турар, үчүгэй өттүнэн этэр, кэпсиир холобурдар бааллар. Итини ситиһэр, туруулаһар туһугар күүскэ ылсан үлэлиэхпитин наада.
– Татарстаҥҥа төрөөбүт тылы чөл хаалларарга аналлаах бырагыраама үлэлиир, биһиэхэ эмиэ баар. Мөлүйүөнүнэн үп-харчы ити сыалга көрүллэр. Суруналыыс быһыытынан ити сөптөөх үлэ дуо диэҥҥэ санааҕын эт эрэ.
– Туох барыта тэҥнээн көрүүнэн быһаарыллар, ылыныллар аналлаах. Биһиги үгүс өттүгэр элбэҕи баҕарабыт, элбэҕи ылынабыт. Биир бэйэм чөлүнэн хаалларыы диэн тылы адьас сөбүлээбэппин. Бу – тыл хаалан иһиини кытта дьүөрэлэһэр. Тыл диэн сайдыыга чугас, бу тыыннаах организм, тыл иннин диэки сайдыахтаах эрэ. Сайдар эрэ буоллаҕына, кини тыыннаах хаалар аналлаах. Маарыын этэн аһарбыппыт курдук, оҕолор тоҕо төрүт тылларыгар болҕомто уурбаттарый диэҥҥэ этэр буоллахха, билиҥҥи олох олус тэтимнээхтик сайдар, онно сөп түбэһэн тылбыт-өспүт эмиэ сайдан иһиэхтээх. Олох биир сиргэ тэпсэҥнии турбат, иннин диэки кудуччу барар. Оттон биһиги үгүс өттүгэр хаалан иһэбит. Онон тустаах судаарыстыбаннай бырагыраамаларга сайдыы диэн тыл ордук туһаныллара наада этэ. Татарстаҥҥа тустаах бырагыраама үлэтэ сэттэ сылга диэри ылыллар. Сэттэ диэн ураты суолталаах сыыппара. 2023-30 сылларга үлэлиэхтээх тосхолбут ылыллыбыта. Бу иннинээҕи бырагыраамаҕа 3 млрд солк. көрүллүбүтэ. Оттон кэлэр бырагыраамаҕа 1 млрд солк. тыырыллыахтаах. Ол аата сылга, ортотунан, 120 мөл. солк. көрүллэр. Манна учууталлары төрөөбүт тылга үөрэтии, анал кинигэлэри бэлэмнээн таһаарыы киирэллэр. Сүрүн болҕомто татаар тылын сайыннарыы буолар. Татаардыы тылынан оҕо канаала аһыллыбыта. Манна сөптөөх үбү судаарыстыбабыт көрбүтэ. “Татмедиаҕа” нэһилиэнньэ туохха наадыйарынан көрөн анал сурунааллар, хаһыаттар тахсаллар. Оҕо саадыгар сылдьар кырачааннарбытыгар саҕалаан ыччакка уонна улахан дьоҥҥо аналлаах сурунааллары, хаһыаттары бэлэмниибит. Араас куонкурустары тэрийэбит.
Норуот эппиэтинэстээх
– Тылы сайыннарыыга ким ордук улахан эппиэтинэһи сүгэрий?
– Мин санаабар, норуот бэйэтэ сүгэр эппиэтинэһи. Бастатан туран, култуурабытын, сиэрбитин-туоммутун хаалларарга дьулуһуохтаахпыт. Патриот быһыытынан этэр буоллахпына, тылы эмиэ итиннэ киллэрэбин. Тыл, бэчээт оруола олус улахан. Хаһыаты уонна бэчээт бородууксуйаларын төрүт тылынан ааҕар эрэ буоллахха, төрүт тылбыт тыыннаах халыа, иннин диэки сайдыаҕа. Төрүт тылынан саҥарар, суруйар, көрдөрөр араадьыйалар, хаһыаттар уонна телеханааллар суох буоллахтарына, туох да хаалыа суоҕа. Үгүс өттүгэр дьон төрөөбүт тылын хаһыаттартан, сурунааллартан сомсор, биллэн турар, бастакы уочарат оскуолаҕа үөрэнэр. Суруналыыстар төрөөбүт төрүт тылы хаалларыыга уонна сайыннарыыга улахан өҥөлөөхпүт. Норуокка саамай сүрүн оруолу тыла ылар. Төһө даҕаны култуурата, сиэрэ-туома, ырыата-тойуга хаалбыт, баар эрээри, онно тыл суох буоллаҕына, ол иэдээҥҥэ тэҥнэһэр, оннук хайдах да буолуо суохтаах. Норуот тэбэр сүрэҕэ тыла буолар.
Туризм үбү аҕалар
– Балаҕан ыйыгар биһиги Казаньҥа сылдьыбыппыт. Туризм сайдыбытын көрөн олус сөхпүппүт.
– Туризм дьоҥҥо өрүү барыһы аҕалар аналлаах. Ханнык баҕарар ыалдьыт, турист кэлбит дойдутугар син биир үбүттэн-харчытыттан хаалларар. Сыыспат буоллахпына, Татарстаҥҥа саамай элбэх турист 2018 сыллаахха сылдьыбыта. Онно футбол чөмпүйэнээтэ буолбута. Ити сыл 28 млрд солк. киирбитэ. Регистрацияламмытынан 4 мөл. турист кэлэн барбыта. Биһиги устудьуоннуур кэмнэрбитигэр Татарстаҥҥа туризм оннук-айылаах сайда илигэ, дьону угуйар уратыта да суоҕа. Сэбиэскэй кэмҥэ омук кэлэрэ аҕыйах этэ, исписэлиистэр көҥүллэтэн эрэ кэлэн бараллара.
Билигин Казань туристар кэлиилэригэр дойду үрдүнэн үһүс миэстэлээх. Москва, Санкт-Петербурга, Казань… Билигин Татарстаҥҥа туристар сылы эргиччи кэлэллэр. Туризм Шаймиев салайар кэмигэр сайдан атаҕар бигэтик турбута. Оруобуна кэмигэр «Универсиада» диэни тэрийбиттэрэ. Бастаан утаа улаханнык ылымматахпыт. Тэрээһин аһыллыытын кэнниттэн маннык ураты тэрээһин өтөрүнэн буола илигэ диэн билиммиппит. Кэлиҥҥи кэмҥэ маннык хабааннаах киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэр элбэхтик ыытылыннылар. Билигин улахан тэрээһиннэр буолалларыгар, элбэх турист кэлэригэр-барарыгар Татарстан олохтоохторо үөрэннилэр. Кэлиҥҥи кэмҥэ Казань, кырдьык, лаппа тубуста, киэркэйдэ.
Ыһыах уонна Сабантуй
– Быйыл сайын эн кэллиэгэлэриҥ саха норуотун уйгулаах ыһыаҕар сылдьыбыттара. Аҕыйах хоноот, Татарстан Бэрэсидьиэнэ Сабантуй бырааһынньыкпытын сахалар ыһыахтарыгар майгыннатан ыытыахха сөп эбит диэн эппитин туһунан ис хоһоонноох ыстатыйаны таһаарбыккыт. Кэллиэгэлэриҥ биһиги ыһыахпытын уонна Саха сирин туох дииллэрий?
– Ураты национальнай тыыннаах бырааһынньыктаахтар диэн олус сөҕөн-махтайан кэлбиттэрэ. Ол ураты тыын баарын оннооҕор хаартыскаҕа да, видео-устууга да көрөн киһи итэҕэйэр, ылынар этэ. Ыһыах ыытыллыытын үйэтитэр хаартыскалары уонна видеолары көрөр олус интэриэһинэйэ, умсугутуулааҕа, биир бэйэм ыһыаҕы илэ көрүөхпүн олус баҕарбытым.
Сабантуйбут туһунан этэр буоллахха, маннык. Биир халыыпка киирэн хаалабыт уонна ол иитинэн туга да уларыппакка, эбии тугу да оҥоро сатаабакка, киирэн бара турар. Сабантуйбутун элбэхтик кириитикэлээбиппит, биир бэйэм онно кыттыһан эмиэ суруйбутум. Билигин кэнсиэртээһининэн уонна спортивнай тэрээһиннэринэн эрэ муҥурданабыт. Национальнай төрүт оонньууларбыт хайдах эрэ итиннэ “сыстыбат”, сүрүн оруолу ылбат буолан эрэллэр. Бэрт судургу бырааһынньыктары тэрийии тэрийээччилэргэ да ордук буоллаҕа, улаханнык сүүрүөхтэрин-көтүөхтэрин баҕарбаттара эмиэ баар. Таһымнаах ырыаһыттары ыҥыраллар, кинилэри көрөөрүлэр, истээрилэр дьон-сэргэ тоҕуоруһар.
Бэрэсидьиэммит төрүт үгэстэрбитигэр төннүөхтээхпит, ону сөргүтүөхтээхпит диэн эппитэ саамай сөп. Билигин шоуттан туох да уратыта суох. Национальнай бырааһынньык буолуохтаах, төрүт уратыбыт көстүөхтээх. Аны туран, эһиги ыһыаххытыгар кэлбит дьон бары национальнай таҥастаахтар-саптаахтар, бу – олус үчүгэй. Оттон биһиги Сабантуйбутугар, хомойуох иһин, национальнай таҥаһы кэтии олус мөлтөх туруктаах. Онон эһиги ыһыаххыт биһиэхэ үтүө холобурунан буолла.
Туомтуу тартахха
– Эн Хаҥалас уонна Нам улуустарыгар сырыттыҥ. Ити улуустарга тахса сылдьан баран, туох санаалаах кэллиҥ. Иһиттэххэ, айаныҥ тухары суруйан тахсыбыт эбиккин. Саха сирин туһунан матырыйаалларыҥ “Татмедиа”-ҕа хайыы-үйэ тахсыбыт буолуохтаахтар.
– Саха сиригэр сырыым туһунан өйдөбүл миэхэ үйэм тухары хаалара буолуо. Саха норуота төрөөбүт төрүт тылын үчүгэйдик билэриттэн олус үөрдүм, астынным. Биир нэдиэлэлээх сырыым тухары нууччалыы саҥарар, төрөөбүт тылын билбэт саханы көрсүбэтим. Бары бэйэ-бэйэлэрин кытта сахалыы кэпсэтэллэр. Бу олус үчүгэй көстүү, киһи санаата көнньүөрэр, үөрэр эрэ.
Оттон сиэри-туому тутуһаргыт туһунан этэ да барыллыбат, күннээҕи олоххутугар-дьаһаххытыгар илдьэ сылдьаргыт тута көстөр. Сиэри-туому кыра оҕолоргутуттан саҕалаан бары олус ытыктыыр, убаастыыр эбиккит. Бу барыта дьону түмэр, сомоҕолуур аналлаах. Муҥхаҕа сырыттым. Онно миниистир баар эбит этэ. Миниистир баар диэн эппэтэхтэрэ буоллар, бу үрдүк сололоох киһи сылдьар диэн билиэх суох эбит. Муҥха норуоту сомоҕолоһуур, түмэр аналлаах эбит диэн көрдүм. Миниистир дьону кытта тэбис-тэҥҥэ муҥхаласпыта, үлэлээбитэ элбэҕи туоһулуур. “Маны гыныҥ, ону гыныҥ”, – диэн кимиэхэ да бирикээстээбэтэҕэ, ыйбатаҕа. Сүрүн сөхпүттэрим диэн итилэр.
– Кэлэн Сахам сирин көрөн-истэн барбыккар тэрилтэм уонна сахам норуотун аатыттан махтанабын. Баҕа санааҕын тиэрдиэҥ дуо?
– Саха норуотугар байылыат олоҕу, эйэлээх халлааны уонна биһиги бу курдук алтыһан уопут атастаһа турарбытыгар баҕарабын. Татаардарга биир эр бэрдэ хайалары, ойуурдары уҥуордаан ыраах айаннаабыт уонна Саха сириттэн күндү тааһы аҕалбыт диэн ис хоһоонноох былыргы остуоруйа баар. Бу биһиги култуурабыт сибээстээҕин, ситимнээҕин көрдөрөр. Биһиги бэрэсидьиэннэрбит Айсен Николаев уонна Рустам Минниханов инники өттүгэр бииргэ үлэлиир Сөбүлэһиигэ илии баттаабыттара. Бииргэ үлэлииргэ аналлаах атын хайысхалар элбэхтэр. Холобур, Дьокуускайга кэнсиэргэ сылдьан саха эстрадатын ырыаһыттарын кытта кэпсэппитим, биир бэйэм саха талааннаах ырыаһыттарын үчүгэйдик билбэт эбиппин. Кинилэр эмиэ биһиги ырыаһыттарбытын билбэттэр. Онон ырыаһыттарбыт бэйэ-бэйэлэригэр ыалдьыттаһыахтарын сөп эбит диэн көрдүм, толкуйдаатым. Ырыа култуура биир саамай суолталаах хайысхатынан буолар. Ырыа бэстибээлин да тэрийиэххэ сөбө буолуо.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: