Реабилитационнай кииҥҥэ 300-тэн тахса байыаннай дьайыы кыттыылааҕа доруобуйатын чэбдигирдиини ааста
Инбэлииттэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииннэрин баазатыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чэбдигирдии салҕанар.
Уопсайа 301 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 257 чилиэнэ тиһиктээх эмтэниини аастылар. Бу туһунан Инбэлииттэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр киин дириэктэрэ Асида Алексеева брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
“Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чэбдигирдэр туһунан иһитиннэриини ыыта турабыт. Уопсайа 52 араас салалтаны, тэрилтэлэри кытта көрсүһүү ыытылынна. Бу дьаһаллар тэрилтэлэри кытары бииргэ сүбэлэһэн былааннаахтык үлэлиир кыаҕы биэрдилэр. Сырдатар үлэни кэҥэтэммит элбэх киһини хабар буоллубут», — диэтэ Асида Алексеева.
Кини байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чэбдигирдии ураты суолталааҕын бэлиэтээтэ.
«Байыаннай дьайыыттан кэлбит киһи уопсастыбаҕа миэстэтин буларыгар көмөлөһүү, социальнай чэбдигирдии сүрүн суолтаны ылаллар»,– диэтэ кини.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чэбдигирдии үлэтэ салҕанан барар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: