Реабилитационнай кииҥҥэ 300-тэн тахса байыаннай дьайыы кыттыылааҕа доруобуйатын чэбдигирдиини ааста

Share

Инбэлииттэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр кииннэрин баазатыгар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чэбдигирдии салҕанар.

Уопсайа 301 байыаннай дьайыы кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин 257 чилиэнэ тиһиктээх эмтэниини аастылар. Бу туһунан Инбэлииттэр доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр өрөспүүбүлүкэтээҕи социальнай-чэбдигирдэр киин дириэктэрэ Асида Алексеева брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чэбдигирдэр туһунан  иһитиннэриини ыыта турабыт. Уопсайа 52 араас салалтаны, тэрилтэлэри кытта көрсүһүү ыытылынна. Бу дьаһаллар тэрилтэлэри кытары бииргэ сүбэлэһэн былааннаахтык үлэлиир кыаҕы биэрдилэр. Сырдатар үлэни кэҥэтэммит элбэх киһини хабар буоллубут», — диэтэ Асида Алексеева.

Кини байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чэбдигирдии ураты суолталааҕын бэлиэтээтэ.

«Байыаннай дьайыыттан кэлбит киһи уопсастыбаҕа миэстэтин буларыгар көмөлөһүү, социальнай чэбдигирдии сүрүн суолтаны ылаллар»,– диэтэ кини.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин доруобуйаларын чэбдигирдии үлэтэ салҕанан барар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago