Салгыы
“Редколлегия” саҥа биэрии: бэйэ баҕатынан — дойдуну көмүскүү (ВИДЕО)

“Редколлегия” саҥа биэрии: бэйэ баҕатынан — дойдуну көмүскүү (ВИДЕО)

Ааптар:
03.11.2022, 11:00
Бөлөххө киир:

Суруйар идэ үлэһиттэрэ саҥа форматтаах “Редколлегия” биэриигэ түмсэн, тус санааларын үллэстэн бүгүҥҥү күн тыҥаан турар кыһалҕаларын ырыттылар. Бу сырыыга биэрии байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн барбыт дьоҥҥо туһуланна.

Сэбиэскэй иитии

Кэпсэтиини “Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов иилээн-саҕа­лаан ыытта. Ырытыллар боппуруоһу киирии тылыгар бу курдук бы­­һаарда:

– Эһээлэрбит, хос эһээлэрбит кэмнэрин ахтан аһардахха, ол кэм дьоно бары кэриэтэ “доброволец” диэн өйдөбүлгэ хапсыахтарын сөп этэ. Бүгүҥҥү күн чахчыта – биһиги эрэги­йиэммититтэн анал байыаннай дьайыыга баҕа өттүнэн аттаммыт дьон ахсаана 450-500 киһигэ тэҥнэһэр.

Мин ийэм соторутааҕыта кэпсээбитэ – кылааһынньыга, ол аата алта уончалаах киһи, байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар баҕалааҕын эппит “биһигини оннук үөрэппиттэрэ” диэн. Мин санаабар, бу биир бэлиэ түгэн, доброволецтар үгүстэрэ сэбиэскэй иитиилээх, хомсомуол, хомуньуус буола сылдьыбыт саастаах дьон.

Волонтердар эмиэ доброволецтар

Анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаланаатын кытта иир­сээн саҕаламмыт сиригэр тиийэн, Донбаас сиригэр-уотугар туох буола турарын илэ көрбүт СИА суруналыыһа Николай Борисов бу кыһалҕаны арыый атыннык көрөрүн эттэ:

– Мин санаабар, доброволецтар туох эрэ ураты бөлөххө араарыллар туспа араҥа дьон буолбатахтар. Холобур, “волонтер” диэн өйдөбүл билигин баар, бу эмиэ “баҕа өттүнэн туһа аҕалыан баҕарар” дьоҥҥо киирэр, эмиэ доброволец диэн ааттыахха сөптөөх дьон. ДНӨ сиригэр-­уотугар үлэлии барбыт волонтердар эмиэ олус суолталаах дьыаланан дьарыктана сылдьаллар. Кинилэр истэригэр эдэр дьон, кыргыттар, мэдиссиинэ үлэһиттэрэ бааллар, гуманитарнай көмөнү тиэйээчилэри умнар эмиэ сыыһа. Волонтер уратыта диэн, байыаннай таҥаһы эрэ кэппэт. Бүгүн доброволец диэн ааттыыр дьоммут инники кирбиигэ киирэн охсуһууга кыттар уратылаахтар диэхпитин сөп. Олус элбэх киһи онно үлэлии сылдьар.

Ити дойдуга тиийбит киһи, ким баҕарар – өстөөх артиллериятын уотугар түбэһиэн сөп. Кыраныысса чугаһыгар оннук куттал арыый кыра эрээри, син биир Донецкайга сырыттахтара дии, бэйэҕит билэҕит, ити сиргэ куттала суох сир диэн суох. Холобур, Ил Дархан Айсен Николаев Донецкай Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэн Денис Пушилинныын көрсүбүтүн кэнниттэн сарсыҥҥы күнүгэр дьаһалта дьиэтигэр снаряд көтөн кэлбитэ.

Аҕа дойдуга бэриниилээх дьон

Владислав Доллонов, “По­ляр­ная звезда” сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ, барар дьон араас санааттан кыргыһыы уотугар тиийэллэрин туһунан сабаҕатын эттэ.

– Мин көрөрбүнэн, бастакы барааччылар истэригэр ханта­раак түһэрсэн олохторун тупсарар санаалаах дьон буолбакка, бэйэлэрин тургутан көрөр санаа­лаах, Аҕа дойдуга бэриниилээх санаалаах дьон барбыта. Оттон быстах хомууру биллэрбиттэрин кэнниттэн үгүс эр дьон атын санааҕа ылларан, ити дьайыыга айаннаабыттара.

Саҥа көлүөнэ араас

Виктор Джамаханович хо­муур саҕаламмытыгар кыраныысса нөҥүө күрээбит дьон туһунан туох санаа баарын туоһуласта:

– Саҥа көлүөнэҕэ икки тосту ураты иитиилээх дьону көрөбүт. Биир өттүгэр – барбыт дьоннор. Азербайджаҥҥа, Казахстаҥҥа уонна да атын дойдуларга. Ким эрэ баҕар, аймахтарыгар барбыта буолуо, ким эрэ, кырдьык, хомууртан куоппута буолуо. Бу тугу туоһулууруй? Биир өттүттэн олус үчүгэй олоххо эрэ үөрэммит дьон баар, кинилэргэ чэпчэки олох туохтааҕар да күндү быһыылаах. Ону кытта, атын ыччат баар – хомуур биллэриллиэн инниттэн инники кирбиигэ айаннаабыттара. Кинилэр ити нус-хас олоҕу эккирэппэттэрэ көстөр. Баҕар, үп өттүнэн өйөөһүн баара эмиэ угуйар күүс буолбута буолуо?

“Ситим” медиа-бөлөх генеральнай дириэктэрэ, “Кыым” хаһыат анаарааччыта Владимир Степанов, бу көстүүнү көлүөнэ уларыйыытыгар сыһыаннаах диэн сабаҕалаата:

– Билиҥҥи кэм сэбиэскэй кэмтэн уратыта диэн, биһиги көлүөнэбитигэр “патриотизм” диэн тыл кураанах тыас буолбатах, итини бары өйдүүбүт. Оттон, ити сөпкө этэҕит, 90-с сыллар кэнниттэн төрөөбүт көлүөнэ биһигиттэн чыҥха атын дьон. Биһиги бэйэбит, ити Владиславтыын, ол сылларга демократияны уруйдуу көрсүбүт ыччат этибит. 1992 сылга Фрэнсис Фукуяма философ эппитэ “либеральнай демократия кыайда, аны барыта үчүгэй эрэ буолуоҕа” диэн. Көрөрбүт курдук, букатын атын сыаллары ситиһэр санаа баар эбит. Билигин анал байыаннай дьайыыга барар сабыдыаллар истэригэр үбүнэн өйөөһүн баар. Биһиги кэммитигэр, Афганистаҥҥа, Чечняҕа бараач­чыларга итинник суоҕа, босхо кэриэтэ бараллара.

“АиФ Якутия” хаһыат суруналыыһа Анна Лебединская бэ­­йэтин көлүөнэтин көмүскэһэр санаатын эттэ:

– Мин оҕо сааһым ити ахтан аһарбыт 90-с сылларгытыгар, үйэлэр силбэһиилэригэр ааспыта, ити кэмнэри илэ өйдүүбүн. Ол эрэн, биһигини атын санааҕа олоҕуран үөрэтэллэрэ дии санаа­баппын. Миигин кытта бииргэ улааппыт оҕолортон биирдэстэрэ, бэйэм билсэр киһим, хомуур биллэриллиэн иннинэ, өссө икки сыл анараа өттүгэр доброволец быһыытынан барбыта. Төһө да балкыырдаах кэмҥэ улааппыппыт иһин, биһигини эмиэ ийэ дойдубутугар бэриниилээх буолар гына ииппиттэрэ.

Сөпкө өйдүүллэр

Билиҥҥи оҕолор өйдөрүн-санааларын туһунан Виктор Колесов кэпсээн аһарда:

– Биир киһини эрэннэ­рэр түгэн – тус бэйэм бэлиэтии көрүүм баар. Холобур, билигин устуоруйа уруогун ыытарга аналлаах кинигэлэр ис хоһоонноро бэйэ бэйэлэриттэн туспалар, саарбах буолуохтарын сөп. Ол эрэн, мин ахсыс, онус кылаас оҕолорун кытта көрсөн кэпсэтэбин. Баҕар, куруутун сөп түбэһии буолуо эрээри, кэпсэтэр оҕолорум бары кэриэтэ билиҥҥи Украинаҕа буола турар быһылааны сөпкө өйдүүллэр, хантан маннык балаһыанньа үөскээбитин билэллэр. Ыйытан көрөбүн, “оскуолаҕа итинник үөрэтэллэр дуо?” диэн, суох, бэйэбит Ютубтан көрөн билэбит дэһэллэр. Ол аата, кинилэр бэйэлэрэ сөптөөх контены булаллар, бу иирсээн төрдүн, ким саҕалаабытын барытын бэрт ыраастык өйдүүллэр. Бу барыта олунньу 24 күнүгэр саҕаламматаҕын, төрдө дириҥин билэллэр.

Устуоруйаны үөрэтии улахан оруоллааҕын кытта Николай Борисов сөпсөстө:

– “Устуоруйа иккитэ хатыланар – бастаан иэдээн быһыытынан, онтон күлүү-элэк быһыытынан” диэн мындыр этии баар. Бу кырдьык быһыылаах, онон устуоруйаны үөрэтиигэ улахан болҕомтону ууруох тустаахпыт. Биир билсэр киһим 2014 сыллаахха доброволеһынан барбыта. Тоҕотун туоһуласпыппар, “майдаан” быһылааннарын кэмигэр Одессаҕа дьону тыыннаахтыы уоттаабыттарын көрөөт, чаас аҥаара иһигэр хомуммутум уонна сайабылыанньа суруйан дьону көмүскүү барбытым” диэбитэ.

Түмүккэ

“Сахамедиа” холдинг генеральнай дириэктэрэ Виктор Колесов маннык тылларынан түмүк оҥордо:

– Бүгүн дьон тоҕо кыттыыны ылалларын туһунан ыйытыыга сүрүн хоруйдары буллубут диэххэ сөп. Арҕаа дойдулар ыксал­лаах түгэҥҥэ төһө баҕа өттүнэн барар дьону хомуйуохтара этэй? Отучча сыл олус баайдык-тоттук олордулар, ити олохторун билигин даҕаны салгыы сатыыллар. Кинилэр туох сыан­настаахтарын билэбит, онтукалара төһө туһалыа эбитэ буолла. Уонна “барыта сүттэ, барыта мөкү!” диэн айманааччыларга туһаайан этиэм этэ – билигин даҕаны биһиэхэ Аҕа дойдуларын көмүскүүр баҕалаах дьон баар. Онон кыайыы биһиэнэ буолуоҕа.

Кэпсэтиини толорутун видео-устууга көрүөххүтүн сөп. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: