Реджеп Тайип Эрдоган: “Биһиги кэпсэтиибитин аан дойду барыта кэтиир”
Турция Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ Реджеп Тайип Эрдоган бу күннэргэ Сочига кэлэн үлэлии сылдьар. Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытары көрсөн Хара муоранан бурдугу таһыы дуогабарын, энергетика, о.д.а. боппуруостары кэпсэттилэр.
Реджеп Тайип Эрдоган, бастатан туран, сир хамсааһыныгар, ойуур баһаарыгар Арассыыйа биир бастакынан кэлэн көмөлөспүтүн бэлиэтээн туран, махталын биллэрдэ.
Арассыыйаны кытары табаары эргинии 62 млрд дуолларга тиийбитин иһитиннэрдэ.
— Биһиги эрдэ бу көрдөрүүнү 100 млрд дуолларга тириэрдэргэ сыал-сорук туруорбуппут. Ону хайа баҕарар ситиһэр туруктаахпыт, — диэн этэр кини.
Атомнай ыстаансыйа тутуута былаан быһыытынан бара турарын бэлиэтээн эттэ. “Билигин Турцияҕа “Аккую” бырайыак тутуута былаан быһыытынан бара турар. Синоп куоракка атомнай ыстаансыйа тутуутун эмиэ кэпсэтиэхпит дии саныыбын. Энергетикаҕа өссө биир улахан бырайыакпытын гаас ситимин хаҥатыы туһунан кэпсэтиибит киэҥ киэлилээх буолуоҕа диэн эрэнэбин”, — диэн иһитиннэрдэ Турция бэрэсидьиэнэ.
Ону таһынан Арассыыйа уонна Турция икки ардыгар туризм күүскэ сайдыбытын бэлиэтээн эттэ.
— Билигин Турцияҕа сынньана кэлээччилэр ахсааннарыттан баһыйар үгүстэрин Арассыыйа олохтоохторо ылаллар, — диэн этэр кини.
Хара муоранан бурдугу таһыы дуогабарын туһунан этэригэр Реджеп Тайип Эрдоган: “Биһиги кэпсэтиибитин аан дойду барыта кэтээн олорор. Бурдук дуогабарын салгыы ыытабыт дуу, суох дуу, ону бары кэтэһэн олороллор”, — диэн этэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: