Реджеп Тайип Эрдоган Турция бэрэсидьиэнинэн талылынна
Турция Өрөспүүбүлүкэтигэр ыам ыйын 28 күнүгэр бэрэсидьиэн быыбарын иккис түһүмэҕэ буолан ааста. Реджеп Тайип Эрдоган бэрэсидьиэнинэн талылынна.
Иккис түһүмэх барыллаан түмүгүнэн, Реджеп Тайип Эрдоган 52,13 % куолаһы ылан, Турция Өрөспүүбүлүкэтин уон үһүс бэрэсидьиэнинэн талылынна. Кини утарылаһааччыта Кемаль Кылычдароглу 47,87 % куолаһы ылла.
“Бүгүн бүттүүн Турция кыайыыта. Ыам ыйын 28 күнүн өйдөөн кэбиһиҥ, дойдубут историятыгар өссө биир саҥа илииһи арыйдыбыт. Сүүс сыллаах историябыт биир кэрчик кэмэ саҕаланна. Мин бүгүн дьоммор-сэргэбэр, норуоппар махтанабын. Кырдьык, дьиҥнээх демократическэй быыбар ааста. Дьонум-сэргэм, эһиги өссө биэс сылга миэхэ итэҕэйдигит. Эһиги итэҕэлгитин, эрэлгитин түһэн биэриэм суоҕа. Үлэбит, сайдыыбыт өссө да иннибитигэр. Турция ханнык да тас күүстэртэн тутулуга суоҕун өссө төгүл дакаастаата”, — диэн иһитиннэрдэ Реджеп Тайип Эрдоган кыайыытын кэнниттэн Стамбулга.
Реджеп Тайип Эрдоган бу иннинэ 2014, 2018 сыллардаах быыбардарга кыайбыта. 2017 сыллаахха Турция Төрүт Сокуонугар уларыйыылар киирэннэр, премьер-миниистир дуоһунаһа сотуллан, Эрдоган быйылгы быыбарга кыттар кыахтаммыта.
Турция олохтоохторо бу быыбарга 85 бырыһыан кэлэн кытыннылар. Быйыл Турция Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиир. Онон Турция олохтоохторугар бу историяҕа хаалар биир ураты быыбар буолар.
Эрдоган быыбар иннинэ хаста да Арассыыйаны кытары үлэбин тохтоппоппун, өссө күүһүрдэбин диэн этэн турар. Санатан эттэххэ, бу соторутааҕыта Турцияҕа Арассыыйа атомнай электростанциятын арыйбыта. Арассыыйа уонна Турция гааһы Европа дойдуларыгар тиэрдиигэ үлэлэһэ сылдьаллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: