Рейган, эн сааҥсыйаларыҥ турбаҕа көттүлэр!

Share

Арассыыйа, Европа дойдулара уонна Америка Холбоһуктаах Штаттара уһун кэм устата бэрт уустук сыһыаннаахтар. Ол устатын тухары доҕордоһуу да баара, иирсээн да баара. Америка штаттара Англия бас билиититтэн аккаастанан көҥүл туһугар сэриилэһэр күчүмэҕэй кэмнэригэр Арассыыйа флота өйөбүл биэрбитэ ол сэрии биир балаһыанньаны тоһутар түгэнэ буолбута. Оттон Иккис аан дойду сэриитигэр Гитлер коалицията Европаны олоччу кэриэтэ сабардаабыт күчүмэҕэй күннэригэр АХШ биһиги дойдубутугар көмө биэрбэтэҕэ эбитэ буоллар, бүгүн устуоруйа хаамыыта атын хайысхалаах буолуо эбитэ буолуо…

Нуучча гааһа – Европаҕа

Аныгы кэмҥэ дойдулар сыһыаннара сүрүннээн энергоресурс үллэрээһинигэр олоҕурар буолбуттара – бу олох кырдьыга. Ньиэп, гаас сыанатыттан норуоттар икки ардыларгыгар сыһыан “тымныйар-сылы­йар” адьынат­таах. Ол эрэн, бу курдук балаһыанньа саҥа кэм эрэ сибикитэ дии саныыр сыыһа. Аан дойду “ньиэп үйэтигэр” кии­­риэҕиттэн ыла ньиэп уонна гаас ырыынагын үллэстээһин тута көстөр уонна кистэлэҥ ньымаларынан ыытыллан барбыта. Ордук “минньи­гэс” ырыынагынан сир баа­йын өттүнэн лаппа тутахсыйбыт, ол оннугар бырамыысыланнас өттүгэр ханнык да дойдуга тэҥнэммэт ыраах куоппут Европа ырыынага буолбута. Сэрии кэнниттэн төһө даҕаны идеология өттүнэн атырдьах маһыныы аҥы барбыттарын иһин, хапытаал сокуона ирдииринэн, Европа дойдулара ССРС гааһын атыылаһан барбыттара. Ойоҕосторугар сытар чэпчэки гааһы атыылаһалларыгар мэһэйдиир сабыдыал ханан да суох курдуга.

Онон 1970 сыллаахха Арҕаа Европаны эниэргийэнэн хааччы­йарга анаммыт Уренгой – Помары – Ужгород гаас ситимин тардыы бырайыага улахан санаа көтөҕүллүүтүнэн көрсүллүбүтэ. Урал ха­­йаларын курдат­таан, Карпат ха­­йаларын нөҥүөлээн, 649 улахан өрүһү (ол иһигэр Обь, Волга, Дон уонна Днепр курдук улуу эбэлэри) уонна кыра үрэхтэри туораан, туох да омуна суох, “улуу гаас ситимэ” тардыллыыта ССРС биир муҥутуур баараҕай быра­йыага буолбута. 4451 килэмиэтир усталаах, Сибиир гааһын Арҕаа Европаҕа быһа тиксэрэр ситим, бэйэтин кэмигэр киһи өйүгэр баппат баламат санаа этэ!

Кимиэхэ эрэ барыс, кимиэхэ эрэ ночоот

Эйэни олохтуур дьайыылартан икки өттүттэн барыстаах эргиэн биир саамай бастыҥнара буолар. Арҕаа уонна Илин Европа ХХ үйэ 70-80-с сылларыгар төһө даҕаны бэлиитикэ өттүгэр “тимир истиэнэнэн” арахсыы баарын үрдүнэн, бэрт эйэ­ҕэс сыһыаны олохтообут кэмнэрэ. Экэниэмикэ уонна култуура ха­­йысхаларыгар алтыһыы, үрдүк таһымҥа суоһурҕаныыта суох кэпсэтии саамай үгэннээн турар кэмэ. Онон Арассыыйаттан чэпчэки сыаналаах гаас хамаҕатык кэлиитэ кыраныысса икки өттүгэр өрө көтөҕүллүүлээхтик ылыныллыбыта.

Ол эрэн, ити кэмҥэ байҕал анараа өттүгэр Европа бэлиитикэтэ ити хайысханан хаампытын бэрт ыараханнык ылыммыттара. АХШ Сэбиэскэй Сойуустан гаас ситимин тардааһыны олоччу сөбүлээбэтэхтэрэ. Америка салайааччылара, “сэбиэскэй гаас” Европаҕа аһары улахан суолталаах буоллаҕына, НАТО дойдулара кэлэр кэмҥэ “хабалаҕа киирэр кутталланаллар” диэн быһаарбыттара. Онон бу бырайыагы тохтоторго улахан үлэ саҕаламмыта. Хайдах ньыманан бу ситими тохтотуохха сөбүй? АХШ консервативнай баартыйатын бэлиитиктэрэ быһаарбыттара – сааҥсыйалары биллэрии ордук табыгас­таах ньыма буолуон сөп.

Аҥаардас бэлиитикэ эрэ сылтах буолбута буолуо дуо? 1983 сыллаахха ФРГ посольствотын үлэһиттэрэ сэбиэскэй дипломаттарга эппиттэрэ – сааҥсы­йалар биллэриллибиттэрин кытта тута, АХШ бөдөҥ концерн­нара 20 млрд дуоллар суума­лаах гааһы атыылыыр этиини киллэрбиттэр. Онон бу дьайыыны ­аҥаардас “Европа көҥүлүн” туһугар кыһамньы курдук ааҕар ылбычча буолбатаҕа көстөр.

“Тоҕо аккаастаныах тустаахпытый?”

1981 сыл ахсынньытыгар АХШ Госсекретара А. Хейг ССРС тас дьыалаларга миниисти­рэ А. Громыко аатыгар бырачыас нотатын туттарар. Бу нотаҕа Сэбиэскэй Сойуус Польша ис дьыалатыгар орооспутунан сибээс­тээн, дойдулар икки ардыларынааҕы атыы-эргиэн сыһыана тохтотулларын туһунан биллэрэр. ССРС эр­­гиэн исписэлиистэрэ Америкаттан таһаарыллаллар, “Аэрофлот” сөмөлүөттэрин рейстэрэ тохтотуллаллар, Сэбиэскэй Сойууска электроника, көмпүүтэринэй тиэхиньикэ уонна ньиэп хостуурга аналлаах тэриллэр атыыланаллара бобуллар. Ону кытта АХШ, кини дойдутугар айыллыбыт технологиялар лиссиэнсийэлэринэн оҥоһуллар тэриллэри ССРС-ка атыылаабаттарын туһунан атын дойду тэрилтэлэригэр модьу­йар. Атыылыыр түгэннэригэр эмиэ АХШ сааҥсыйаларыгар түбэһэллэрин туһунан биллэрэллэр.

Билиҥҥи күн туругуттан көрдөххө, ити кэнниттэн туох буол­бута сэрэйиллэр – Германия, Франция, Великобритания байҕал нөҥүө “доҕордорун” этиитин кытта сөпсөһөллөр, “сэбиэскэй гаастан” кыккыраччы аккаастаналлар… Оннук этэ дуо? Суох!

Түөрт уон сыл анараа өттүгэр сааҥсыйа киллэрииитэ букатын атын хайысханан барар.

ФРГ экэниэмикэтин миниис­тирэ О. Ламбсдорф “АХШ субподрядчик быһыытынан интэриэс­тээх атыытыгар эмбарго олохтооһунугар кыттыһар санаабыт суох” диэн хайдах даҕаны атын толкуй киллэрбэт тимир-тамыр хоруйу аһаҕастык этэр.

“Тимир хотун” М. Тетчер, Польша боппуруоһугар сөбүлэһэрин туһунан этэр, ол эрэн, Сибииртэн Европаҕа гааһы тиксэрэр ситими тутууга мэһэйдиир дьайыыны “арҕаа альянс интэ­риэһигэр кутталы үөскэтии” курдук ааҕарын биллэрэр.

Франция бырабыыталыстыбата сааҥсыйаҕа түбэһэр кутталга киирбит тэрилтэлэрин судаарыс­тыба бас билиитинэн биллэрэр. Ити кэмҥэ Ф. Миттеран дьаһалтата социалистическай ньыманы туһанартан ончу толлубат кэмэ этэ.

Онноҕор ити гаастан туох да барыһы ылбат Япония АХШ сааҥсыйаларын атын дойду суверенитетыгар орооһуунан ааҕарын биллэрэр уонна АХШ лиссиэнси­йэтинэн оҥоһуллар тиэхиньикэни атыылыыртан аккаастамматын туһунан биллэрэр.

Саамай улахан ночооту Европаҕа үлэлиир АХШ тэрил­тэлэрэ уйуналлар. Эрдэ түһэрсибит хантараактарыттан аккаастанарга күһэйиллэн мөлүйүөнүнэн суумалаах ыстарааптары төлүүргэ ууруллаллар. Япония быһаарыныыта, биллэн турар, Сэбиэскэй Сойууска “тапталтан” тахсыбатаҕа – чуолаан ити дойду гаас ситимин тутуутун сүрүн табаар атыылааччыта этэ. Ол курдук, Япония уопсайа 1,2 млрд солкуобай кэриҥэ суумалаах гаас турбатын тардыыга аналлаах тэриллэри атыылаабыта. Тэҥнээн көрдөххө ФРГ – 883 мөл. солк., Италия – 688 мөл. солк., Франция – 615 мөл. солк., Финляндия – 267 мөл. солк. уонна Великобритания – 241 мөл. солк. суумалаах табаардары ситим тардыытыгар анаан атыылаабыттара. Онон Япония барыһа атыҥҥа сытара.

Кыах уонна барыс өлүүтэ атыннык араарыллыбыт кэмнэригэр, дойдулар суверенитеттара дьиҥнээхтик бэйэлэригэр баар кэмигэр, сааҥсыйанан суоһурҕаныы атын дьайыыны биэрбитэ.

Тутааччылар – “Рейган, эн сааҥсыйаларыҥ турбаҕа көттүлэр!” 

Ити курдук, тас дойдулар бэйэлэрин барыстарын өтө өйдөөн туора орооһууну утары биир киһи курдук туруммуттара.

Оттон дойду иһигэр АХШ өһүөмньүлээх дьайыытын норуот иһигэр кыйахана ылыммыта. Гаас ситимин тутуу “социалистическай күрэхтэһии” чэрчитинэн ыытыллыбыта, оробуочайдар түүннэри-күнүстэри үлэлээн, “пятилетка сүрүннүүр тутуутун” муҥутуур түргэнник олоххо киллэрэн барбыттара. Холобур, 36 ый иһигэр тутуллара былааннаммыт кэрчиги үс симиэнэнэн үлэлээн биир сыл иһигэр туттарбыттара. 1983 сыл сайыныгар гаас ситимин тургутуу саҕаламмыта, 1984 сыл тохсунньу 13 күнүгэр Уренгой гааһа Европа диэки барбыта.

Дьон кэпсииринэн, “улугуруу” эпохатыгар бу ситими тутуу кылгас кэмҥэ сэбиэскэй норуот санаатын өрө көтөхпүт, бииргэ түмпүт күүстээх хамсааһыннартан биир тиһэхтэрэ этэ…

Хаартыска: rg.ru саайтан

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago