Рентгенология салаатыгар бастакы дуоктар Лариса Шепелева

Share

 Бүгүҥҥү истиҥ-иһирэх дьоруойбут Лариса Петровна түөрт кыыстаах Шепелевтар дьиэ кэргэттэригэр төрдүс оҕонон Уус Алдан Бэйдиҥэ сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. Бу дьиэ кэргэн биир кэрэхсэбиллээх уратытынан да диэххэ сөп, үс улахан кыыстара бары нуучча тылын учууталын идэтин ылан, Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх учууталлара, үөрэҕирии туйгуннара, Учууталлар учууталлара буолбуттара буолар.

Сэрии аас-туор олоҕун билбит ийэлээх аҕа оҕолоро бар дьоҥҥо туһалаах идэни талалларыгар дьулуһуулара, ырааҕы өтө көрөр мындыр өйдөрө чахчы улахан оруоллаах. Улахан кыргыттара Дьокуускай куоракка үрдүк үөрэҕи ылар кэмнэригэр саха сайдам ыала, бэл, сүөһүлэрин туппутунан куоракка көһөн киирбитэ. Оччоттон да сахалар түөлбэлээн олорор Сайсары оройуонугар дьиэ атыылаһан, быр-бааччы буруо таһаарынан олорбуттара. Онон, кыра кыыстара Лариса сэттис кылаастан Сайсарыга 20-с оскуолаҕа үөрэнэн барбыта.

Лариса Петровна билигин күлэ-үөрэ кэпсииринэн, оччоттон да дьоҕус уҥуохтаах, тыа сирин сэмэй кыысчаанын ким баҕарар туората көрүөн сөптөөҕө. Лариса балаҕан ыйын 1 күнүгэр оскуолаҕа үөрэнэ кэлбитигэр, дуоска иннигэр  таһааран кинини «тургутан» көрбүттэрэ. Бороҕоҥҥо физмат-кылааска үөрэммит кыыс биэрбит сорудахтарын кимнээҕэр түргэнник сөпкө суоттаан соһуталаабыта. Онтон көрүдүөргэ тахсыбытыгар оҕолор: «Оо, төбө кэлбит!» – диэн саҥа аллайаннар, бэйэ киһитэ буола түспүтэ.

Дьиэ кэргэнэ

Лариса, баҕар, эдьиийдэрин тилэх баттаһа эмиэ нуучча тылын учуутала буолуон сөптөөҕө эбитэ буолуо. Ол гынан баран, Дьылҕа Хаан атыннык дьаһайбыта. Ийэлэрэ Екатерина Афанасьевна улаханнык ыалдьан, балыыһа киһитэ буолбута. Ыарыы эрэйин, орто дойдуттан арахсар күн-дьыл тирээн кэлбитин этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билэ сытар ийэлэрэ кыра кыыһыгар: «Лариса-аа, эн быраас буолуоҥ этэ…», – диэн кэриэс тылын эппитэ. Оччолортон да, орто сүнньү диэни соччо билиммэт, «баар» эбэтэр «суох» диэнинэн бигэтик салайтарар кыыс университет мэдиссиинэҕэ  факультетын бүтэрэн быраас буолбута,

Бороҕоҥҥо кыра кылаастарга бииргэ үөрэммит, биир паартаҕа олорбут доҕоро Владислав Доллоновтыын оскуола сылларыттан доҕордоһон, устудьуон сылларыгар олохторун холбообуттара. Күн бүгүн Доллоновтар атахтарыгар турбут, ыал буолбут уоллаах кыыс оҕолоохтор, икки сиэн таптал лаах эбээтэ-эһээтэ буолаллар.

* * *

Лариса эмчит алта сыллаах үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, аны аҕатын көрөр-истэр баҕаттан  куоракка хааларга быһаарыммыта. Үөрэҕи бүтэрбиттэри үлэҕэ аныыр хамыыһыйаҕа киирэригэр, Лариса Петровна фтизиатр буолар санаалааҕа. Ол гынан баран, хайыы үйэ миэстэ суох буолан биэрбитэ, арай, онуоха чугас рентгенолог-быраас миэстэтэ баара. Кыыс ити биэс мүнүүтэ кини инники дьылҕатын түстээбитин оччолорго ситэри өйдүү илигэ. Дьиҥэр, рентгенолог-быраас буолуом диэн хаһан да өйүгэр оҕустарбатаҕа эбээт. Онно даҕаны хамыыһыйа чилиэннэрэ: «Бу дьоп-дьоҕус кыысчаан лис курдук ыарахан аппарааттары хайдах сыҕарытан, хамсатан үлэлиэ эбитэ буолла?!» – диэн саарбахтыылларын кистээбэтэхтэрэ. Кырдьыга да, ол саҕана рентгеҥҥэ түһэрэр аппарааттар ыараханнарын ааһан, үлэлэрин процеһа да уустуктардааҕа, сардаҥаҕа тыктартарар да куттал улахана.

Үлэҕэ анаммыт эдэр исписэлиис Саха сирин рентгенологиятын корифейа, өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа рентгенология отделениетын сэбиэдиссэйэ Владимир Алексеевич Баранов «илиитигэр киирбитэ».

Интернатураны бүтэрбит, ол гынан баран, үлэлииргэ өссө да үөрүйэҕэ суох эдэр быраас  сэллиги утары охсуһар куорат диспансерыгар тиийбитэ. Манна саҥа үлэһит кэлэрин күүтэн олорбут курдук этилэр. Ол туһунан Лариса Петровна: «Мин кэлээппин кытары тута улахан дьону көрөр рентгенологынан олордон баран, бары уоппускаҕа баран хаалбыттара. Тугу кистиэмий, хаалбыт фтизиатрдарга бэйэлэригэр тиийэн: «Бу снимокка тугу көрөҕүт, туох уларыйыы баарый?» – диэн сүбэлэтэ-сүбэлэтэ сурунар этим. Арай биирдэ,  улахан уопуттаах быраас Раиса Прохоренко: «Итиннэ архыыпка ыарыһахтар устуоруйалара уонна снимоктара бааллар. Олор боротокуолларын аах, үөрэн», – диэн сүбэлээбитэ. Инньэ гынан, үлэ кэнниттэн киэһэ хаалан подшивкалары таһаара-таһаара көрөн элбэххэ үөрэммитим», – диэн ахтар.

Лариса Петровна үлэ оскуолатын ааспыт балыыһатын өрөспүүбүлүкэ таһымнаах диспансер оҥорбуттарыгар, оҕо рентгенолога буоларга быһаарыммыта. Оччолорго Саха сиригэр оҕо рентгенолога диэн анал быраас аҕыйаҕа. Сэдэх идэлээх исписэлиис буоларыгар үтүө сүбэлэрин биэрбит, үгүс үөрүйэхтэрин үллэстибит дьонунан Владимир Баранов, Клара Иванова, Серафима Рожина, Людмила Швец курдук үлэлэригэр бэриниилээх быраастары ааттыыр, кинилэргэ күн бүгүҥҥэ диэри Лариса Петровна махталын этэр.

Наукаҕа айан

Өрөспүүбүлүкэтээҕи сэллиги эмтиир диспансерга үлэлии сырыттаҕына, сэбиэдиссэйэ Нина Михайловна Петрова ыҥыран: «Лариса, науканан дьарыктаныаххын баҕарбаккын дуо? Мин наукаҕа барарга сананным, иккиэн научнай-чинчийэр институкка көһүөххэ», – диэн соһуччу этиилээх буолан биэрбитэ. “Аҕам барахсан, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Петр Степанович учуонайдар диэн олох киһиттэн эрэ уһулуччу дьон буолалларын курдук саныыра уонна биир эмэ оҕото учуонай ­буоларыгар ыра санаатын арыт этэрэ”, – диэн ахтар бүгүҥҥү дьоруойбут. Мэлдьи буоларын курдук, аан бастаан олоҕун аргыһын кытары кэпсэтэригэр Владислав Семенович туохтан да толлубакка, иннин диэки баран иһэригэр сүбэлээбитэ.

Москваҕа 1995 с. фтизиопульмонология научнай-чинчийэр институтугар бэрэпиэссэр, мэдиссиинискэй наука дуоктара, Арассыыйа кылаабынай фтизиопедиатра В.А.Аксенова салалтатынан аспирантураҕа кэтэхтэн үөрэммитэ. Икки сылынан кандидатскай диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.

Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев ырааҕы өтө көрөр бэлиитикэтинэн, Мэдиссиинэ национальнай киинэ аан дойду бастыҥ тэрилинэн, ол иһигэр көмпүүтэринэй уонна магнитнай-резонанснай томографтарынан сэбилэммитэ. Мэдиссиинэ национальнай киинигэр рентгенология сулууспатын сэбиэдиссэйэ Владимир Баранов үөрэтэр-сайыннарар соруктаах эдэр учуонайы 2000 с. оҕо рентгенологынан бэйэтигэр үлэҕэ ыҥырбыта.

 

Инникини өтө көрөн

 Лариса Шепелева көмпүүтэринэй томографка, бэйэтэ этэринии, оҕолуу ымсыырбыта, саҥа ньыманы баһылаары Мэдиссиинэ национальнай киинигэр үлэҕэ киирбитэ. Саҥаны билиэх-көрүөх санаата батарбакка, КТ исписэлиистэрин тастарыгар саҥата-иҥэтэ суох кэлэн олорунан кэбиһэрэ. Биир идэлээхтэрин көрөн, элбэҕи ааҕан, сыыйа бэйэтэ үөрэммитэ. Кини  саҥа аппарааты баһылаан, оҕолору көрөр кистэл санаалааҕа. Кини Т.П.Дмитриева аатынан оҕо санаторийын кылаабынай бырааһа, талааннаах тэрийээччи, идэтигэр олус бэриниилээх Людмила Матвеева этиитинэн, Мэдиссиинэ киинин иһинэн оҕолору көрөргө дуогабар түһэрсибиттэрэ. Инньэ гынан, Лариса Петровна санаторий оҕолорун аҕалан, көмпүүтэринэй  томографка көрөр, түмүк оҥорор буолбута. Онон, сэллигинэн ыалдьыбыт оҕолору бу аппараакка көрүү Саха сиригэр бу кэмтэн ыла, 2004 сылтан саҕаламмыта. Бүгүҥҥү сэһэргэһээччим бу кэми идэҕэ сайдыытын иккис түһүмэҕинэн ааҕар.

Людмила Ильинична киэҥ билиилээх, кэскиллээх Лариса Шепелеваны таба көрөн, бэйэтин оннугар кылаабынай бырааһынан хаалларар баҕатын биллэрбитэ. Ол гынан баран, 2007 сыллаахха урут үлэлээбит институтун дириэктэрэ Александр Федорович Кравченко лучевой отделение сэбиэдиссэйинэн ыҥыран, онно үлэҕэ киирбитэ. Научнай-чинчийэр институкка сабыс-саҥа көмпүүтэринэй томограф туруоруллубута, үлэ таһыма лаппа үрдээбитэ, отделение отуттан тахса үлэһиттээх улахан салаа буолбута, өрөспүүбүлүкэ бары улуустарын ыарыһахтара сыһыарыллыбыттара.

Күн бүгүн Егор Спиридонович Прокопьев салайар “Фтизиатрия” Научнай-практическай киин аныгы мэдиссиинэ тиэхиньикэтинэн салҕыы хааччыллар.  2022 сыллаахха биир эргииригэр 64 араҥаҕа арааран киһи ис уорганнарын  ырылыччы көрдөрөр улахан кыамталаах көмпүүтэринэй  томограф туруоруллан,  учуонай  үөрүүтэ үрдүк.

«Биһиги исписэлиистэрбит дириҥ билиилээхтэр, элбэх сыл ыстаастаахтар, үрдүк категориялаахтар. Кэскиллээх эдэр исписэлиистэрбит эмиэ элбэхтэр. Ханнык да балыыһаҕа суох баай научнай бибилэтиэкэлээхпит. Командировкаҕа, үөрэххэ да сырыттарбыт аналлаах кинигэ тутуурдаах кэлэбит. Быраас үлэлиирин тухары мэлдьи үөрэниэхтээх, анал литэрэтиирэни ааҕыахтаах, оччоҕо эрэ кини идэтин дириҥник хорутан билэр буолар», – диэн этэр Л.Шепелева.

Кини  сыл аайы ыытыллар бырактыычаскай рентгенолог-быраас өрөспүүбүлүкэтээҕи Оскуолатын төрүттээччинэн, тэрийээччинэн буолла. Бастакы оскуола 2019 сыллаахха тыынар уорганнар ыарыыларын диагнозтааһыҥҥа анаммыта. 2020-2023 сыллардаахха ыытыллыбыт быраастар оскуолалара сэллик араас уорганнары сутуйуутун быһаарыыны таһынан,  онкология боппуруостарын хаппыта. Итини таһынан “Фтизиатрия” НПК иһинэн үлэлиир Идэлээх бэлэмнээһин киинигэр Лариса Петровна тус бэйэтэ аҥаардас 2022 сыл устата 17 рентгенолог-бырааһы уонна 13 ординаторы идэлэрин үрдэтэр кууруска үөрэттэ. Куорат уонна өрөспүүбүлүкэ рентгенолог-быраастара соҕотох наука дуоктарыгар үөрүүнэн үөрэнэ кэлэллэр.

2016 сыллаахха Л.П.Шепелева доруобуйа харыстабылын миниистирин бирикээһинэн диагностическай хайысха быраастарын аттестациялааһын Экспертнэй бөлөҕүн бэрэссэдээтэлинэн анаммыта.

Отделение сэбиэдиссэйэ быраастартан, сиэстэрэлэртэн ыарыһахха иһирэх сыһыаны, хардарыта көмөлөсүһүүнү,  этика уонна деонтология нуормаларын эҥкилэ суох тутуһууну ирдиир. Ыарыһахтары өйүүр, санааларын көтөҕөр, ыарыыларын, эмтэнэр ньымаларын өйдөнүмтүө гына быһааран биэрэр истиҥ сыһыанын иһин киниэхэ көрдөрбүт, эмтэммит дьон махтала улахан. Ол да иһин, үгүс киһи Лариса Шепелева аатын ааттаан туран, киниэхэ көрдөрө тиийэр.

2020 сыллаахха өрөспүүбүлүкэни барытын хабар “Архимед” диэн мэдиссиинискэй  түһэриилэр киин электроннай архыыптара тэриллибитэ. Бу архыып ханнык да ыраах улууска үрдүк хаачыстыбалаах суһал теле-мэдиссиинэ көмөтүн оҥорууга бигэ тирэх буолла. Бу ситим көмөтүнэн 2022 сыллаахха Лариса Шепелева 140 теле-мэдиссиинэ консультациятын ыыппыта.

Күннээҕи бырактыычаскай үлэни таһынан Лариса Петровна салайар лучевой диагностика салаата далааһыннаах научнай-чинчийэр үлэни ыытар. Былырыыҥҥыттан ыла рентген-диагностика хайысхатыгар ускуустубаннай интеллект алгоритмнарын  ырытан киллэрии соругун ылсан үлэлэһэн эрэллэр. Бу кэскиллээх үлэни биһиги быраастарбыт М.В.Ломоносов аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай университет Фтизиопульмонологияҕа уонна сыстыганнаах ыарыыларга национальнай мэдиссиинискэй  чинчийэр киинин кытта ыыталлар.

«Бастыҥ быраас»

 2014 сыллаахха ыытыллыбыт «Саха сирин бастыҥ бырааһа» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус кыайыылааҕын үрдүк аатын Лариса Шепелеваҕа иҥэрбиттэрэ.

Унньуктаах научнай чинчийэр үлэтин түмүктээн, 2015 сыллаахха  И.М.Сеченов аатынан Москватааҕы Бастакы судаарыстыбаннай мэдиссиинискэй университет Диссертационнай сэбиэтигэр дуоктар  диссертациятын көмүскээн, Саха сирин доруобуйатын харыстабылын устуоруйатыгар рентгенология салаатыгар Лариса Шепелева бастакы наука дуоктарынан буолбута.

Кини диссертацията аан дойдуга билиҥҥи кэмҥэ балысханнык сайдар саҥа технология – көмпүүтэринэй  томографияны оҕо аймахха сэллиги быһаарыыга туһаныыга анаммыта. Бу ньымаҕа кини үлэтэ дойду үрдүнэн аан бастакылартан биирдэстэринэн  буолар, сэллиги аныгы технология кыаҕын туһанан төрүт эрдэ уонна чопчу хайдах быһаарары эридьиэстиир.

Диссертационнай сэбиэт бэрэссэдээтэлэ,  Арассыыйа  Наукаларын академиятын дьиҥнээх чилиэнэ С.К.Терновой этэринэн Л.П.Шепелева докторскай диссертацията сэллиги диагностааһыҥҥа илэ-чахчы “тоҕо көтүүнэн” (“прорыв”) буолбута. Ол курдук, Лариса Петровна наукаҕа үлэтэ көмпүүтэринэй томография эрэ кыаҕынан көстөр бытархай былчархайдар сэллик көрүҥэ буолбакка, киһи тыҥатын чэгиэн эттиктэрэ буолалларын дакаастаан, урукку өттүгэр уһун, уустук эмтээһиҥҥэ ыытыллар хас эмэ тыһыынчанан киһи ыар диагнозтан босхоломмута, судаарыстыба итиниэхэ ыытар үбэ-харчыта атын олус наадалаах хайысхаларга туттуллар кыаҕа үөскээбитэ.

2017 с. «Арассыыйа бастыҥ бырааһа» куонкуруска тэрилтэтэ уонна доруобуйа харыстабылын салалтата эмиэ кинини туруорбуттара. Түмүгэр, Лариса Петровна диагностика хайысхатыгар «Арассыыйа бастыҥ бырааһа» үрдүк аатын ылар чиэскэ тиксибитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ таһаарбыта.

2020 сыллаахха Лариса Петровнаҕа Арассыыйа үтүөлээх бырааһын үрдүк аата иҥэриллибитэ.

«Ити улахан кыайыы мин эрэ кыайыым буолбатах. Бу Саха сирин мэдиссиинэтин  ситиһиитэ, үлэлиир тэрилтэм кыайыыта. Үрдүк аат-суол дьаныардаах үлэ түмүгэр кэлэр уонна киһини элбэххэ эбээһинэстиир”, – диэн Лариса Петровна кэпсэтиибитин түмүктүүр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago