Ретро: ырыа, үҥкүү, матыып

Ретро: ырыа, үҥкүү, матыып

Ааптар:
16.08.2024, 15:00
Хаартыскаҕа Айталина Аргунова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Дьокуускайга А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр бэртээхэй тэрээһин буолла.

«Ретро: ырыа, үҥкүү, матыып» куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын болҕомтолорун тарта, биһирэбили ылла. Билигин да дьон кэрэхсии истэр ырыалара дьиэрэйдилэр диэн норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата суруйар.

Бу күн СӨ култуура туйгуна Лена Жиркова — Долгун кыыһын, Ирина Стрекаловская салайааччылаах «Ямские бубенцы» ансаамбыл, «Русь» ансаамбыл солистара Елизавета Глаголева, Валерия Сергеева ырыаларын, Ксения уонна Василий Пинигиннэр дуэттарын, Юрий Тудуповы, «Ямская гармонь», «Служба 02» Валерия Добрянцева толорууларын астына-дуоһуйа иһиттилэр. «Мозаика», «Мир танца» үҥкүүлэрин сөҕө-хайгыы көрдүлэр.

70-90-с сыллар — бу история биир кэрчигэ, ураты көрүү, ураты кэрэ турук.

А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата

Хаартыскаларга Айталина Аргунова түһэриилэрэ

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -1°C
  • Ощущается: -4°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: