«Ретрограднай» Меркурий кэмэ сарсын түмүктэнэр
Сарсыҥҥыттан, муус устар 25 күнүттэн «ретрограднай Меркурий» дьайыыта бүтэр. Ол аата тугуй? Дьоҥҥо хайдах дьайарый?
Астрологияҕа «ретрограднай Меркурий» көстүүтэ диэн — ол аата бу планета төттөрү, кэннинэн барыыта ааттанар. Дьиҥинэн, халлаан эттигэ, бүтүн планета иннин диэки баран иһэн, тохтоон баран, төттөрү барбат буоллаҕа. Ол эрээри, бу кэмҥэ Сиртэн көрдөххө, чахчы төттөрү баран иһэр курдук көстөр, ол эбэтэр, харах баайыыта (оптическая иллюзия) буолар.
Меркурий бэйэтин орбитатынан Сирдээҕэр түргэнник, Күнү 88 хонук иһигэр эргийэр. Саамай түргэн, саамай кыра, Күнтэн саамай чугас уонна итии планета буолар. Онтон Сиргэ чугаһыыр, алтыһар кэмнэригэр, бытааран ылар, онуоха төттөрү баран иһэр курдук көстөр.
Меркурий сылга үстэ-түөртэ «төттөрү» барар, бу кэм үс нэдиэлэ кэриҥэ буолар. Бу кэнники кэмҥэ муус устар 1-25 күннэригэр «ретрограднай Меркурий» буолла. Атырдьах ыйыгар диэри «һуу» гынабыт.
Бу кэмҥэ араас быһылааннар, алдьаныылар буолаллар диэн этэллэр. «Барытыгар ретрограднай Меркурий буруйдаах» диэн дэлэҕэ уос номоҕо оҥостуохтара дуо? Бу кэмҥэ тиэхиньикэ алдьанар, дьон сыһыана буорту буолар, дьыала-куолу сатаммат, араас быһылааннар буолаллар үһү.
2024 сылга Меркурий хаһан «ретрограднай» буолар?
Муус устар 1-25 күннэригэр;
атырдьах ыйын 5-28 күннэригэр;
сэтинньи 26-ахсынньы 15 күннэригэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: