Ревматизмнаах ыарыһах элбээтэ

Ревматизмнаах ыарыһах элбээтэ

29.07.2023, 13:45
Хаартыска: Ааптар тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Үрдүк категориялаах ревматолог-быраас, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Дьокуускайдааҕы килиниичэскэй балыыһа ревматологияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Галина Саввиналыын ревматизм туһунан кэпсэттибит.

Ревматолог-быраастар этэллэринэн, ревматизмнаах ыарыһах ахсаана элбии турар. Кинилэр үгүстэрэ бу дьарҕаттан сыыстарыахтарын уонна 70% инбэлииккэ тахсыахтарын сөп.
— Галина Робинзоновна, ревматизм туохтан үөскүүрүй?
— Бу ыарыыларга тириэрдэр кэккэ төрүөттэр бааллар. Биһиги саныырбытынан, онно стресс эмиэ киирсэр. Ол куруук килиимэт, тымныйыы, олох усулуобуйата, табахтааһын (никотин организмҥа дьайыыта), ыарыыны көбүтэллэр.
— Ыарыы хайдах биллэрэрий?
— Артрит — сүһүөхтэр сүһүрүүлэрэ. Ол эбэтэр бастаан сүһүөх иһэр, дарбайар, онтон хас да сылынан уҥуох “бытарыйыытын” суотугар сүһүөхтэр уларыйаллар. Бехтерев ыарыыта — бу ааспат-арахпат ыарыы, сис тоноҕоһо буомурар, ыарыһах оронтон нэһиилэ турар буолар.
— Ревматизм киһи сааһын кытта сибээстээх дуо?
— Суох. Ол оннугар гены, тымныы килиимэти, күн тиийбэтин кытары сибээстээх.
— Ревматизмынан ыалдьыы дьыл кэмиттэн тутулуктаах диэн этиэххэ сөп дуо?
— Тутулуга суох.
Оттон Бехтерев ыарыытыттан үксүгэр — эр дьон, оттон ревматоиднай артриттан дьахталлар эмсэҕэлииллэр. Ревматизмынан ыалдьыы идэ көрүҥүттэн эмиэ тутулуктаах
диэххэ сөп. Ордук өр кэмҥэ атахтарыгар туран үлэлииргэ күһэллэр асчыттар, баттах кырыйааччылар уонна ыараханы көтөҕөр, тымныыга үлэлиир
дьон, идэтийбит спортсменнар — бары ревматизмныыр кутталлаах бөлөххө киирсэллэр.

х х х

Өскөтүн хаамаргар, кирилиэһи дабайаргар сүһүөҕүҥ ыалдьар, температураҥ үрдүүр, уопсай туругуҥ мөлтүүр, тирииҥ бааһырар, быччыҥнарыҥ ыалдьар, ыйааһыныҥ эмискэ түһэр буоллаҕына, быраастар түргэнник исписэлиискэ көрдөрөргө сүбэлииллэр.

Зоя ИГНАТЬЕВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: