Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнигэр Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ — СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, байыаннай сулууспалаахтары өйүүр кэлим сүрүннүүр киин бэрэссэдээтэлэ 1 №-дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа — мэдиссиинэ национальнай киинигэр сытар байыастары көрүстэ.
Андрей Федотов байыаннай сулууспалаахтары эҕэрдэлээтэ, кинилэринэн дойдубут киэн туттарын этэн туран, сулууспаларын уонна дьоруойдуу быһыыларын иһин махтанна. Кэлим сүрүннүүр киин бэрэссэдээтэлэ өрөспүүбүлүкэ байыастарга өйөбүлү оҥорорун, итинник өйөбүл дойдуларыгар кэллэхтэринэ эмиэ баарын эттэ. Маны сэргэ, кини байыастар түргэнник үтүөрэллэригэр быраастар бары кыһамньыларын ууралларын бэлиэтээтэ.
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…