РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Саҥа дьылынан эҕэрдэтэ
2024 сыл дойдубутугар уустук сылынан буолла. Сүүсчэкэ тыһыынча Арассыыйа хорсун-хоодуот дьоно дойдубут көҥүлүн уонна тутулуга суох буолуутун байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар сааларын-саадахтарын туппутунан көмүскүүллэр.
НАТО дойдулара эйэлээх куораттары ытыалаан, Арассыыйаны сааҥсыйанан хааччахтаан, уопсастыбаҕа айдааннаах арахсыыны олохтуу сатыыллар. Оттон биһиги Ийэ дойдуга тапталы, Бэрэсидьиэҥҥэ эрэллээх буолууну, сүрэхпитигэр сылааһы, сымнаҕас санааны сыһыаран туран, иннибит хоту баран иһэбит.
Биһиги Кыайыыга эрэллээхпит. Саҥа 2025 сыл үгүс үтүө өрүттэрдээх, дьоллоох буолуоҕа, хас биирдии дьиэҕэ баҕа санаа туолуутун, эйэни уонна уйгулаах олоҕу аҕалыаҕа диэн эрэнэбит. Биһиги бииргэбит, сомоҕолоһуулаахпыт, кырдьык туһугар туруулаһабыт.
Саҥа сылга дьолу-соргуну, доруобуйаны, ситиһиини уонна бары үтүөнү баҕарабын!
РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта — РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Ю.П.Трутнев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: