РФ бүддьүөтэ биэнсийэни эбии индексациялыырга бэлэмин эттилэр. Төлөбүр төһөнөн үрдүөҕэй?
22.01.2025, 17:30
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:
Арассыыйа бүддьүөтэ гражданнарга биэнсийэни эбии индексациялыырга бэлэм.
Бу туһунан Судаарыстыбаннай Дуума социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтин чилиэнэ Екатерина Стенякина эттэ. Ол эбэтэр бырабыыталыстыба 2025 сыл олунньу 1 күнүгэр диэри ааспыт сыллааҕы инфляция таһымын учуоттаан страховой биэнсийэлэри салгыы индексациялыыр. Эбии үрдээһин 2,22 бырыһыан буолара чопчуланар.
Страховой биэнсийэни эбии индексациялааһын 40 мөлүйүөн кэриҥэ киһиэхэ дьайыаҕа.
Санатан эттэххэ, быйыл тохсунньу 1 күнүгэр үлэлээбэт да, үлэлиир да биэнсийэлээхтэр страховой биэнсийэлэрэ 7,3% индексацияламмыта. Росстат дааннайынан, 2024 сылга дойдуга инфляция 9,52% тэҥнэспит.
+1
6
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: