РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин 2025 сыллааҕы бырааһынньыктааҕы өрөбүл күннэри бигэргэтэр уураахха илии баттаата диэн «Московский комсомолец» суруйар.
Уһун өрөбүллэр ыам ыйыгар буолаллара күүтүллэр: ыам ыйын 1-4 күннэригэр уонна ыам ыйын 8-11 күннэригэр.
Кулун тутардааҕы уонна олунньутааҕы бырааһынньыктарга өрөбүллэр күүтүллүбэттэр. Арай, кулун тутар 7 күнэ кылгас үлэ күнүнэн буолуоҕа.
Онтон Арассыыйа күнүгэр бэс ыйыгар өрүөхпүт — бэс ыйын 12-15 күннэригэр.
Сэтинньигэ Сомоҕолоһуу күнүн бэлиэтиибит. Сэтинньи 1 күнүгэр, субуотаҕа, үлэ күнэ, оттон өрөбүллэр сэтинньи 2-4 күннэригэр буолуохтара. Ахсынньыга Саҥа дьыл күн — ахсынньы 31 күнүгэр өрүөхпүт.
Санатан суруйдахха, бу нэдиэлэҕэ икки күн үлэлиибит — тохсунньу 9-10 күннэригэр.
ИДьМ Дьокуускайдааҕы 2-с №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар киин куорат олохтооҕо уоруу тахсыбытын туһунан иһитиннэрбит.…
Өлөөн улууһун Харыйалааҕар сэргэх үлэлээх мастарыскыай баар. Сэбиэскэй кэм саҕанааҕы тутуу диэтэххэ, дьиэлэрэ киэҥэ-куоҥа сүрдээх.…
Дьокуускайга бу сыл тохсунньу 11 күнүттэн боксаҕа кыргыттар ортолоругар сүүмэрдиир чөмпүйэнээт ыытыллар. Кыайыылаах спортсменнар Уһук Илиҥҥэ күрэхтэһиигэ кыттар…
Саха сиригэр ИДьМ үлэһиттэрэ Иркутскай уобалас 33 уонна 36 саастаах икки олохтоохторун тутан аҕаллылар. Кинилэр…
Доруобуйа харыстабылын Бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) сүбэлииринэн, нэдиэлэҕэ кырата 150 мүнүүтэ сөбүгэр соҕус эбэтэр…
Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ кэмигэр Саха сиригэр уонна госпиталь хайысхатынан 130 саҥа уонна хатыланар үлэ толоруллубут,…