СИА хаартыската
РФ премьер-миниистирэ Михаил Мишустин эппитинэн, маннык көрүҥнээх истипиэндьийэлэр сыл бүтүөр диэри өссө 12 хайысханан улаатыахтара, диэн суруллар РИА Сонуннарга.
“Дьүүллэһэн баран, аҕыс анал ааттаах истипиэндьийэни улаатыннардыбыт: устудьуоннарга 15 тыһ. солк. диэри, аспираннарга 20 тыһ. солк. диэри. Тоҕо диэтэххэ бу истипиэндьийэлэр аҕыйах мөһөөх этилэр. Хайдах ананара, төлөнөрө ситэрэн-хоторон оҥоһулунна”, — диэн быһааран биэрдэ Мишустин.
Маннык анал ааттаах истипиэндьийэлэри ситиһиилээх, уһулуччу чинчийэр кыахтарын көрдөрбүт устудьуоннарга биһирэбил быһыытынан аныыллар. Олору судаарыстыбаннай былаас, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара, тэрилтэлэр, биирдиилээн дьоннор аныахтарын сөп. Холобур, АФ Оборуона министиэристибэтэ анал ааттаах истипиэндьийэтин суворовскай байыаннай училище курсааннарыгар туттарар.
Өссө ханнык анал ааттаах истипиэндьийэлэр баалларый? Вознесенскай аатынан (литэрэтиирэҕэ, суруналыыстыкаҕа), экономикаҕа Гайдар аатынан, Лихачев аатынан (культурологияҕа уонна филологияҕа), Собчак аатынан (юриспруденцияҕа ситиһиилэннэххинэ), о.д.а.
Биһиги үрдүк үөрэхпит кыһалара ситиһиилээх устудьуоннарыгар эмиэ анал ааттаах истипиэндьийэлэрэ туттарар, онон бука кинилэргэ да үрдүүрэ буолуо.
Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый? Бу туһунан объясняем.рф быһаарар. [gallery ids="242654,242655,242656,242657,242658,242659,242660,242661"]
Хой Элбэҕи былаанныыгын уонна санааҥ күүһүн ситэри тиэрдибэккин. Санааҕын ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Ол…
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…
Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…
Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…
Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…