РФ Бырабыыталыстыбатыгар уот эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр
РФ Бырабыыталыстыбатыгар 2042 сылга диэри дойду энэргиэтикэҕэ эбийиэктэрин генеральнай схематын бигэргэттилэр. Докумуоҥҥа чуолаан РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин “Энэргиэтикэ” хайысхатыгар хамыыһыйатын мунньаҕар оҥоһуллубут быһаарыылар киирдилэр.
“Бу суолталаах докумуон дойду экэниэмикэтигэр ирдэнэр уот тиһигин быспакка хааччыйыыга сүрүн күүһү уонна эбийиэктэр хаһаайыстыбаларын ситимин быһаарар” – диэн Ил Дархан, РФ Судаарыстыбаннай Сэбиэтин “Энэргиэтикэ” хайысхатыгар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Айсен Николаев бэлиэтиир.
Генеральнай схемаҕа киирбит быһаарыылар Сибиир уонна Уһук Илин эрэгийиэннэрин уотун эрэллээхтик хааччыйыыга эмиэ сыһыаннаахтар. Саха сиригэр бу кыра кыамталаах атомнай ыстаансыйаны, Новоленскай тепловой электро-ыстаансыйаны уонна Нерюнгри ГРЭСгэр икки эбии уот блоктарын тутуу буолар. Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 иккис уочаратын, Чульмаҥҥа Соҕурууҥҥу Саха сиринээҕи ТЭСы үлэҕэ киллэрии былааннанар.
Генеральнай схема сүрүн сыалынан табыгастаах кыамталаах тутулу уонна тиһигин быспакка кэлэр, көдьүүстээх уотунан хааччыйар уот ситимин хаһаайыстыбатын эбийиэктэрин тэрийии буолар. Докумуон электроэниэргийэ дьипписиитэ үөскүөн сөбүн эрдэттэн туоратыыга уонна уот ситимин үлэтин эрэллээхтик хааччыйыы миэрэлэрин оҥорууга туһаайыллар.
Генеральнай схема 2050 сылга диэри Арассыыйа энэргэтиичэскэй стратегиятын бырайыагын, дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сабаҕалааһыннарын, энэргиэтикэ билиҥҥи эбийиэктэрин туругун туһунан чахчылары киллэрэн туран, элбэх төрүөтү учуоттаан оҥоһуллубут.
Санатан эттэххэ, Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыйааҕынан Судаарыстыбаннай Сэбиэт “Энэргиэтикэ” хайыстыгар хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлинэн ааспыт сыл от ыйыгар анаммыта.
Күн бүгүн хамыыһыйа 136 чилиэннээх. Манна РФ 64 субъегын бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр, ол иһигэр, эрэгийиэн 17 баһылыга. Былырыын хамыыһыйа 11 мунньаҕы тэрийэн ыыппыта, итинтэн алтата Айсен Николаев бэрэссэдээтэллээһининэн.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: