Саина Титова хаартыската, ЯСИА
Саха сириттэн РФ сенатора Егор Борисов Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатыгар эпэрээссийэлэннэ. Быраастар уустук катарактаны эмтээтилэр. Эпэрээссийэ этэҥҥэ ааспытын, Егор Борисов офтальмологтар идэтийиилэрин уонна балыыһа хааччыллыытын хайҕаабытын туһунан ЯСИА суруйар.
Егор Афанасьевичка бу балыыһаҕа иккис эпэрээссийэтин оҥордулар.
«Түөрт сыллааҕыта катаракта уҥа харахпын бүтүннүү сабан кэбиспитэ. Суһаллык эмтэнэ Москваҕа барарбар эппиттэрэ. Ол эрээри мин Саха сирин офтальмологтарыгар кэлбитим, киин Арассыыйаҕа үлэлиир кэллиэгэлэриттэн туох да уратылара суох буоллахтара. Катарактаны суох оҥорууга иккис эпэрээссийэбин бэҕэһээ, атырдьах ыйын 11 күнүгэр, оҥордулар. Бүгүн массыына уруулугар олорорго бэлэммин. Быраастарга махталым муҥура суох. Харах балыыһатыгар материальнай-тиэхиньиичэскэй бааза тупсубут, быраастар Дьокуускайга эрэ буолбакка, оройуоннарга эмиэ тиийэн көмөлөһөллөр», — диэн Егор Борисов этэр.
Кинини уопуттаах офтальмохирург-быраас Иннокентий Белолюбскай эпэрээссийэлээбит.
Алтынньы ыйга Саха сиригэр өссө 20 км уһуннаах эрэгийиэннээҕи суолталаах суол өрөмүөнэ түмүктэннэ. Бу туһунан…
Үлэ ырыынагар үлэһит илии тиийбэтэ уонна импорты солбуйар оҥорон таһаарыы күүскэ сайдыыта кэнники сылларга хамнас…
Таатта улууһун борокуратууратын быһаарбытынан, Алдан нэһилиэгин баһылыга дуоһунаһын туһанан, урбаанньыт быраатын кытта 453 тыһ. солк.…
Реабилитацияланарга тэхиниичэскэй сириэстибэлэри прокаттыыр пууннар өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка аһылыннылар, диэн СӨ Үлэҕэ…
Бүгүн Хаҥалас улууһугар бэлиэ тэрээһин – Тыгын Дархан пааматынньыгын уонна кини сыдьааннарыгар анаммыт мемориальнай комплексы…
«Кыайыыга бииргэ!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа байыаннай сулууспалаахтары эбии хааччыйыыга былааннаах үлэтин салгыыр. Кэлэр нэдиэлэҕэ байыаннай дьайыы…