РФ сэнээтэрэ Егор Борисов Саха сиригэр кэллэр эрэ, дьонун-сэргэтин кытта хайаан да көрсөн, санаатын атастаһар үтүө үгэстээх.
Кини бу уустук кэмҥэ буола турар быһыыны-майгыны билиһиннэрэр, олох араас өрүттэригэр биир дойдулаахтарын санааларын истэр, сыһыаннарын үөрэтэр. Бу, биллэн турар, кини сэнээтэр быһыытынан үлэтин ис хоһоонугар олус туһалааҕа чахчы. Бу сырыыга кини суруналыыстары кытта сирэй көрсөн кэпсэттэ, санаатын үллэһиннэ.
Егор Борисов үгүс сытыы боппуруоска тохтоото. Биллэн турар, тыа хаһаайыстыбатын олус үчүгэйдик билэр буолан, бу боппуроска бэйэтин санаатын үллэһиннэ.
— Дойдуга тыа сирин кэлим сайдыыта тэтимнээхтик барар — оскуолалары, дьиэлэри, балыыһалары тутабыт. Ол эрээри быһаарыыны эрэйэр боппуруос үгүс. Арассыыйаҕа 155 тыһыынча тыа сирин бөһүөлэктэрэ бааллар, онтон 80 тыһыынча бөһүөлэккэ сүүскэ тиийэ эрэ киһи олорор. Бу нэһилиэнньэлээх пууннарга балаһыанньа биллэ араастаһар — сорох сиргэ оскуола, балыыһа баар, сорох сиргэ суох. Манан сибээстээн, тыа сирин кэлим сайдытыгар сыһыаннаах «төгүрүк остуолу» көҕүлээбитим, онно бары федеральнай министиэристибэлэр ыҥырыллан, тыа сиригэр социальнай стандартарын, ол эбэтэр тустаах ирдэбиллэри оҥорорго сорук туруоруллубута, — диэн суруналыыстарга иһитиннэрдэ сэнээтэр.
“Биллэн турар, эһиги билигин миигиттэн быыбар боппуруостарыгар, бэйэни салайыныы уорганнарын инники дьылҕаларын истиэххитин баҕараргыт чуолкай” диэн туран, Егор Борисов бу күннэргэ Дьокуускай куорат мээрин быыбарын туһунан санаатын маннык үллэһиннэ:
— Дьокуускай куоракка быыбарга быыбардааччылартан аҥарыттан аҕыйаҕа кыттар. Холобур, ааспыт быыбарга быыбардааччы 48% эрэ кыттыбыта, ити 48%-тан 20%-на эрэ билиҥҥи баһылыкка куоластаабыт. Ол эбэтэр баһылыгы быыбардааччылар уопсай ахсааннарыттан 20%-тан кыра киһи талбыт буолан тахсар. Бу нэһилиэнньэ уопсай санаатын көрдөрөр дуо? Ханнык да өттүнэн көрдөрбөт. Маннык быыбардар саамай кыра түмүктэри биэрэллэр, ол эрээри кинилэр баһыйар ахсаанынан талбакка, салайааччыны талар инструменынан эрэ буоллулар. Ол эбэтэр муниципальнай тэриллиилэргэ быыбардар дьон былааска тахсар түгэннэринэн эрэ буолан, муниципальнай тэриллиилэр баһылыктарынан түбэһиэх дьон буолаллара баар суол. Онон идэтийбит дьону, хаһаайыстыба боппуруостарын сатаан быһаарсар, билэр салайааччылары талар туһунан толкуйдуохха наада»,, — диэн бэлиэтээтэ Егор Афанасьевич.
РФ сэнээтэрэ үгүс боппуруостары сиһилии ырытта. Суруналыыстары кытта көрсүһүүтүн Егор Борисов “Миэхэ өрөспүүблүкэтээҕи таһымнаах салайааччыттан саҕалаан, тыа сирин олохтооҕор тиийэ араас сүбэ-ама көрдөһүүлээх кэлэллэр. Ол курдук, ыарыһах дьон кыһалҕаларын, сир баайын туһанааччылар тирээн турар боппуруостарын быһаарыыга тэҥҥэ үлэһэбин. Ити курдук, күн аайы быһаарыыны эрэйэр боппуруос үгүс. Бу суолталаах үлэм биир эрэ чааһа. Онон сүрүн үлэм таһынан, дойдум дьонугар-сэргэтигэр кыаҕым тиийэринэн көмөлөһө, өйүү олоробун” диэн түмүктээтэ.
Бу күннэргэ социальнай ситимҥэ оҕотугар хаһыытыыр, охсуох буолан суоһурҕанар ийэ видеота киэҥник тарҕанна. Сабаҕалыылларынан, видео…
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар бүтэһиктээх ааҕыыга өрөспүүбүлүкэ 2025 уонна 2026-2027 сыллардааҕы…
Бүгүн Ил Түмэн онус ыҥырыылаах пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара СӨ Судьуйаларын квалификационнай кэллиэгийэтигэр уопсастыбаннай бэрэстэбиитэли…
Бүгүн социальнай ситимнэринэн Дьокуускайдааҕы харах балыыһатын 100 сыллаах үбүлүөйүнэн Гиннесс рекордугар киирэргэ биир күҥҥэ хирурдар…
Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, П.А.Ойуунускай аатынан Дьокуускай аэропорда 1 000 000-с пассажирын регистрациялаата. Бу дьоллоох …
Бүгүн, сэтинньи 27 күнүгэр, Дьокуускай куорат Дууматыгар 10-с сиэссийэ саҕаланна. Бастакынан, Дьокуускай куорат дьокутааттара киин…