РФ сэнээтэрэ Сахамин Афанасьев Өймөкөөн улууһун олохтоохторун сытыы боппуруостарын быһаарсар

Share

Өймөкөөн улууһугар уһун кэмнээх ардахтартан сорох нэһилиэнньэлээх пууннар ууга барбыттарынан сибээстээн, балаҕан ыйын саҥатыгар Өймөкөөн, Хара-Тумул уонна Биэрэк Үрдэ нэһилиэктэригэр улуустааҕы таһымнаах Сэрэтии үрдүк эрэсиимэ олохтоно сылдьыбыта.

РФ сэнээтэрэ Сахамин Афанасьев быйыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлигэр К.Е. Бычковка официальнай сурук (№ 17-03.345/СА) ыыппыта: “Күндү Кирилл Евгеньевич! Миэхэ Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн  нэһилиэгин олохтооҕо Васильева Тамара Егоровна сибээскэ тахсан, уһун ардахтан сылтаан хас да ыал тиэргэнэ ууга барбытын, нэһилиэккэ уустук балаһыанньа олохтоммутун иһитиннэрдэ. Нэһилиэк олохтооҕо билигин да, ардах уһуннук түстэҕинэ, Индигиир өрүскэ уу таһыма күүскэ үрдүүрүн бэлиэтээтэ. Оччотугар улахан халаан тахсан,  олорор дьиэ сектора уонна социальнай эбийиэктэр ууга барар кутталлаахтар. Бу балаһыанньаны тус хонтуруолга ылан, Өймөкөөн оройуонугар халаан содулун срэтиигэ, тахсыбыт хоромньуну толуйууга үлэлэһэр Правительственнай хамыыһыйаны ыытан, балаһыанньаны олохтоохтук билсэргэр, үөрэтэргэр көрдөһөбүн”.

Бу боппуруос быһаарыллыыта РФ сэнээтэрин хонтуруолугар турар. Сахамин Афанасьев Ил Түмэҥҥэ Халыма-Индигир уокуругун дьокутаатынан үлэлии сылдьыаҕыттан  быыбардааччыларын туруорсууларын кытта өрүү үлэлэһэр. Билигин төһө да РФ сэнээтэрэ дуоһунаһыгар үлэлээтэр, Сахамин Афанасьев быыбардааччылара туруорсар кэккэ сытыы боппуруостарын оннуттан хамсатар соруктааҕын истэ, көрө-билэ сылдьан, Өймөкөөн улууһун олохтоохторо киниэхэ махталлара сүҥкэн, эрэллэрэ улахан.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга көмөнү оҥорооччулар күннэтэ түмсэллэр

Байыаннай дьайыы кытыылаахтарыгар көмө-тирэх, өйөбүл буолар санаалаах улууспут дьоно-сэргэтэ сомоҕолоһоллорун күннэтэ көрөбүт. Улуустааҕы «Помощь волонтера…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аппааны иистэнньэҥнэрэ бэргэһэ тигэллэр

Кыһыммыт ыган кэллэ, тымныылар саҕаланнылар... Ичигэстик таҥнар кэм буолла. Ону кытта тэбис-тэҥҥэ тугу кэтиэххэ, хайдах…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: сэтинньи 6 күнэ

Күн-дьыл туруга бу күннэргэ хайдаҕый? Киин улуустарга хаар түһэрэ күүтүллүбэт. Булуҥ улууһугар сорох сирдэринэн сөкүүндэҕэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

2-с кылаас үөрэнээччитэ улахан киһини быыһаабыт

Уус Алдан улууһун Бээди оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччитэ Эрхан Захаров улахан киһилии хорсун быһыыны оҥорбут,…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Култуура
  • Сонуннар

Саха сиригэр култуура тэрээһиннэрин ыытыыга түөрт тыһыынча кэриҥэ волонтер көмөлөһөр

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн Саха сиригэр култуура сайдар. “Добро.рф ассоциацияҕа” киирэр “Култуура волонтердара” Бүтүн…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Бороҕоннооҕу оҕо ускуустубатын оскуолата “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыак иитинэн хаҥатыллыбыт

Уус Алдан улууһун Бороҕоннооҕу оҕо ускуустубатын оскуолатын материальнай-тиэхиньиичэскэй баазата биллэрдик хаҥаабыт. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин…

13 часов ago