Хаартыска: Степан Готовцев түһэриитэ.
Өймөкөөн улууһугар уһун кэмнээх ардахтартан сорох нэһилиэнньэлээх пууннар ууга барбыттарынан сибээстээн, балаҕан ыйын саҥатыгар Өймөкөөн, Хара-Тумул уонна Биэрэк Үрдэ нэһилиэктэригэр улуустааҕы таһымнаах Сэрэтии үрдүк эрэсиимэ олохтоно сылдьыбыта.
РФ сэнээтэрэ Сахамин Афанасьев быйыл балаҕан ыйын 6 күнүгэр СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлигэр К.Е. Бычковка официальнай сурук (№ 17-03.345/СА) ыыппыта: “Күндү Кирилл Евгеньевич! Миэхэ Өймөкөөн улууһун Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Васильева Тамара Егоровна сибээскэ тахсан, уһун ардахтан сылтаан хас да ыал тиэргэнэ ууга барбытын, нэһилиэккэ уустук балаһыанньа олохтоммутун иһитиннэрдэ. Нэһилиэк олохтооҕо билигин да, ардах уһуннук түстэҕинэ, Индигиир өрүскэ уу таһыма күүскэ үрдүүрүн бэлиэтээтэ. Оччотугар улахан халаан тахсан, олорор дьиэ сектора уонна социальнай эбийиэктэр ууга барар кутталлаахтар. Бу балаһыанньаны тус хонтуруолга ылан, Өймөкөөн оройуонугар халаан содулун срэтиигэ, тахсыбыт хоромньуну толуйууга үлэлэһэр Правительственнай хамыыһыйаны ыытан, балаһыанньаны олохтоохтук билсэргэр, үөрэтэргэр көрдөһөбүн”.
Бу боппуруос быһаарыллыыта РФ сэнээтэрин хонтуруолугар турар. Сахамин Афанасьев Ил Түмэҥҥэ Халыма-Индигир уокуругун дьокутаатынан үлэлии сылдьыаҕыттан быыбардааччыларын туруорсууларын кытта өрүү үлэлэһэр. Билигин төһө да РФ сэнээтэрэ дуоһунаһыгар үлэлээтэр, Сахамин Афанасьев быыбардааччылара туруорсар кэккэ сытыы боппуруостарын оннуттан хамсатар соруктааҕын истэ, көрө-билэ сылдьан, Өймөкөөн улууһун олохтоохторо киниэхэ махталлара сүҥкэн, эрэллэрэ улахан.
sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа, суруйааччы Ангелина Васильева-Дайыына "Тайах оҕото"…
Өрөспүүбүлүкэҕэ эми-тому атыылаһыыга уонна тарҕатыыга сыһыаннаах эмп-том хааччыйыытын ньымалара тохсунньу 9 күнүгэр СӨ Ил Дархана…
Ньурба улууһугар полиция үлэһиттэрэ Саҥа дьыл түүнүгэр тыаҕа муммут уонна суолга хаарга хаайтарбыт массыыналаах ыалга…
Дьокуускай куорат борокуратуурата криптовалютаҕа инвестициялыыр аатыран дьон үбүн-харчытын уорууга сыһыаннаах холуобунай дьыаланы суукка ыытта. Бу…
Ил Дархан Айсен Николаев бэҕэһээ, тохсунньу 9 күнүгэр, оробуочай сырыытынан Дьокуускайга баар Искэн киинин үлэтин…
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев тохсунньу 9 күнүгэр Дьокуускайга 253 үөрэнээччилээх 1 №-дээх орто оскуола…