РФ Тырааныспар министиэристибэтигэр “Джалинда-Мохэ” аһардар пуун үлэтин саҥардыы боппуруоһун көрдүлэр

РФ Тырааныспар министиэристибэтигэр “Джалинда-Мохэ” аһардар пуун үлэтин саҥардыы боппуруоһун көрдүлэр

25.06.2024, 16:00
Хаартыска: sakha.gov.ru
Бөлөххө киир:

РФ тырааныспарка миниистирин солбуйааччы Валентин Иванов Джалинда (Арассыыйа) – Мохэ (Кытай) нэһилиэнньэлээх пууннарын оройуонугар кыраныыссаны туорааһынынан  Нерюнгри-Тында-Бамовская-Сковородино-Рейново (Джалинда) туһаайыыларынан Хоту-Соҕуруу норуоттар икки ардыларынааҕы тырааныспар саҥа көрүдүөрүн бастакы түһүмэҕин олоххо киллэрии боппуруоһугар сүбэ мунньаҕы ыытта.

Бу тэрээһиҥҥэ Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дьулустаан Борисов кытынна.

Кини өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата уонна “Саха сирин тимир суоллара” АУо “Сковородино-Рейново” тимир суол учаастагын чөлүгэр түһэрии туһунан иһитиннэрдэ.

“Бүгүҥҥү туругунан “Саха сирин тимир суоллара” АУо күүһүнэн Сковородино-Рейново тиэрдэр суолу чөүгэр түһэриигэ сөбүлэһилиннэ. Бырайыак 10-01 тарыыптаах 2-тэн 5 мөл туоннаҕа диэри таһаҕаһы тиэрдиини көрөр. Тимир суол исписэлиистэрэ илииньийэни көрдүлэр “, — диэтэ Дьулустаан Борисов.

Дьулустаан Борисов чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыыны саҕалыырга уонна бырайыак бастакы түһүмэҕинэн таһаҕаһы тиэйиигэ Сковородина-Рейново (68 км) салгыы  уставной хапытаалга киллэрэн арыандаҕа биэрэр наадатын бэлиэтээтэ. КНӨ өттүттэн интэриэс баара көһүннэ, СӨ таһаҕаһы ыытааччылара тиэрдэргэ бэлэмнэрэ бигэргэнэн, Кытай өттүттэн Open-Top контейнердарыгар таһаҕаһы тутууга аһардар пуун инфраструктурата бэлэм буолбут.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна  Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: