Роботтар куораттарыгар биир күн
Арассыыйа саамай эдэр куоратынан ааттанар Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтигэр баар Иннополис куорат тэриллибитэ ааспыт сайын уон сыла буолла. Ол курдук, 2012 сыллаахха Сингапур генеральнай планировщига Лиу Тай Кер ааҕан-суоттаан, көрөн-истэн, Казаньтан 40 килэмиэтир тэйиччи турар сиргэ (массыынанан 50-60 мүнүүтэ айанныыгын) саҥа куорат маастар-былаанын толкуйдаан оҥорбута. Бырайыактааһынтан үс эрэ сыл ааспытын кэнниттэн, саҥа куоракка бастакы олохтоохтор көһөн кэлбиттэрэ, куорат тигинэччи үүнэн-сайдан барбыта.
КИҺИ МУММАТ КУОРАТА
Ааспыт ыйга Татарстаан Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэлии сылдьан, Иннополиска анаан-минээн күүлэйдээтим, сонуну көрдүм-иһиттим. Арассыыйа саамай эдэр куората хайдах дьаһанан олорорун ааҕааччыларбытыгар кэпсииргэ сананным.
Тиийээт даҕаны, куораты туман бүрүйэн турарын бэлиэтии көрбүтүм. Эрдэ бу сир сииктээх, инчэҕэй буолан “сириллэн”, тыытыллыбакка турбут эбит. Кэлин сирэ тэҥнэһэн, көнө ньуурдаммыт уонна барарга-кэлэргэ ордук буоллун диэн, Казаньтан чугаһа биһирэммит. Ол иһин аһаҕас уонна сииктээх сир буолан, туман күн улахан аҥаарыгар диэри сөҥөн турар, сытыы тыал супту үрэр.
КИИН СИРГЭ – ТЕХНОПААРКА
Иннополис устун биир сүрүн улахан уулусса баар, ол тула баараҕай улахан аныгы тутуулаах, араас быһыылаах-таһаалаах дьиэлэр дьэндэһэн тураллар. Олор быыстарыгар олохтоохтор таптаан “пончик” диир тутуулара тута харахха быраҕыллар. Өйдөөн көрдөххө, кырдьык, даҕаны төгүрүйэн бу бурдук аһы санатар эбит. Бу – А.С.Попов аатынан Иннополис технопаарката.
Биһигини технопаарка үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрүстүлэр. Туристар сылдьалларыгар үөрэммиттэр быһыылаах, киирээппитин кытта соммутун уһултара охсон, балай эмит улахан экрааннарын холбоон, технопааркаларын туһунан киһи эрэ интэриэһиргиэҕин курдук кэпсээн бардылар.
Технопааркаҕа үксүн “бэйэлэрин оҕолоро” үлэлииллэр эбит. Ол аата, Иннополис университетын выпускниктара. Хампаанньа тэриллиэҕиттэн 320-ттэн тахса бырайыак олоххо киирэн ситиһиилээхтик үлэлии турар, ону ааһан 8 300-тэн тахса үлэ миэстэтэ тэриллибит эбит. Киһи билэр хампаанньаларыттан “КазаньЭкспресс”, Schwarzthal Tech, «Йолоко», “Бинарные машины”, Эттон Груп, FIX уо.д.а. баалларын бэлиэтээтим.
40 ТЫҺЫЫНЧА ИСТИПИЭНДЬИЙЭЛЭЭХ УСТУДЬУОННАР
Аныгы технологиялары өрө туппут Иннополис куорат олохтоохторун тула өттүттэн айти-үөрэх кыһата төгүрүйэр. Лиссиэйгэ, университеккэ барыта бу эйгэҕэ дьоһуннаах исписэлиистэри үүннэрэн таһаарарга күүс ууруллар.
Арассыыйа Кремниевэй хочотун оҥорор сыалтан, бастатан туран, манна Иннополис университетын туппуттар. Аныгы үйэ инновационнай толкуйдарын түмэр, саҥаны айар-тутар туһуттан 2013 сылтан устудьуоннары үөрэтэллэр. Аан дойду бастыҥ университеттарын преподавателлэрэ, ай-ти оҥорон таһаарааччылар, учуонайдар үлэлиир университеттарыгар, биллэн турар, туох баар үөрэх английскайдыы ыытыллар.
Программист, айтишник идэтин баһылыан баҕалаах оҕолор бу университеккэ үөрэнэ киирэллэрин туһуттан, биир кэлим эксээмэни үс биридимиэккэ хас биирдиитин 97-99 баалга суруйуохтаахтар диэн ирдэбиллээхтэр. Манна эбии хас биирдии устудьуон айти-хампаанньаттан грант ылбыт мэктиэлээх буолуохтаах эбит. Быһаарыым: устудьуон “Иннополиска” үөрэнэрин тухары грант биэрбит хампаанньата үөрэҕин төлүөхтээх. Оттон устудьуон университеты бүтэрдэҕинэ, үөрэттэрбит хампаанньатыгар балтараа сыл устата үлэлииргэ дуогабар баттыыр эбит. Арба, бастыҥ үөрэхтээхтэр 30 тыһыынча, оттон туйгуннар 40 тыһыынча солкуобай истипиэндьийэлээхтэр.
Аны туран, хас биирдии устудьуоҥҥа төһө ыраахтан-чугастан кэлбититтэн тутулуга суох уопсай дьиэ бэриллэр. Уопсайдарын хосторо, усулуобуйата, мин көрдөхпүнэ, гостиница нүөмэриттэн уратыта суох. Оҕолор үөрэхтэригэр кыһалынныннар, аралдьыйбатыннар диэн, бэл, хосторун муостатын сууйтарбаттар эбит.
Остолобуойга аһыы киирбиппит, робот буолбут куоска подунуостары таһа сылдьар. Биһиги ону көрөн сөҕүү-махтайыы бөҕөтө буоллубут. Онуоха арыалдьыт кыыспыт: “Билигин өссө такси ыҥырыахпыт”, – диэтэ. Кинилэр гиэнэ буолан баран, туох эрэ уратылааҕа буолуо диэн испэр санаан аһардым.
СУОППАРА СУОХ ТАКСИ, ХОРУОПКА-РОБОТ
Өр-өтөр буолбата, аһаан бүтүүбүт саҕана таксибыт кэллэ диэн буолла. Таһырдьа тахсыбыппыт, парковкаҕа кураанах массыыналар кэчигирэһэн тураллар. Олор быыстарыттан биир массыына биһиги диэки чугаһаата, арай иһигэр суоппар олороро көстүбэккэ дылы. Хайдах-хайдаҕый?
Арассыыйа үрдүнэн Иннополис куорат устун эрэ суоппара суох “Яндекс.Такси” айанныыр эбит. Төлөпүөн сыһыарыытыгар наадалаах аадырыскын чопчу ыйаҕын уонна олорустуҥ даҕаны айанныы тураҕын. Аны таксибыт куорат устун босхо эбит. Ити курдук сөҕөн-махтайан, соһуйан куораппыт дьаһалтатыгар айаннаан кэллибит.
Дьаһалта таһыгар арыы дьааһыгын саҕа кээмэйдээх антенналаах, көлүөһэлээх хоруопкалар сүүрэ сылдьаллар. “Аны бу тугуй?” – диэн буолла. Бу – ас тиэрдэр роботтар! Эрэстэрээннэргэ сакаас киирдэҕинэ, аһы робот-хоруопка иһигэр уган баран тустаах аадырыска ыытан кэбиһэллэр эбит. “Хоруопкабыт” дьиэҥ таһыгар сүүрдэн кэллэҕинэ, төлөпүөҥҥэр сигнал ыытар, оччоҕуна аскын тахсан ылар эрэ эбиккин.
ЭДЭР КУОРАККА ЭДЭР ДЬОН ОЛОХСУЙАР
“Биһиги куораппытыгар аҕыс тыһыынчаны кыайбат киһи олорор. Онтон улахан аҥаара, биллэн турар, устудьуоннар уонна ай-ти хампаанньалар үлэһиттэрэ буолаллар. Төрүт олохтооҕо 5 162 киһи”, – диэн Арассыыйа саамай эдэр куоратыгар 2016 сылтан баһылыктаан олорор Руслан Шагалеев кэпсээтэ.
Манна ыйдааҕы орто хамнас 132 тыһыынча солкуобайга, оттон айтишник орто хамнаһа 180 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Куоракка үксэ эдэр дьон олорор, саастаах дьон аҕыйах. Үлэһиттэр куораттан дьиэ арендалаан олороллор: биир хостоох кыбартыыраны – 12 тыһыынча солкуобайга, икки хостоох кыбартыыраны – 16 тыһыынча солкуобайга, үс хостоох кыбартыыраны – 20 тыһыынча солкуобайга. Бу дьиэлэргэ миэбэлтэн саҕалаан, бэл, чаанньыгар тиийэ барыта баар.
Кэлэр 2023 сыл бүтүүтэ “Ю” диэн 350 кыбартыыралаах саҥа кыбартаал үлэҕэ киириэхтээх. Онно, дьэ, кыбартыыралар атыыга тахсыахтаахтар. Итини кытта, эһиил улахан гостиница тутуута түмүктэниэхтээҕин кэпсээтилэр. Көннөрү гостиница буолбатах, искусственнай интеллект көмөтүнэн үлэлиэҕэ диэн эрэннэрэллэр. Ол аата, манна ресепшн, горничнайдар, харабыллар суох буолаллар. Суох буолуохтара дуо, дьон оннугар барыта роботтарынан солбуллуохтаах. Кэлбит ыалдьыты дрон нүөмэригэр диэри арыаллыаҕа, онтон хостон тахсан бардаҕына робот-горничнайдар киирэн сууйуохтара-сотуохтара.
“ИННА” АБЫРЫЫР ЭБИТ
“Үчүгэй куһаҕаннаах” дииллэрин курдук, сырыым ортолоон истэҕинэ өйбөр “ама, бу туох даҕаны кыһалҕата суох олорор куорат буоллаҕа дуу?” диэн ыйытыы көтөн түстэ. Онтон сиэттэрэн аны туох тиийбэтин, туох кыһалҕалаахтарын бэлиэтии көрө сатаатым. Киһи хараҕар быраҕыллар тугу даҕаны булан ылбаккабын, тулуйбакка, арыалдьыт кыыспыттан ыйыттым. “Баар бөҕө буоллаҕа дии! Куорат олохтоохторун барыларын хабар “Инна” диэн чаттаахпыт. Ким туох кыһалҕалааҕын манна суруйар, сөбүлээбэтин үҥсэр бырааптаах. Онно баһылыкпытыттан саҕалаан дьаһалта туох баар үлэһитэ бары баарбыт, тута хоруйдаан, киирбит боппуруоһу быһаарабыт. “Инна” өҥөтүнэн олохтоохтор хото туһаналлар. Үксүгэр түүннэри айдаараллар, суолу туоруурга кыһалҕалар бааллар диэн суруйаллар. Криминал, уоруу суох”, – диэн быһаарда. “Оттон бэйдиэ сылдьар ыттардааххыт дуу?” – диэн утары ыйытан иһээччи буоллум. “Икки баар этэ, олору аттаан баран төттөрү ыыппыттара. Олохтоохтортон бу боппуруоска үҥсүү киирэ илик”, – диэн Москва куораттан Иннополиска үлэлии-хамныы кэлбит, биһигини арыаллаабыт дьаһалта үлэһитэ Анна кэпсээтэ.
ТҮМҮККЭ
Бу курдук биир күҥҥэ атын планетаҕа ыалдьыттаабыт курдук сананным. Сырыым түмүгэр, ай-ти индустрия, кырдьык даҕаны, олохпутугар күүскэ кимэн киирбитин итэҕэйдим. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр Ил Дархан Айсен Николаев бу эйгэҕэ болҕомто уурбута, ай-ти резиденнэри өйүүрэ олус улахан суолталаах диэн түмүкпэр бэлиэтээн суруйабын.
Хаартыскалар: Иннополис мээрийэтэ тиксэрдэ уонна ааптар түһэриилэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: