Родимир Айыылартан алгыстаах төлкөлөөх түөрэҕэ
Бу күннэргэ Саха сирэ бүттүүнэ Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимовы үөрүүлээх быһыыга-майгыга чиэстээтэ. Бу саас кулун тутарга «Бурхат» диэн позывнойдаах саха байыаһа Родимир Максимов дьоруойдуу быһыытын иһин үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэриллибитэ. Хорсун байыас дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьар кэмигэр көрсөн кини олоҕун, бойобуой сырыыларын туһунан кэпсэттибит.
Чугас дьонум
— Таатта улууһун Туора Күөлүгэр төрөөбүтүм, улааппытым, дьонум онно олороллор. Максимовтар дьиэ кэргэттэригэр иккис уол оҕонон күн сирин көрбүтүм. Эйэлээх олоххо «Анаабыр алмаастара» тэрилтэҕэ баахтанан үлэҕэ сылдьыбытым. Былырыын күһүн кэлэн баран куоракка үлэлээбитим, ол кэннэ бэйэм баҕабынан, ким да күһэйиитэ суох, байыаннай дьайыыга барар санааттан ахсынньы 13 күнүгэр хантараак баттаспытым. Биһиги ылыммыт быһаарыныыбытыттан, санаабытыттан халбарыйбаппытын дьоммут билэллэр. Ийэм мэлдьи өйүүр, өйдүүр, булгуруйбат бигэ санаалаахпын билэр, онон утарыласпатаҕа. Барарбар ийэм бырааттаах, балыспын кытары куоракка киирэн алҕаан атаарбыта. Саха быһаҕын хайаан да илдьэ сылдьаллар диэн, дойдум тыына иҥпит, Таатта ууһа оҥорбут быһаҕын илдьэ барбытым.
Инники кирбиигэ киирбит бастакы күн
— Бастаан Саҥа дьыл иннинэ Южносахалинскайга тиийбиппит. Онно ый курдук сытан баран дьэ айаннаабыппыт. Маҥнай тиийдэххинэ барыта интэриэһинэй курдук, элбэх киһини кытары билсэҕин, онтон хаста эмэ кыргыһыыга киирэн тахсарга киһи сылайар, илистэр. Бастакы бойобуой сүрэхтэниим эмиэ интэриэһинэй этэ. Олох кылгас кэм иһигэр хаста да бааһырбытым. Ийэбэр эппэт этим, ону бааһыран тахсан госпитальга киирбит уолаттартан истибит этэ. Кэлиҥҥи кыргыһыыга иккитэ бааһырбытым, тыын харбаһар, ыксаллаах кэмҥэ киһи бааһырбытын даҕаны билбэт буолар эбит.
Аат уонна позывной
— Ийэм Родимир диэн ааттаабыта. Оттон «Бурхат» диэн позывнойбун ийэм өттүнэн Бурҕааттар диэн төрүттэрим ааттарын кылгатан ылыммытым. Бурҕааттар устуоруйалара инньэ 17‑с үйэттэн саҕаланар. Мин бу ааты өбүгэлэрим араҥаччылыы сылдьыахтара диэн уонна бойобуой тыыны көтөҕөөрүбүн ылыммытым. Оттон «ҕ» буукубаны нууччалар сатаан саҥарбаттарын иһин, «х» буукубаҕа уларыппытым.
Кырыктаах кыргыһыы
— Ол кыргыһыы Марьинскай хайысханан Новомихайловка оройуонугар буолбута, кимэн киирии муус устар 1 күнүттэн саҕаламмыта. Бастакы күн өстөөх сытар үрдэлин ылбыппыт. 16 буоламмыт икки хамаанданан арахсан, оттоох-мастаах сиринэн баран испиппит. Сарсыарда тыҥ хатыыта траншеялаах икки блиндаһы булбуппут. Онно бииригэр өстөөх баара. Биһиги тута блиндажтан өҥөйбүт киһини аптамаатынан ытыалаабыппыт, ол кэннэ иһирдьэ гранаталары быраҕаттаабыппыт. Дэлби тэбиилэр, хаһыылар, буруо-тараа, ыһыы-хаһыы — киһи куйахата күүрэр биир булумах буолбута. Үрдэли ылан баран, кыракый блиндажка киирэн сынньана түһэргэ санаммыппыт. «Сокол» диэн бөлөхпүт хамандыыра блиндаж көрүдүөрүгэр харабылы туруорбута. Сотору буолан баран, рота хамандыыра араассыйанан биһиэхэ РЭБ-нэн сэбилэммит эбии көмө бөлөҕө барбытын эппитэ. Олох кыра кэм ааспытын кэннэ таска дьон хаамар тыаһа иһиллибитэ, биһиги дьоммут кэллилэр дии түспүппүт. Ким билиэ баарай, өстөөх буоларын. Эмискэ блиндаж аана аһыллаатын гранаталар көтөн кэлэн дэлби эстибиттэрэ, көрүдүөргэ олорбут уолаттарбыт тута өлбүттэрэ. Биһиги аан туһаайыытынан ытыалаан барбыппыт, эмиэ ыһыы-хаһыы, ынчык, буруо-буорах… Хамандыырым улаханнык бааһырбытын көрөн, эппиэтинэһи тута бэйэбэр ыламмын, араассыйанан рота хамандыырын ыҥырбытым уонна биһиги сытар сирбитин ытыалыылларыгар эппитим, онтон атын балаһыанньаттан тахсыы суох курдуга.
Үс суукка үрдэли туруулаһыы
— Блиндажтан ким да тыыннаах тахсар кыаҕа суох этэ. Биир түгэҥҥэ «Рус» хамандыырдаах көмө иһэрин уонна кини сахалыы өйдүүрүн саныы биэрбитим. «Рус» тута өйдөөн, сахалыы быһаарсан, көмөҕө кэлэн тастан ытыы тохтуу түспүтэ. Ол кэмҥэ блиндажтан ойон тахсыбытым, куотан иһэр өстөөхтөрү ытыалаабыппыт. Өстөөх бөлөҕө чугуйаатын кытта аны минометтарынан ытыы саҕаламмыта. Хамандыыр бааһырбытын кэннэ миигин хамаандалыырга бирикээстээбиттэрэ. Миномет уота тохтообутун кэннэ аны камикадзе-дроннар көппүттэрэ. Биир байыастан сиэккэ буламмыт, ааммытыгар ону иилбиппит, күн иһигэр онно өссө сэттэ дрону туппуппут. Сиэккэҕэ иҥнэн иилистэн хаалаллар. Олору хомуйан траншеяҕа быраҕан эһэрбит. Түүнү быһа үрдүбүтүнэн «баба-яга» диэн дроннар көппүттэрэ. Сарсыарда биэс чаас саҕана араассыйанан биһиги туһаайыыбытынан өстөөх «Брэдли» тиэхиньикэтэ иһэр диэтилэр. Онно тугу да гыммакка, маннык олорон биэрдэхпитинэ, бары кыргыллабыт диэн санаан баран, траншеяҕа тахсан атааканы утары охсорго хамаанда биэрбитим. Бойобуой тиэхиньикэ дьоннорун түһэрэн баран төттөрү баран эрдэҕинэ, ытыалаан биэс киһини суулларбытым. Онтон «Сипсап» позывнойдаах байыас көмөлөһөн барыларын охторбуппут.
Мындыр өй уонна быыһаныы
— Этэҥҥэ икки суукка ааһан — үһүс түүммүт үүммүтэ. Халлаан хараҥарыыта «баба-яга» көтөн иһэр тыаһа иһиллибитэ. «Кобяй» диэн позывнойдаах бааһырбыт байыас үрүсээгиттэн утуйар мөһөөччүк булан блиндажка дьон баарын биллэрбэт курдук, ааммытын онон бүрүйбүтэ. Дрон блиндаж үрдүнэн өр соҕус туран баран төттөрү көппүтэ, биһиги бары билэр-билбэт айыыларбытыттан, өбүгэлэрбититтэн көрдөһөн, быыһаммыппыт. Олох кылгас кэм ааспытын кэннэ аттынааҕы блиндажка иккитэ тоҕу тэбии, ону кытта «Сокол» көмө көрдүүр хаһыыта иһиллибитэ. Онно сүүрэн тиийбиппит доҕотторум «Рус» уонна Вован номнуо өлбүттэр этэ, Сокол эрэ атаҕар турбута, уоннааҕылар бары улаханнык бааһырбыттар этэ. Ол кэннэ чугас граната быраҕан дрон эмиэ элиэтээн ааспыта. Ол күнү быһа өстөөх хаста да кимэн киирэ сатаабытын, төттөрү охсубуппут. Өстөөх бүтэһик кимэн киириитигэр «Якут» уонна «Кобяй» эрэ буолан ытыалаһа тахсыбыппыт, атыттарбыт — икки киһи, ол иһигэр «Сипсап» улаханнык бааһыран сыталлара. Иннибитигэр тааҥка уонна «Брэдли» уотунан уһааран иһэллэрэ. Мин көмө көрдүү сатаатым, хата ол кэмҥэ араассыйаҕа «Сокол» куолаһа блиндаж кэннинэн мас чөмөҕөр сыталларын этэн санаам кэҥээн, күүспэр күүс эбиллибиккэ дылы буолбута. Сир-халлаан дьигиһийэн олорор. Ол кэмҥэ “Кобяй” атахтарыгар улахан эчэйиини ылбыта. Кэлин аахпыппыт, 28 оскуолак хатаммыт этэ. Сыыйа гранаталар, ботуруоннар бүтэн барбыттара. Төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн, олох муҥур уһукка эрэ туттарга диэн аҕыйах ботуруону түҥэппитим.
Дьоруойдуу быһыы
— Эмискэ көхсүм аһыс гынаат охтон түспүтүм. Бааһырбыппын билбитим. Бары бааһырбыппыт, ботуруон бүтэн эрэр, ол иһин көмө көрдүү барарга санаммытым. «Дьылҕам быһаарыа» диэн баран, миинэлээх хонуунан көмө көрдүү дьоммор сүүрбүтүм. Ол иһэн үрдүк күүстэртэн, үөһээ айыылартан, төрөппүттэрбиттэн, эһээбиттэн, эбээбиттэн, өбүгэлэрбиттэн, сахам быһаҕыттан араҥаччылааҥ, арчылааҥ диэн көрдөһө испитим. Хата, этэҥҥэ тиийэн, көмөнү ыҥыран бааһырбыт доҕотторбун таһаарбыттара. Хомойуох иһин, «Сокол» уонна «Пек» кырыктаах кыргыһыы толоонугар дьоруойдуу охтубуттара.
Хаартыскалар: Родимир Максимов тус архыыбыттан, sakhaGov
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: