Родимир Максимов: «Эдэр көлүөнэни байыаннай-патриотическай өттүнэн иитиигэ олус суолталаах»

Share

Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ыраахтан ытыыга иккис турнир бүгүн аан дойду ааттаах-суоллаах бэргэн ытааччыларын түмтэ.

Бүгүн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар, Арассыыйа Дьоруойа Родимир Максимов уоппускатын кэмигэр төрөөбүт дойдутугар кэлэ сылдьар. Кини Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Матвеевич Охлопков кэриэһигэр ыытыллар ыраахтан ытыыга турнир туһунан санаатын үллэстэр:

— Бу полигоҥҥа мин бастакыбын кэлэммин күрэхтэһиини көрөн эрэбин. Бүгүн халлаан туруга ураты, кыратык тымныы соҕус, тыаллаах буолан күрэхтэһээччилэргэ ыарахан буолуо дии саныыбын. Инникитин маннык күрэхтэһиилэр буола туруохтарын наада. Элбэх киһи кэлбит, тэрээһин үрдүк таһымнаах. Билигин анал байыаннай дьайыы бара турдаҕына, бэлэм буоларга, биһиэхэ маннык турнирдары ыытыы наада эбит. Уопсайынан, эдэр көлүөнэни байыаннай-патриотическай өттүнэн, дойдуларын көмүскэлигэр бэлэм буолалларын курдук эрдэттэн иитиэххэ, бэлэмниэххэ наада. Маннык тэрээһиннэр итиниэхэ олус улахан суолталаахтар.

What’s your Reaction?
+1
9
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

11 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

12 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

14 часов ago