Родимир Максимов ийэтин кытары байыас хорсун быһыытын туһунан кэпсэтии

Родимир Максимов ийэтин кытары байыас хорсун быһыытын туһунан кэпсэтии

14.04.2024, 13:00
Хаартыска: Максимова В.Н. дьиэтээҕи архыыбыттан туһанылынна.
Бөлөххө киир:

Ааспыт нэдиэлэҕэ «Бурхат» диэн позывнойдаах саха байыаһа Родимир Максимовы дьоруойдуу быһыытын иһин үрдүк судаарыстыбаннай наҕараадаҕа түһэрдилэр. Кини госпитальга эмтэнэн баран, инники кирбиигэ төттөрү барбыт буолан, сибээстэһэр кыахпыт суох. Онон биһиги уол ийэтэ Варвара Максимованы кытары кэпсэттибит.

Ийэ сүрэҕэ арчылыыр тыыннаах

– Уолум байыаннай дьайыы­га өссө былырыын бара сатаабыта, ону көрдөһөн хаалларбытым. Ол кэннэ ахсынньы 13 күнүгэр хантараак баттаан баран биирдэ эппитэ. Ону, тоҕо бара сатыыгын диэн ыйыппыппар, «эрдэттэн быһаарыммытым, ийээ» диэбитэ. Родимир иккис уолум, улахан уолаттарым тугу эмэ быһаарыммыт буоллахтарына, ылыммыт санааларыттан халбарыйбаттар, онон хаһан даҕаны утарыласпаппын, ийэ быһыытынан өйдүү, өйүү сатыыбын. Икки сыллааҕыта аҕабыт ыалдьан суох буолбута. Оччолорго улахан уолум «Анаабыр алмаастара» тэрилтэҕэ үлэлиирэ, онон Родимир куораттан кэлэн аҕыс ыйы быһа аҕатын ыарыылаабыта. Убайа быраатын аҕатын ыарыылаан сылайда, илиһиннэ диэн аралдьыта таарыйа, бэйэ­тин оннугар «Анаабыр алмаас­тарыгар» ыыппыта.

Былырыын күһүн кэлэн баран куоракка үлэлээбитэ, ол кэннэ  байыаннай дьайыыга барар санаалааҕын, ханта­раак баттаспытын эппитэ. Оҕом санаатын ылынан, кыра оҕолорбун куоракка илдьэ киирэммин, дьоһуннук алҕаан атаарбытым. Саха быһаҕын хайаан да илдьэ сылдьаллар диэннэр, Таатта ууһа оҥорбут быһаҕын ылан илдьэ барбыта. Саҥа дьыл иннинэ Южносахалинскайга тиийбитэ. Онно ый курдук сыппыттара, онтон дьэ: «Ийээ, баран эрэбит, бары сахаларбыт», –  диэбитэ. Оҕом тии­йээт, уолаттар ийэлэрин, эдьиий­дэрин төлөпүөннэрин миэхэ ыытан баран, бөлөхтө арый, туох наадатын, тугун-ханныгын билэргит курдук диэбитэ. Родик бэйэтэ итинник дьону түмэр, тэрийэр дьоҕурдаах.

– Уолуҥ бааһырбытын, үрдүк наҕараадаҕа түспүтүн хантан билбиккиний?

– Кэлиҥҥи кэмҥэ өр баҕайы ханна да барбакка сылдьыбыттара, ол кэннэ биирдэ «ийээ, биһиги бардыбыт» эрэ диэбитэ. Онно уолаттар тоҕус буолан барбыттар этэ. Кыргыһыыга киирэн бааһыран тахсан госпитальга киирбит уолаттартан оҕом бааһырбытын билбитим. Дьиҥэ, кэллэҕинэ тута «смайлик» ыытар, оччоҕо оҕом этэҥҥэ эбит, сылайан кэлэн сынньаннын диэн токкоолоспоппун. Бу иннинэ эмиэ, ханнык эрэ кэмҥэ, Родик син өр барбакка сылдьыбыта, ону билигин бааһыран эмтэнэ сыппыт буолуон сөп дии саныыбын. Оҕом миигин харыстаан эппэт буол­лаҕа. Ол бааһырарыгар даҕаны, миэхэ бастаан суруйарыгар, көхсүбэр уонна атахпар биирдии оскуолактаахпын диэбитэ, онто олох даҕаны сиһигэр бүтүннүү оскуолак хатаммыт эбит. Бу кэлиҥҥи кыргыһыытыгар иккитэ бааһырбыт, ону госпитальга сытан, тыын харбаһар, ыксаллаах кэмҥэ киһи бааһырбытын даҕаны билбэт буолар эбит диэн эппитэ.

Мин үрдүкү наҕараадаҕа түһэрбиттэрин видеосюжет тахсыбытыгар эрэ билбитим. Ол иннинэ уолум госпитальга кэлэн сюжет устан барбыттарын кэннэ, аны наҕараадаҕа докумуон толорон эрэбит диэбитэ. Ону улаханнык аахайбатаҕым, миэхэ оҕом эрэ этэҥҥэ эргилиннэр, ол буолар улахан наҕараадам.

– Саха сиэринэн, ба­­йыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын харыс­тааммыт сирэйдэрин көрдөрбөт буола сатыыбыт, оттон бу сырыыга Родимир туһунан киин телеханаалларга да, интэриниэт таһаарыыларга да тарҕанна.

– Мин ийэ быһыытынан, оҕобун итинник аһаҕастык таһаарбыттарын, көрдөрбүттэрин, бааһыран госпитальга сытар киһини таһааран ыллата-ыллата устубуттарын сөбүлээбэтэҕим. Бу сюжеттар тахсыахтарын иннинэ улуус эрэдээксийэтиттэн ыйыталаспыттара, ону өйдөөбөккө, кэпсээн кэбиспитим.

Биһиги оҕолорбутун оҕо эрдэхтэриттэн ырыаҕа-тойукка угуйан, дьиэ кэргэн тыйаа­тырын тэрийэн дьарыктаабыппыт. Родик оҕо эрдэҕиттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи да, норуот­тар икки ардыларынааҕы да араас куонкурустарга кыттан үрдүк сыанабылы ылара. Ону ити биэриилэр иннилэригэр кэпсээн кэбиһэн, оҕобун ыллаа диэн хаайбыттар быһыы­лаах дии саныыбын. Аата эмиэ ­эриэккэс, 90-с сыллар ортолоругар бэйэм Родимир диэн ааттаабытым. Сюжет усталларыгар ыйыппыттарыгар, РодинаМир диэнтэн таһаарбытым диэбитим, оннук кэпсээбиттэр. Оттон «Бурхат» диэн позывнойун, быһаардахха, биһиги төрдүбүтүн-ууспутун Бурҕааттар диэн ааттыыллар, ону ылыммыт. Оҕом этэринэн, нууччалар «ҕ» буукубаны са­­таан саҥарбаттарын иһин, «х» буукубаҕа уларыппыт.

– Родик хорсун быһыыны оҥорбут кыргыһыытын туһунан тугу кэпсии­рий?

– Уолаттарбыт өлөр-тиллэр кыргыһыылара Марьинскай хайысханан Новомихайловка оройуонугар буолбут. Кимэн киирии муус устар 1 күнүттэн саҕаламмыт. Үс күнү быһа кырыктаах кыргыһыыга табаа­рыстара өлбүттэр, бааһырбыттар. Бастакы күн өстөөх сытар үрдэлин ылбыттар. Ол күн хамандыыра бааһыран, эппиэ­тинэһи тута бэйэтэ ылан, хамаан­далаан барбыт. Ол кэннэ икки күнү быһа өстөөх түөртэ кимэн киирэ сатаабыт, төттөрү охсубуттар. Хата, эрдэ өстөөх сыппыт үрдэлэ буолан, онно дьөлүтэ ытыллыбыт бүлүмүөт хаалбытынан тохтоло суох ытыалаан, кимэн иһээччилэр төттөрү куотарга күһэллибиттэр. Бронетранспортердара, тааҥкалара ПТУР уотугар киирэн биэрбиттэр. Итинник биэс буолан кимэн киириини туталлар.  Кинилэр төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэллэр, онон олох муҥур уһукка эрэ туттарга диэн  аҕыйах ботуруону түҥэппит. Уолаттара эмиэ ол кэмҥэ араас бааһырыыны ылан да баран, ытыалаһа сыппыттар.

Ол кэннэ көмө көрдүү барарга санаммыт, биир өттүгэр өстөөхтөр сыталлар, атын өттүгэр – миинэлээх хонуу. «Дьылҕам быһаарыа» диэн баран, миинэлээх хонуунан көмө көрдүү дьонугар барбыт. 3 км курдук сири барбыт, ол сүүрэн иһэн «биир кэм эйигиттэн, аҕабыттан, эһээбиттэн, эбээбиттэн, өбүгэлэрбиттэн, сахам быһаҕыттан араҥаччылааҥ, арчылааҥ диэн көрдөһө испитим» диэбитэ. Хата, этэҥҥэ тиийэн, көмөнү ыҥыран бааһырбыт доҕотторун таһаарбыттар.

– Госпитальга ситэ эмтэммэккэ, штурмовой этэрээтигэр төннүбүт диэн баар, кырдьык дуо?

– Хата, кини киирбит госпиталыгар саха быраастара үлэлиир буоланнар, онно тии­йэн эмтэнэн, түргэнник чөлүгэр түһэн эрэр. Мин бааһырыым халымыр, өссө ыарахан бааһырыылаахтар бааллар, миигин бэрэбээскилииллэр эрэ, онон миэстэни ылан сыппаппын диэн госпитальтан эрдэ тахсыбыта. Аны уолаттарбын хайдах эрэ таһаартаан, малларын-салларын хомуйан, дьонноругар ыыталаан, ийэ буордарын булларыам этэ диэн бигэ санааны ылыммыт этэ.

Түгэнинэн сиэттэрэн, уопсайынан, биһиги, сахалар, быраастарбыт, волонтердарбыт оҕолорбутугар улахан көмөнү оҥоро сылдьалларын бэлиэтиэхпин баҕарабын. Биһиги уолбутугар Тааттаттан төрүттээх Анатолий Большаков тута ас-таҥас илдьэн биэрбит этэ. Ол иннинэ, эрдэ уолаттарбытын Вера Душкевич тиийэн көрсөн, санааларын көтөҕөн, хаартыскаҕа түсүһэн ыыппыттара. Онон Саха сирин дьонугар-сэргэтигэр махталбыт муҥура суох.

– Варвара Николаевна, кэпсээниҥ иһин махтанабын!

+1
54
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: