Родимир Максимовка Арассыыйа Дьоруойун «Кыһыл көмүс Сулуһун» туттардылар

Родимир Максимовка Арассыыйа Дьоруойун «Кыһыл көмүс Сулуһун» туттардылар

05.10.2024, 12:35
Хаартыска СӨ Баһылыгын пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Москваҕа Арассыыйа оборуонатын министиэристибэтигэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын наҕараадалаатылар. Федеральнай управление салайааччыта Андрей Белоусов «Бурхат» диэн позывнойдаах Родимир Максимовка Арассыыйа Дьоруойун «Кыһыл көмүс сулуһун» туттарда.

Ил Дархан Айсен Николаев кинин дойду үрдүкү наҕараадатын ылбытынан, тус бэйэтинэн анаан-минээн эҕэрдэлээтэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Родимир бу наҕараада бэйэтин эрэ киэнэ буолбакка, саамай уустук соруктары чиэстээхтик уонна хорсуннук толороро сылдьар бары табаарыстарын үтүөлэрэ буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Дьоруойбутун ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин, Саха сирэ бүттүүнэ кининэн киэн туттар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Санатан эттэххэ, «Восток» бөлөх чилиэнэ Родимир Максимов Новомихайловка оройуонугар (Марьинскай хайысха) кыргыһыыга ураты хорсун быһыыны көрдөрбүтэ, онно кини Украина сэбилэниилээх күүстэрин бөҕөргөтүүтүн штурмалааһыҥҥа биригээдэ састаабыгар сылдьыбыта.

Саха сирин байыаһа хамандыыра бааһырбытын кэннэ байыастары бэйэтэ салайбыта. Кини салалтатынан биригээдэ икки суукка устата өстөөх 4-тэ саба түһүүтүн туораппыта. Родимир тус бэйэтэ 27 утарылаһааччыны суох оҥорбута, оттон сэбилэнии мөлтөөн эрдэҕинэ миинэлээх хонуунан этэҥҥэ тиийэн, көмө көрдөспүтэ. Кини дьулуурун уонна тулуурун көмөтүнэн, штурмовой бөлөх бойобуой сорудаҕы толорору уонна позицияларын тутары ситиспитэ.

Родимир Максимованы кытта «Кыһыл көмүс Сулуһу» өссө Саха сириттэн 8 киһи ылла. Арассыыйа Дьоруойдарынан Игорь Юргин, Николай Соболев, Александр Колесов, Филипп Евсеев, Алексей Неустроев, Дмитрий Егоров, Дмитрий Куценко уонна Николай Евдокимов буоллулар.

+1
18
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -22°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: