«Родники.Дети» музыкальнай куонкурус ахсынньы 1 күнүгэр диэри сайаапкалары ылар
«Родники.Дети» музыкальнай куонкуруска сайаапкалары биэрии сарсын түмүктэнэр. Сайаапкалары ылыы сэтинньи 1 күнүгэр диэри: родники.дети сайт нөҥүө ыытыллыа диэн СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«7-тэн 17-гэр диэри саастаах оҕолор толорууларыгар уонна араас саастаах оҕоҕо анаан ырыа айааччылар ортолоругар иккис айар муусука күрэҕэ балаҕан ыйын 16 күнүгэр саҕаламмыта. Куонкурус нууччалыы тылынан эбэтэр дойду атын норуоттарын тылынан Арассыыйа култуурунай нэһилиэстибэтин үрдэтэр сыалтан оҕолор уонна оҕо ырыаларынан айааччылары буларга уонна тарҕатарга туһуланар», — диэн уус-уран салайааччы, бырайыак ааптара уонна идеолога, РФ норуодунай артыыһа Олег Газманов эттэ.
Жюри састаабыгар Арассыыйа үтүөлээх артыыһа Зара, биллиилээх мусукаан Саша ST уонна да атын муусука диэйэтэллэрэ киирдилэр.
«Родники.Дети» бастакы куонкуруска дойду үгүс эрэгийиэннэриттэн кыттыбыттара. Куонкуруска 56 эрэгийиэнтэн 800-тэн тахса сайаапка киирбитэ. Ол иһигэр Крымтан, ЛНР-тан уонна ДНР-тан киирбиттэрэ. Олортон саамай элбэх, 466 үлэ «Исполнитель» номинацияҕа бэриллибитэ. «Родники.Дети» национальнай бырайыак финала Москваҕа «Вегас Сити Холлга» ыытыллыбыта. Саалаҕа олорор көрөөччүлэри таһынан Вконтакте ситиминэн 244 тыһыынча киһи быһа эпииринэн кэнсиэр көрбүтэ.
Быйылгы куонкурус туһунан иһитиннэрии матырыйаалларын бу сигэнэн киирэн билсиэххэ сөп: https://disk.yandex.ru/d/j4Ebtml1oo2m9w.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: