«Родники.Дети» музыкальнай куонкурус ахсынньы 1 күнүгэр диэри сайаапкалары ылар

Share

«Родники.Дети» музыкальнай куонкуруска сайаапкалары биэрии сарсын түмүктэнэр. Сайаапкалары ылыы сэтинньи 1 күнүгэр диэри: родники.дети сайт нөҥүө ыытыллыа диэн СӨ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«7-тэн 17-гэр диэри саастаах оҕолор толорууларыгар уонна  араас саастаах оҕоҕо анаан ырыа айааччылар ортолоругар иккис айар муусука күрэҕэ балаҕан ыйын 16 күнүгэр саҕаламмыта. Куонкурус нууччалыы тылынан эбэтэр дойду атын норуоттарын тылынан Арассыыйа култуурунай нэһилиэстибэтин үрдэтэр сыалтан оҕолор уонна оҕо ырыаларынан айааччылары буларга уонна тарҕатарга туһуланар», — диэн уус-уран салайааччы, бырайыак ааптара уонна идеолога, РФ норуодунай артыыһа Олег Газманов эттэ.

Жюри састаабыгар Арассыыйа үтүөлээх артыыһа Зара, биллиилээх мусукаан Саша ST уонна да атын муусука диэйэтэллэрэ киирдилэр.

«Родники.Дети» бастакы куонкуруска дойду үгүс эрэгийиэннэриттэн кыттыбыттара. Куонкуруска 56 эрэгийиэнтэн 800-тэн тахса сайаапка киирбитэ. Ол иһигэр Крымтан, ЛНР-тан уонна ДНР-тан киирбиттэрэ. Олортон саамай элбэх, 466 үлэ «Исполнитель» номинацияҕа бэриллибитэ. «Родники.Дети» национальнай бырайыак финала Москваҕа «Вегас Сити Холлга» ыытыллыбыта. Саалаҕа олорор көрөөччүлэри таһынан Вконтакте ситиминэн 244 тыһыынча киһи быһа эпииринэн кэнсиэр көрбүтэ.

Быйылгы куонкурус туһунан иһитиннэрии матырыйаалларын бу сигэнэн киирэн билсиэххэ сөп: https://disk.yandex.ru/d/j4Ebtml1oo2m9w.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Хомус туһунан сэдэх чахчылар

Аан дойдуга соҕотох Хомус түмэлин пуондатыгар араас дойду 1882 муусукаҕа үстүрүмүөннэрэ хараллан сыталлар. Итинтэн 1744-дэ…

49 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Сииттэҕэ олоҥхону оройуттан туталлар

Сииттэ нэһилиэгэр олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн "Олоҥхо төрдө - олоххо" диэн алын кылаас оҕолоругар…

1 час ago
  • Бэрээдэк

Түөкүттэр учууталы уонна преподаватели хас да мөлүйүөҥҥэ албыннаабыттар

ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын Дьокуускайдааҕы 4-с №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар 65 саастаах учуутал үҥсүү суруйбут.…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Биир күн түөрт аадырыска баһыылка барда

Кэбээйи волонтердара түөрт сиргэ аадырыстаан баһыылка оҥордулар. Ол курдук байыаннай дьайыыга ыытарга анаан, бурдук ас…

2 часа ago
  • Сонуннар

Чокуурдаахха «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаны туруордулар

Аллайыаха улууһун Чокуурдаах бөһүөлэгэр күн аайы араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ааспыт Олоҥхо күнүн чэрчитинэн бэҕэһээ олохтоохтор…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Массыына кыһын тоҕо умайарый?

Кэнники сылларга Саха сиригэр кыһыҥҥы тымныыларга массыына умайыыта элбиир буолла. Сотору-сотору иһитиннэрии тахсар. Үгүстүк массыыналар…

2 часа ago