Роман Дмитриев үбүлүөйүгэр анаммыт тэрээһиннэр саҕаланнылар

Share

Д. К. Сивцев- Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар бэҕэһээ, кулун тутар 7 күнүгэр, Саха сириттэн бастакы Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Михайлович Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах Саха сирин уопсастыбаннаһын түмсүүтэ буолла.

Саха сирин Бырабыыталыстыбатын аатыттан өрөспүүбүлүкэ премьер-миниистирэ Кирилл Бычков тыл эттэ.Кини Саха сирин бастакы Олимпийскай чөмпүйүөнэ Роман Михайлович Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылын көрсөр үбүлүөй Саха успуордугар эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннай уонна культурнай олоҕор уопсайынан улахан суолталаах даата буоларын тоһоҕолоон эттэ.

«Бастакы олимпийскай чөмпүйүөн — Саха сиригэр уос номоҕо буолан, умнубакка кэпсиир киэн туттуубут. Биллэн турар, эдэр спортсменнарга, ыччаппытыгар, ааспыт кэм өрөгөйө улахан суолталаах, бу ситиһии күн бүгүн улуу холобур. Биһиги бу кыайыыны урукку репортажтары көрөн өйдүү, саныы сылдьабыт. Спортсменнарга Олимп чыпчаалыгар дабайыы муҥутуур кыайыы мэктиэтэ. Бу курдук ситиһиилэр үйэлэргэ хаалаллар».

Үөрүүлээх мунньахха Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев, Тустуу федерациятын дириэктэрэ Роман Гайдуков, Олимпийскай чөмпүйүөн Павел Пинигин, Роман Михайлович кэргэнэ Антонина Дмитриева тыл эттилэр.

Саха сирин бастакы Олимпийскай чөмпүйүөнүгэр ананар киинэ туһунан кэпсээтилэр. Эдьигээн улууһун «Чолигда» тыйаатыра кини олоҕун туһунан испэктээк туруорбутун көрдөрдө.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

57 минут ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

16 часов ago