1972 сыллаахха Мюнхеҥҥэ буолбут олимпиада чөмпүйүөнэ, 1976 сыллаахха Монреальга буолбут олимпиада үрүҥ көмүс мэтээлин хаһаайына, аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ, ССРС алта төгүллээх чөмпүйүөнэ Роман Дмитриев туһунан «Мои тетради» диэн саҥа кинигэ күн сирин көрдө. Бу кинигэ чөмпүйүөн күннүктэриттэн таҥыллан оҥоһуллубут, кини оҕо, эдэр сааһын туһунан сырдатар.
Кинигэни сүрэхтээһин Национальнай бибилэтиэкэҕэ буолла. Роман Михайлович кэргэнэ Антонина Дмитриева кини күннүктэрин тылбаастаан, иккис кинигэни таһаартарда. Бастакы кинигэ «Наука побеждать» диэн этэ. 2013 сыллаахха Роман Дмитриев ахтыыларынан таҥыллан тахсыбыта.
Кулун тутар 5-11 күннэригэр Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Роман Михайлович Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылынан үбүлүөйдээх тэрээһиннэр буола тураллар.
Чөмпүйүөн төрөөбүт күнүгэр — кулун тутар 7 күнүгэр Комсомольскай болуоссакка Роман Дмитриев пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэрэ-туома ыытыллыаҕа. Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар улуу тустуук олоҕун сырдатар «Сулус буолан умайдын» диэн испэктээги көрдөрүөхтэрэ.
Кулун тутар 8-10 күннэригэр олимпийскай чөмпүйүөн кэриэһигэр юниордарга ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии буолуоҕа.
Роман Михайлович Дмитриев 1949 сыл кулун тутар 7 күнүгэр Эдьигээн оройуоунун Бэстээх сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Кини саха тустуутун аар-саарга аатырдыбыт киһи, сахалартан бастакы олимпийскай чөмпүйүөн буолар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…