Роман Дмитриев турнира үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна

Роман Дмитриев турнира үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна

Ааптар:
11.03.2023, 21:14
Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев турнира.
Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев турнира.
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ, СИА
Бөлөххө киир:

Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев сырдык аатыгар норуоттар икки ардыларынааҕы турнир саҕаланна.

Бүгүн, кулун тутар 11 күнүгэр, Дьокуускайга «Триумф» успуорт киинигэр олимпийскай чөмпүйүөн, ССРС успуорка үтүөлээх маастара, ССРС, Арассыыйа үтүөлээх тириэньэрэ Роман Михайлович Дмитриев сырдык аатыгар үтүө үгэскэ кубулуйбут норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустууга турнир үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна.

«Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии өйгө-санааҕа иҥэригэр эрэнэбит. Эһигиттэн үксүгүт сотору кэминэн успуорка аан дойдуга ситиһиилэниэххит, ааттаах-суоллаах улахан спортивнай наҕараадалары тутуоххут диэн эрэлбит улахан.  Успуордунан дьарыктанар киһи буһан-хатан, ситэн-хотон тахсар, күүһүрэр-уоҕурар, тулуурдаах, сыаллаах-соруктаах уонна онно дьулуһар буолар. Биһиги бу хаачыстыбалар эһиэхэ инникитин олоххутугар ситиһиилээх буоларгытыгар көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэнэбит«, — диэн эттэ Ил Дархан Айсен Николаев күрэхтэһии кыттыылаахтарыгар туһаайан.

Мария Васильева хаартыскаларга түһэриитэ, СИА

СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Саха сирин дьоно-сэргэтэ Роман Дмитриевы истиҥник-иһирэхтик ахталларын-саныылларын, өрөспүүбүлүкэ олимпийскай чөмпүйүөн аатын үйэтитэргэ сыаллаах-соруктаах үлэни салгыырын бэлиэтээтэ.

«Ил Дархан сорудаҕынан эһиил Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэри ыытыыга бэлэмнэнии барар. Үбүлүөйдээх сылга биир улахан бэлиэнэн, олимпийскай чөмпүйүөн төрөөбүт сиригэр, Эдьигээҥҥэ, элбэх хайысханы толорор усупорт комплекса тутуллан үлэҕэ киллэриллиэхтээх«, — диэтэ киэҥ уораҕайга мустубут ыалдьыттарга туһаайан Сергей Местников.

РФ успуорка министиэристибэтигэр сүүмэрдэммит хамаандалары бэлэмниир успуорт киинин салайар Александр Кызласов бары спортсменнарга тустуу бырааһынньыгын өйөөбүттэригэр махтанна.

РФ Успуорка министиэристибэтин аатыттан спортивнай тустууну сайыннарыы уонна киэҥник тарҕатыы, биллэрии иһин, СӨ Физическэй култуураҕа уонна успуорка миниистиригэр Леонид Спиридоновка, РФ успуорка үтүөлээх маастарыгар, аан дойду чөмпүйэнээтин призеругар Александр Контоевка махтал суруктар дохсун ытыс тыаһыгар доҕуһуолланан туттарылыннылар.

2008 с. олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара, кыргыттарга көҥүл тустууга РФ ыстаарсай тириэньэрэ Алена Карташова турнир сайдан иһэригэр баҕарда уонна төрөппүттэр кыргыттарын успуорт бу көрүҥүнэн дьарыктаналларыгар куттаммакка биэрэллэригэр ыҥырда.

«Быйыл күрэхтэһиигэ кыргыттар аан бастаан кыттыыны ылаллар. Бу өрөспүүбүлүкэҕэ кыргыттар көҥүл тустуунан дьарыктаналларыгар тирэх буолуо. Хотугу сиргэ кыргыттар  күүстээх, кытаанах санаалаахтар, тулуурдаахтар, тымныы усулуобуйаҕа үөрэммиттэр. Турнир бары кыттааччыларыгар сыаллаах-соруктаах буолалларыгар уонна онно дьулуһалларыгар баҕарабын«, — диэтэ олимпийскай чөмпүйүөн кэргэнэ Антонина Дмитриева, түмүккэ Роман Дмитриев үтүө аатын үйэтитиигэ үлэлэһэр дьоҥҥо махтанна.

Күрэхтэһиигэ 2003-2005 с.т. 260 спортсмен Азербайджантан, Арменияттан, Белоруссияттан, Грецияттан, Индияттан, Ирантан, Казахстантан, Кыргызстантан, Монголияттан, Узбекистантан, Таджикистантан, Молдоваттан, Арассыыйаттан, дойду юниордарга сүүмэрдэммит хамаандатын киллэрэн туран, кытталлар.

Уон сыл устата ыытыллыбыт күрэскэ аан бастаан Арассыыйаттан, Азербайджантан, Узбекистантан, Кыргызстантан, Монголияттан, Белоруссияттан, Грецияттан 83 кыыс кыттар.

Бүгүн юниордарга — 57, 65, 74, 86, 97 кг, юниоркаларга – 50, 55, 59, 65, 72 кг ыйааһыҥҥа кыайыылаахтар уонна призердар биллиэхтэрэ.

Роман Дмитриев сырдык аатыгар юниордарга Бүтүн Арассыыйатааҕы I турнир Мииринэйгэ 2011 сыллаахха ыытыллыбыта.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: